Москва 870 сылын туолбут күнүгэр Кремль эркинин аттыгар “Зарядье” диэн саҥа паарка аһыллыбыта. Бу баараҕай, дьон сынньанарыгар аналлаах куорат килбэйэр киинигэр турар тус тупсаҕай сир, XXI үйэ ураты архитектуралаах, эриэккэс ландшафтнай моһуоннаах площадката.
“Зарядье” — дойдубут тэбэр сүрэҕэр бүтэһик 70 сылга тутуллубут саҥа, маҥнайгы, бөдөҥ паарка. Инженернэй быһаарыллыыта, киэҥэ-куоҥа көрбүт дьону сөхтөрөр. Паарка иэнэ 78 тыһыынча квадратнай миэтэрэ. Ол онтон 25,2 тыһыынча “квадрата” концертыыр саалаҕа аналлаах.
Паарка сүрүн уратыта — бары тутуулара ландшафт анныгар “саспыттар”. От күөҕэ өҥүнэн эрэ муҥурдаммакка, паарка сирин дьыл түөрт кэминэн араарбыттар: тыа, хотугу ландшафт, истиэп, күөх хонуу баар. Саҥа паарка өссө биир уратыта — мантан, “Зарядье” “көтөн иһэр муостатыттан” Москва-өрүс үрдүттэн Кремли кэрэхсии көрүөххэ сөп. Пааркаҕа дьаарбайан баран, аттракционнарга хатааһылыахха сөп. Холобур, “Машина времени”, “Полет над Россией” олорсуохха сөп.
Дьыл түөрт кэмин кэрэһилиир тупсаҕай зоналар киин куорат мегаполиһыгар тыыннаах айылҕа арыытын санаталлар. Паарка күөх өттө итиниэхэ дьүөрэлии үүнээйилэрдээх, буордаах. Паарка түһэр-тахсар рельефтээх. Холобур, Варваркаттан Москворецкай кытылын диэки түһэр. Онон “Зарядьеҕа” кэлээччилэр дойдубут кыра киэбин көрөллөр. Ол курдук, хотугу ландшафт дойдубут хотугу сирин үүнээйиилэринэн баай: манна кытыан, лабыкта, о.д.а. ыарҕалар көстөллөр. Истиэпкэ — маһа суох нэлэмэн, оттоох ньуур көстөр. Москубатааҕы “истиэпкэ” сыттаах оттор, аһылык үүнээйилэрэ, элбэх сыллаахтар бааллар. Оттон булкаас тыаҕа “Заядье” ыалдыттарын кэтит мастар, харыйалар, уу кытыытыгар үүнэр мастар, үүнээйилэр күүтэллэр. Уу ылар ходуһалара манна эмиэ баар буолуохтара. Онно икки 1,1 м. дириҥнээх уу сирин бэлэмниэхтэрэ. Хас биирдии зонаҕа анал микроклимат хааччыллыа. Ону температураны кээмэйдээн, тыалы үрдэрэн, дьиҥ сырдыгы үтүктэн, көрдөрөн хааччыйыахтара. “Зарядье” инженернэй ситимигэр үүнээйилэргэ уу кутарга диэн атын-атын кээмэйи туһаныахтара. Пааркаҕа бары үүнээйилэр булкаас олордуллуохтара. Ити экологическай өттүнэн ымпыгын-чымпыгын учуоттуурга диэн ландшафтнай архитектордар МГУ Ботаническай саадын уонна РНА Сүрүн ботаническай саадын экспертэрин ыҥырбыттар. “Зарядьеҕа” Приморье үүнээйилэрин эмиэ көрүөххэ сөп. Олору Филармония үрдүнээҕи өстүөкүлэ чарапчыларын аннынан олордубуттар. Манна 5-10 кыраадыһынан амфитеатр үрдүнэн ууруллубут инфракраснай сылытааччы уонна суолу туоруур көбүөрдэр көмөлөрүнэн таһырдьатааҕар сылаас. Сайын өстүөкүлэ дьэҥкир кырыыһатын аннынан дьон табыгастаахтык сырыттын, сананнын диэн анал идэлээхтэр кыралаан уу тыккырыыр, ыстанар, тарҕанар, итиэннэ салгылатар ньыманы туһаммыттар.
