Быйыл Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар, Кэбээйибит улууһа төрүттэммитэ 85 сылыгар, Мукучуга төрүт көрүҥнэргэ спортивнай оскуола төрүттэммитэ 10 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһинигэр ахсынньы 3 күнүгэр Хапсаҕай түһүлгэтигэр ыраахтан-чугастан ыалдьыттар тоҕуорустулар.
Ол курдук “Саха-Азия оҕолоро” спартакиадатыгар кыттар 2008, 2009, 2010 сыллаах төрүөх уолаттар күөн көрсүһүүлэригэр Кэбээйи Мастааҕыттан, ыаллыы Бүлүү улууһун Лөкөчөөнүттэн, Тааһаҕарыттан, Тыымпытыттан хапсаҕайдьыттар кэллилэр. Күрэхтэһии Кэбээйи улууһа МТ бирииһигэр ыытылынна. Кылаабынай судьуйанан атах оонньуутугар СӨ спордун маастара П.Е. Николаев үлэлээтэ. Бу оскуола 10 сыллааҕыта бастыҥ хапсаҕайдьыттары бэлэмниир, хапсаҕайга СӨ спордун маастара, СӨ үтүөлээх тренерэ Михаил Васильевич Ивановка тирэҕирэн тэриллибитэ. Арочнай спортзал уонна авиапорт дьиэлэрин тупсаран оҥоруу улуус баһылыга Терехов С.И. өйөбүлүнэн тутуллубута. 10 сыл устата үлэ саамай сүрүн өттүн эттэххэ:
2015 с. — өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгынан хапсаҕай түһүлгэтэ дьэндэйбитэ.
2016 с. — 15 миэстэлээх интернат арыллыбыта.
10 сыл устата 10 өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһии ыытыллынна.
Кэбээйи улууһа Манчаары оонньууларыгар 2013, 2017 сылларга бөлөҕөр бастаабыта, 2021 сылга 2 миэстэҕэ тахсыбыта. Бу улууспутугар саха төрүт көрүҥнэрэ сайдыбытын дьиҥнээх туоһута буолар. Онуоха Мукучу оскуолатын оруола эмиэ улахан. Спортивнай оскуола 9 СӨ спордун маастарын иитэн таһаарда. Манна эрчиллэр оҕолор чуолаан хапсаҕайга Аан дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэртэн кыайыы көтөллөөх кэлэн бар дьоннорун үөрдэллэр.
М.В. Иванов директордаах билигин оскуола сүһүөҕэр турда. Директоры солбуйааччынан эдэр педагог Григорьева К.Д., методиһынан уопуттаах учуутал Иванова С.Н. үлэлииллэр. Үлэлэрин хайысхатын саҥа булунан эрэр эдэр, кэскиллээх тренердэр бааллар.
Күн бастакы аҥарыгар судьуйалар кылгас сүбэ мунньахтарын кэнниттэн хапсыһыылар саҕаланнылар. Күн иккис аҥарыгар күрэхтэһии кыайыылаахтарын параада буолла. Россия, Саха сирин, Кэбээйи улууһун былаахтарын быйыл Владивостокка ыытыллыбыт “Саха – Азия оҕолоро” спартакиада хапсаҕайга чепиона Слава Ноговицын, И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын 2022 с. бүтэрээччи, элбэх республиканскай турнирдар кыайыылаахтара уонна призердара Сергей Николаев, өрөспүүбүлүкэ чемпиона Олег Кононов таһаардылар. Күрэхтэһии сахалыы сиэринэн “Бэдэр” спортивнай кулууп төрүттээчитэ, хапсаҕайга спорт маастара, Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ И.В. Новиков алгыһынан арылынна.
Хапсаҕайдьыттар ситиһиилэрин сиһилии боротокуолтан көрүөххэ сөп.
Онтон күрэхтэһии Аан Дархан аатын Мукучу гимназиятын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Марк Куличкин бары утарсааччыларын ыраастык кыайан ылла.
Ыҥырыыны ылынан кэлбит ыалдьыт хамаандалар тренердэринэн бэлиэтиибит: Лөкөчөөн, тренер – Яковлев Евгений Андреевич, Тааһаҕар, тренер – Иванов Евгений Алексеевич, Тыымпы, тренер – СӨ физическэй культураҕа уонна спортка туйгуна – Иннокентьев Василий Александрович. Мастаахтан бары киэн туттар мадьыныбыт, спорт маастара Николай Николаевич Иванов.
