Муҥха — саха дьонун үтүө үгэһэ. Былыр-былыргыттан саха киһитэ балыгынан аһаан олорбута биллэр. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр саха киһитин балык быыһаабыта диэн кэпсииллэрин истээччибин. Халлаан тымныйдаҕына, күөл мууһа киһини уйар буолла да, дьон күргүөмүнэн муҥхалыы киирэр.
Муҥха — балыгы бултуурга аналлаах тэрил. Өбүгэлэрбит муҥханы кылынан өрөн таҥаллар. Таастыганын ынах туйаҕыттан, онтон хотоҕоһун бэс мас хаптаһынтан оҥороллоро.
Булка суруллубатах сиэри-туому тутуһуохтаахпытын бары билэн туран, сэтинньи 5 күнүгэр Ороһуга Өтөхтөөх алаас күөлүгэр муҥхалаатыбыт. Хас да сыл устата Василий Васильевич Антонов, Игнат Гаврильевич Кысылбаиков салалталарынан муҥхалааһын ыытыллар.
Мин биир саастыылаах уолаттарбынаан Айыстаан Селясиновтыын, Спиридон Ивановтыын, Дамир, Дима Константиновтардыын, Владик Таныковтыын, Вадим Васильевтыын, Эрсаан Лебёдкинныын муҥхаҕа сырыттыбыт. Муҥханы таһаарар кэмнэригэр нырыылары тыаҕа таһаардыбыт, балыктаах хоппону сүөккүүр сирдэрин хаарын ыраастаатыбыт.
Балыгы түҥэтэллэригэр оҕолортон, ийэлэртэн, эбэлэртэн, кырдьаҕастартан саҕалаан түҥэтэр үтүө үгэстээхтэр. Биһиги да ити үтүө үгэһи салгыахпыт.
Муҥха ийэтиттэн тахсыбыт балыгы сыа-сым курдук баар дьон үллэстэн, үөрэн-көтөн туран Эбэбитигэр махтанан туран тарҕастыбыт.
Валерий ЛАСТОЧКИН, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.