Хас биирдии киһиэхэ оскуола өйдөбүлэ дириҥ суолталаах. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэр хаһан да умнуллубаттар, киһи өйүттэн-санаатыттан суураллыбаттар. Оскуолаҕа киһи олох киэҥ аартыгар үктэнэргэ бэлэмнэнэр биир сүрүн кэрдиис кэми ааһар.
Алтынньы 22 күнүгэр нэһилиэкпитигэр миитин буолан ааста. Дьон-сэргэ саҥа оскуола тутуута көспүтүттэн, оҕолор кэлэр үөрэх дьылыгар ханна үөрэнэллэриттэн долгуйууларын эттилэр, кыһалҕаларын үллэһиннилэр. Оскуола оҕолоро да туора турбатылар. Эһиги болҕомтоҕутугар үөлээннээхтэрим санааларын тиэрдэбин.
И.Е.Левин аатынан Танара орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччилэрэ: “Оҕо буоларбыт быһыытынан, сүүрүөхпүтүн-көтүөхпүтүн, араас тэрээһиннэри ыытыахпытын баҕарбыппыт, кыаллыбат”.
Гордей Павлов:
— Биһиэхэ тутуллуо диэн эппиттэрэ номнуо ыраатта да, баччааҥҥа диэри тутулла илик. Үөрэнэрбитигэр олус элбэх кыһалҕаны көрсөбүт. Тутулларын олох эрдэттэн итэҕэйбэтэҕим.
Афоня Григорьев:
— Тутуллуо диэн олох ис сүрэхпиттэн эрэммитим. Аны оскуола, олох даҕаны, сабыллыа дииллэр да, итэҕэйбэппин. Оннук буолар түгэнигэр оҕолор атын нэһилиэктэргэ баран үөрэнэллэригэр тиийэллэр. Оччоҕо оҕолорго, төрөппүттэргэ даҕаны, олорор сиртэн саҕалаан, улахан кыһалҕа туруо. Эбэтэр хайдах буолалларый? Дэриэбинэттэн кэлэ-бара үөрэнэллэр дуу? Ол иһин оскуола сабыллара ку-һа-ҕан!
Ваня Абрамов:
— Оскуола мин олохпор суолтата? Оскуолата суох — олох суох. Туох барыта оскуолаттан саҕаланар. Оскуола диэн билии, инники кэскилбит буоллаҕа дии. Оскуолабыт тутуллуо диэн эрэнэ сылдьыбыппыт, онтубут баара, саҥа тутуллуоҕун оннугар, эргэбит да эһиил сабыллар буолбут.
Ваня Софронеев:
— Билигин үөрэнэр усулуобуйабыт олус куһаҕан, санитарнай нуормаҕа сөп түбэспэт, кыараҕас, тымныы. Оҕо буоларбыт быһыытынан, сүүрүөхпүтүн-көтүөхпүтүн, араас тэрээһиннэри ыытыахпытын, дьоҕурбутун сайыннарыахпытын баҕарабыт, ол биһиэхэ кыаллыбат.
Айаал Яковлев:
— Мин быйыл оскуоланы бүтэрээри сылдьабын. Хомойорум диэн, саҥа оскуолаҕа үөрэммэтим. Атын оскуола оҕолорун кытары билсиһиэхпитин-көрсүһүөхпүтүн баҕарарбыт да, кыараҕас, эргэ оскуолалаах буолан, атын сир оҕолорун ыҥырбаппыт даҕаны. Онтон эмиэ хомойобун. Биһиги кэннибититтэн үөрэнэр оҕолор саҥа, сырдык, ыраас оскуолаҕа үөрэниэхтэрэ диэн баҕара эрэ хаалар буоллахпыт…
Мукучу гимназиятын XI кылааһын үөрэнээччилэрэ: “Саҥа киэҥ-куоҥ оскуолаҕа үөрэниэхпит диэн эрэммиппит..”
Эльмира Павлова:
— Оскуолата суох үөрэнэр олус ыарахан. Биһиги, гимназия оҕолоро, үс сиринэн үөрэнэ олоробут. Ол кэлиибит-барыыбыт элбэх бириэмэни ылар, салгыы буолар уруокка хойутуубут. Дьиҥинэн билигин биһиэхэ, XI кылаастарга, саамай эппиэтинэстээх кэмнэр буола тураллар.
Кэрэчээнэ Иванова:
— Оскуолабыт тутуллубата олус хомолтолоох. Биһиги саҥа ыраас, киэҥ-куоҥ оскуолаҕа үөрэнэн бүтэриэхпит диэн эрэммиппит, кэтэспиппит. Онтубут ханна баарый?! Дьиэттэн дьиэҕэ көһө сылдьан үөрэнээхтиибит. Кыараҕас кылааска үөрэнэрбит олус куһаҕан. Учууталларга эмиэ олус ыарахан.
Петя Эверстов:
— «Саҥа оскуола 2019 сылга үлэҕэ киириэ, эһиги бастакы бүтэрээччилэр буолуоххут”, — диэбиттэрэ. Ол ханна баарый? Эппиэтинэстээх дьон тоҕо тылларыгар турбаттарый? Тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх сиргэ оскуола тоҕо тутуллубатый?
Ааптар: Василина Михайлова, XI кылаас,
Мукучу гимназията, Кэбээйи.