Өбүгэ төрүт үгэһин муҥханы билигин да саха дьоно киэҥник туһаналлар. Муҥха буолар сураҕын иһиттилэр да үөрэ-көтө түмсэллэр.
Мин аҕам Николай Николаевич Марков бэйэтэ бас билэр муҥхалаах. Сыл аайы нэһилиэгин дьонугар муҥха тэрийэн балыгынан аһатар.
Мин муҥхаҕа сылдьыспытым иккис, үһүс сылым буолла. Сэтинньи, ахсынньы ыйдарга өрөбүл күннэргэ анаан муҥхалааччыбыт. Сороҕор аймахтарбытыгар Арыылаахха барааччыбыт. Эбэбит күндүлээтэҕинэ сороҕор элбэх балыгы ылабыт. Сороҕор аҕыйах балыкка тиксээччибит.
Муҥхаҕа сылдьаммыт өбүгэбит төрүт үгэһин туһунан элбэҕи билэбит.
Сахалена МАРКОВА,
Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.