Чурапчы улууһугар XIX төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка бастакы күнүгэр Чурапчы, Мугудай, Одьулуун, Болтоҥо, Мындаҕаайы үөрэх тэрилтэлэринэн «Образование в селе – 2030: доступность, качество, эффективность, благополучие стабильность» тиэмэлээх үөрэҕирии хайысхалара ыытылыннылар. Ол курдук, Мугудай нэһилиэгин Д.Д Красильников Мугудай орто оскуолатыгар «Сельская социальная среда как педагогический фактор» диэн хайысхаҕа кыттааччылар бөлөҕүнэн үлэлээтилэр.
Педдьаарбаҥкаҕа кэлбит ыалдьыттар, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, сүрүннээн оскуола уонна оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ, общественнай деятеллэр бөлөхтөргө арахсан, Мугудай нэһилиэк быһаарыыга турар соруктарын түөрт хайысханан биир сылынан олоххо киирэр бырайыактары көмүскээтилэр:
1. Оҕо, ыччат сайдыытыгар эйгэни үөскэтии.
2. Социальнай институттар хардарыта дьайсан, үөрэнээччилэр дэгиттэр сатабылларын сайыннарар эйгэлэрин кэҥэтии.
3. Дьиэ кэргэн иитэр үлэтин сайыннарар саҥа ньыма.
4. Оҕоҕо сиэрдээх майгыны түстээһин, дойдуга тапталы иҥэрии технологията.
Тэрээһин арыллыытыгар Николай Иннокентьевич Аммосов, Мугудай нэһилиэгин баһылыга, педагогическай дьаарбаҥка кыттааччыларын эҕэрдэлээтэ уонна нэһилиэгин туһунан билиһиннэрдэ:
«Оскуолабытын быйыл 64 оҕо бүтэрдэ. Нэһилиэкпит сүрүн кыһалҕата оҕо ахсаана сыллата аҕыйаан иһэрэ буолар. Ол эбэтэр үлэ миэстэтэ суох буолан, ыччат тыа сиригэр олохсуйбат. Нэһилиэнньэбит саамай элбии сылдьыбыт ахсаана Сэбиэскэй кэмҥэ 1000 тахса сылдьыбыта. Билигин аччаан, 871 киһи олохсуйан олорор. Онон биһиги сыалбыт-сорукпут диэн оҕолорбут нэһилиэктэригэр, улуустарыгар, өрөспүүбүлүкэлэригэр патриот санаалаах улаатан тахсалларыгар иитии уонна бэйэлэрин булалларыгар сөптөөх хайысханы биэрии».
Бөлөхтөр олус суолталаах, интэриэһинэй бырайыактары көрдөрдүлэр. «Өбүгэбит омоон суолунан» диэн барайыагы көмүскээбит бастакы бөлөх кыайыылааҕынан таҕыста. Бу бырайыак оҕолорго Мугудай нэһилиэгин ытык-бэлиэ сирдэринэн кыраайы үөрэтии сырыыларын тэрийэр сыаллаах-соруктаах. Ол курдук, былаанынан үөрэтиллэр сирдэр: Булгунньах алааһа, «Ааллаах уун» Буоратай дьаамата, Д.Д Красильников төрөөбүт алааһа, «Хатыҥ чаалыйа» Г.К.Макаров аһаҕас халлаан аннынааҕы түмүлэ, «Горькай», «Дьэҥкэрэ», «Өктөөп 20 сыла», «Бүөчээни» холкуостар. Бу бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ, оҕо төрөөбүт кыраайыгар тапталын үйэ-саас тухары илдьэ сылдьыа диэн санааны эттилэр.
Бу тэрээһинҥэ экспертинэн үлэлээбит Геннадий Игнатьевич Охлопков, С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт үрдүкү преподавателэ, бэйэтин санаатын эттэ: «Бастатан туран, Мугудай нэһилиэгин олохтоохторо тэрээһиҥҥэ интэриэстээхтэрин, көхтөөхтөрүн бэлиэтии көрдүм. Нэһилиэк дьоно хайдах үлэлээн-хамнаан олороллун билистибит. Оттон кыттааччылар бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр, араас идиэйэлэри, санаалары эттилэр. Мугудай нэһилиэгэр хайдах хайысха сөп түбэһэрин, бэриллибит түөрт кыһалҕаны хайдах хардыыларынан быһаарыахха сөбүн туһунан киэҥник кэпсэттибит. Олус үчүгэй, билиҥҥи кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр, наадалаах бырайыактары көрдүбүт. Мугудай нэһилиэгэр, оскуолатыгар, олохтоохторугар ситиһиилэри баҕарабыт. Кинилэр методическай көмөҕө, өйөбүлгэ наадыйар буоллахтарына, биһиги институтпутугар биллиэхтэрин сөп».
Снежана ВОРОНОВА