Тохсунньу ыйтан саҕалаан Мукучуга А.Д.Макарова аатынан култуура кэллиэһин устудьуоннара быраактыканы бара сылдьаллар. Олунньу 17 күнүгэр “Дайан” сынньалаҥ киинигэр үҥкүү салаатын IV куурсун устудьуона Алексей Павлов отчуоттуур кэнсиэрэ буолан ааста.
Алексей Аркадьевич Павлов Чурапчы ыччата, кыра эрдэҕиттэн үҥкүүнэн дьарыктаммыт, үҥкүүлүүрүн туохтааҕар да ордорор. Быраактыкатын музыкальнай оскуола уопуттаах учууталыгар Самсонова В.И. олорон ааспыт. Аҕа саастаах педагог уонна эдэркээн уол бэркэ тапсыбыттар. Эбээ уонна сиэн оҕо истиҥ сыһыана үөскээбит. Мукучуну олус сөбүлээбит, бары кэпсэтэ, көмөлөһө сатыыллар диэн. Миэстэ таҕыстаҕына үлэлии кэлиэн да саныыр эбит.
Кэнсиэркэ оҕолор “Эрчим”, улахан дьон “Тэтим”, “Уруйдаана”, (салайааччы О.А.Иванова), “Сайдыына”(салайааччы Е.И.Иванова) үҥкүү ансамбыллара кытыннылар. Биирдиилээн ырыаһыттар С.Гуляев, А.Яковлев, А.Макарова, С.Гоголев ыллаатылар .
Алексей Павлов бэйэтэ калмыцкай үҥкүүнү чаҕылхайдык толордо. XI кылаас үөрэнээччитэ Степа Гоголевтыын грузинскай лезгинканы бэркэ үҥкүүлээтилэр.
Үҥкүү бөлөхтөрө бары саҥа үҥкүү үөрэппиттэр, саҥа көстүүмнэри тиктибиттэр. Ол курдук “Эрчимнэр” – тувинскай, “Тэтимнэр”- Алтайскай, “Уруйдааналар” — Восточнай, “Сайдыыналар” – Сааскы үҥкүүлэрэ олус сэргэхтэр, чаҕылхайдар.
Концерды култуура кэллиэһин устудьуона, бэйэбит уолбут Сергей Гаврильев иилээн-саҕалаан, интервью ылан олох аныгытык ыытта. Түмүккэ, Алексей Павлов быраактыкатын барарыгар күүс-көмө буолбут — Оҕо музыкальнай оскуолатыгар, “Дайан” сынньалаҥ киинигэр, үҥкүүһүт оҕолорго, кинини олордубут Самсонова В.И. махтанна.
Көрбүт дьон бары астынан, сэргэхсийэн тарҕастыбыт.
Биһиги эмиэ, аҕыйах кэмҥэ да буоллар алтыһан ааспыт уолбутугар Алексей Павловка, үҥкүүнү туруорууга сонун сүүрээни киллэрбитигэр, бэйэтин талаанын көрдөрбүтүгэр ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Айар үлэҥ өссө ситиһиилээх, айымньылаах буоллун!
“Арылы” пресс-бөлөх,
Кэбээйи.Мукучу.