Күһүҥҥү муҥханы санаатым… Күнү быһа муустаах ууну оймоон, киэһэриитэ чардаат аттыгар собо үллэстээри тоҥон хоочугураһа турааччылары. Олор быыстарыгар ким-хайа иннинэ урут түһэн, сүүрдьүккэ илимэ-салама көтөөччүлэри эмиэ. Балар үлэ үгэнигэр күннээх халлааҥҥа төрүкү көстүбэтэх дьон. Бу эрээри халлаан хараҥарыыта хаһан-хантан күөрэйбиттэрэ биллибэккэ хаалааччы. Кинилэр бараххаттар күлэн-салан, үөрэн-көтөн аппыт айахтара сабыллыбатын сөҕөн да хайыаҥый, үлтү сылайан турар киһи. Саҥата суох истэн кэбиһиллэр этэ…
Күһүҥҥү муҥханы санаатым, икки ыйдаах үөрэх түмүгүн таһаара олорон. 400 тахса үөрэнээччи баарыттан сороҕу дьэ саҥардыы биллим. Баларым эйэҕэстэрэ, элэккэйдэрэ диибин диэ, дыраастый үөһэ дыраастый, аатым-суолум хаһан да минньийэ ааттамматаҕын ааттанна. Ватсаб бууккубата кытыаста кыыһынна. Төлөппүөн тыаһа биир кэм өрө кыынньан олорор. Итинтэн эбээ, мантан маама, аннараттан аҕа, үөрэнээччини сирэйдиир учуутал биир кэм мэктиэ киэнэ бастыҥын, өйөбүл киэнэ үтүөтүн этии-тыыныы бөҕөтө. Биэстэ биэр, түөркүн төттөрү ыл, үскүн киэр гын дэһэ сүбэни-аманы үөһэттэн-аллараттан үтүү да үтүү, анньыы да анньыы. Арай үлэһит үөрэнээччилэрим эрэ ылы-чыптар. Биир да тылы ыһыктыбакка ыар сыанаһыт, уустук үллэрии уһун уочаратыгар уку-һуку тураахтыыллар …
Күһүҥҥү муҥханы санаатым. Муҥха хараҕа туохха да туолбат дииллэрэ аһары кырдьыгыттан сүрдээхтик сонньуйа-харааста…
Анатолий Павлов — Дабыл.