Бүлүү уотун ситимин Мукучутааҕы филиалын салайааччыта Павлов Прокопий Николаевич түмэн “Бэдэр” хапсаҕай кулуубун бастакы выпускниктара спорт оскуолаҕа харчынан бэлэх туттардылар. Араас сылларга спортоскуоланы 10 сыл устата дьарыктанан бүтэрбит оҕолор тренажер бэлэхтээтилэр, “Инникилээх тустуук” диэн анал номинация олохтоотулар. Маны таһынан бастыҥ хапсаҕайдьыттарга “Кыайыыга дьулуурун иһин”- Яковлев Давид (Лөкөчөөн), “Түргэн кыайыы”- Афанасьев Эдик (Мукучу), “Бастыҥ техника”- Кононов Олег (Мукучу), “Көрөөччү биһирэбилэ”- Иннокентьев Эрсан (Тыымпы) – диэн анал ааттар туттарылыннылар. Эрдэ олохтон туораабыт кэскиллээх ыччаппыт Гуляев Айтал аатынан премияны аҕата Семен Алексеевич Гуляев Прокопьев Тимур диэн Тааһаҕар бөҕөһүгэр туттарда. Нэһилиэк бары тэрилтэлэрэ: Танара оскуолата, гимназия, балыыһа, оҕо уһуйаана, модельнай библиотека уонна ИТ-киин спорт оскуола 10 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлэрин эттилэр, бэлэхтэрин туттардылар.
Улуус баһылыгын солбуйааччы А.С. Сивцев 100 тыһыынчалаах сертификаты туттарда. Улуус үөрэҕин управлениетын салайааччыта Неустроева И.М. бу спортоскуола 10 сыллаах үбүлүөйэ, өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүгэр түбэспитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна пьедестал үрдүкү чыпчаалыгар куруутун Кэбээйи спортсменнара турдуннар диэн алҕаата. Мукучу нэһилиэгин баһылыга Левин Н.И. спорт оскуолаҕа 30 тыһ., интернакка 50 тыһ. сертификаттары туттарда.
Бу үөрүүлээх тэрээһини сэргэ интернат саҥа дьиэтин арыйыы сиэрэ-туома ыытылынна. Кэбээйи улууһун дьаһалтатын, Мукучу нэһилиэгин көҕүлээһининэн итиэннэ “Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ” диэн санаанан салайтаран спортоскуола уонна Танара оскуолатын эр дьонун субуотунньуктарын күүһүнэн 1 ый иһинэн 2 эргэ дьиэни көтүрэн, холбуу тутан интернат дьиэтин тутан таһаарбыттара
Ол кэннэ урбаанньыт Иван Иванович Кононов ылынан, нэһилиэк бастыҥ ууһа Сидоров Павел Иванович салайааччылаах тутуу биригээдэтэ 2 аҥар ый иһигэр ис оҥоһуутун оҥорон бүтэрбиттэрэ.
Бу күннэргэ 15 миэстэлээх интернакка оҕолорбутун олохтоон, үөрүүбүт үксээтэ! Быйылгы үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан 3 ый кэриҥэ оҕолорбут ыалларынан тарҕаһан олорбуттара. Оҕолору олохтообут Мукучу сайаҕас ыалларыгар махтал бастыҥа этилиннэ.
Интернакка олорор оҕолор төрөппүттэрэ бары кыттыһан баҕа өттүлэринэн автомат-таҥас сууйар массыына бэлэхтээтилэр. Урут бэйэтэ эмиэ Баҕадьаттан кэлэн интернакка олорон үөрэммит, төрөппүт Кононов Николай Петрович оҕото бэртээхэй усулуобуйаҕа, ыраас, сылаас дьиэҕэ олороруттан үөрэрин уонна кинини эмиэ кыратыгар көрбүт иитээччитэ Кычкина Мария Павловна баарыттан астынарын эттэ.
Онон төрүт көрүҥнэринэн дьарыктанарга, олорорго усулуобуйа барыта баар буолла. Тутуу тэрээһин өттө Мукучу нэһилиэгэ МТ, баһылык Сысоева А.И үлэлиир кэмигэр, кини өйөбүлүнэн саҕаламмыта. Спортоскуола директора М.В. Иванов, орто оскуола директора Е.П. Эверстов, иккиэн төрүт олохтоох дьон, үлэни сөпкө аттаран, дьону көҕүлээн тутууну ыыппыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Үп-харчы өттүн Кэбээйи улууһа МТ дьаһалтата, кэмигэр көрөн тутуу харгыһа суох барбытыгар олохтоохтор төрөппүттэр бука бары махтанабыт!
Халбархай, чаҕылхай сахалыы хапсаҕай
Үйэлэргэ сайда, чэчирии, бар дьонун үөрдэ туруохтун!
Ксения Новикова, И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолата, «Арылы» пресс-бөлөх салайааччыта.