Уолба нэһилиэгэр “Төрөөбүт тыл” дэкээдэтин чэрчитинэн “Мультктары сахалыы саҥардабыт” диэн тэрээһин буолла. Бу күрэҕи Игнатий Слепцов аатынан Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар. Биһиги оскуола оҕолоро кылааһынан кыттыыны ыллыбыт. Ол курдук, барыта сэттэ кылаас араас советскай кэминээҕи нуучча мультиктарын бэйэбит сахалыы тылбаастаан дьон дьүүлүгэр таһаардыбыт. Күрэх түмүгүнэн, кыайыылаахтарынан буоллулар: 3 кылаас оҕолоро, салайааччы Гаврильева Элеонора Ильинична, “Араас көлүөһэлэр” диэн мультигы тылбаастаабыттар уонна 4-с кылаас үөрэнээччилэрэ, салайааччы Рахлеева Саргылана Петровна, “Чебурашка. Бырааһынньык абылаҥа” мультигы сахалыы саҥартылар. Итиэннэ, “Баҕарбаччай”, “Карлсон уонна Малыш”, “Дядя Миша” диэн мультиктар тылбаастаннылар.
Биһиги, VIII кылаастар, улахан кылаас бөлөҕөр бастакы миэстэни ылан үөрүүбүт муҥура суох. Кылааһынан “Дьэдьэннээх ардах” мультигы тылбаастаабыппыт. Тылбаастыыр диэн олус ыарахан ол эрээри олус интэриэһинэй буолар эбит. Элбэх да мультигы көрбүппүт. Хас биирдии герой саҥатын тус-туспа диктофоҥҥа устубуппут уонна видео монтажтыыр сыһыарыы көмөтүнэн уларытан мультикка туруоран биэбиппит.
Түмүккэ бары бииргэ түмсэн мультиктары улахан экраҥҥа көрбүппүт.
Маннык өссө сонун тэрээһиннэр ыытылланнар дьону түмэллэр, кыайыыга кынаттыыллар. Сэбиэскэй мультиктар оҕону үтүө майгыга, сиэрдээх буоларга үөрэтэр ис хоһоонноохторун бэлиэтээтибит.
Сидорова Сайыына, Уолба орто оскуолата
“Ил Ситим” медиацентр кэрэспэдиэньэ.