“Зарядье” пааркатын бырайыагын чэрчитинэн Москворецкай Кытылын саҥардыы үлэтэ ыытыллыбыт. Москворецкайы “күөх зонаны” кытта ситимнээбиттэр. Онон куорат олохтоохторо Москва өрүскэ быһа тиийэр кыахтаахтар. Тутааччылар Набережнайы намтаппыттар, табыгастаах түһүүлэри уонна кирилиэстэри инбэлиит дьоҥҥо эмиэ сөптөөх гына оҥорбуттар. Уу аттыгар ыалдьыттары ыскаамыйалаах, кафелардаах, рестораннардаах сынньанар сир, итиэннэ дьоҕус трамвайдар тохтуулларыгар кытыл күүтэр.
“Зарядье” Набережнайа икки үрдэллээх: үөһээ өттүгэр эриэккэс “көтөн эрэр муоста”—Москваны, Крымнааҕы муостаны уонна Быыһааччы Христ хатыламмат көстүүлэрин кэрэхсии одуулуурга аналлаах сонун сир баар. Оттон Москворецкай Набережнай сир аннынааҕы туорааһынын эмиэ туспа кэрэхсэбиллээх гыммыттар. Манна Китайгород эркиннэрин акылаатын ыалдьыттар көрөллөрүгэр табыгастаах гына оҥорбуттар. Өссө Зарядье анныттан булуллубут археологическай хаһыылар павильоннара баар. Манна сүрүн экспонаттар — археологтар булбут 43 тыһыынча үрүҥ көмүс манньыаттара, туостан Хайҕал суруктар, 3 тыһыынчаттан тахса араас туттуллар, байыаннай мал-сал көрдөрүүгэ тураллар.
Туорааһыҥҥа былыргы Москва уулуссатын төрдө көстөр. Ити уулусса дьиҥэ, уларыта тутуу кэмигэр Сталинскай үрдүк дьиэни тутар кэмҥэ сүтэн ылбыт. Ол эрээри, тиһэҕэр, Сталинскай дьиэни буолбакка, “Россия” диэн аан дойдуга улахан гостиницаны тутан дьэндэппиттэрэ. Оттон “Зарядье” пааркаҕа кэлээччилэр Китайгород эркинин тутан-хабан көрүөхтэрин, орто үйэтээҕи Москва тыынын билиэхтэрин сөп. “Зарядье” пааркаҕа баар “көтөн иһэр муоста” олус нарын, “V” буукуба курдук, уу үрдүнэн салгыҥҥа көтөн иһэри санатар чоруун тутуу. Набережнай үрдүнэн дьондойон көстөр, ол да иһин Москва өрүс үрдүнэн көтөн иһэр муостаны санатарын иһин, итинник ааттаатахтара. Бу Россияҕа соҕотох итинник эриэккэс муоста: 70 м. тирэҕэ суох консольлаах. Муостаны бетонтан, оттон киэргэтиилэрин металтан оҥорбуттар. “Көтөн иһэр” муоста тэлгээтэ — москвичтар көҥүл дьаарбайалларыгар аналлаах. Тутуулар чахчы кытаанахтар, 240 туоннаны уйар кыахтаахтар. Ол аата, 3-4 тыһыынча киһи көрөр площадкаҕа тоҕуоруһа мустуон сөп. Дьон-сэргэ харысхаллаахтык сырыттын, онно-манна ыттан дуу, ыстанан дуу сылдьыбатын диэн үрдүк хаххалар турбуттар.
8,5 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх гына “Зарядьеҕа” араас интерактивнай кыахтаах уонна аттракционнардаах медиакиин дьэндэйбит. Манна кэлэр дьону дойдубут айылҕатын, архитектуратын, кэрэ-бэлиэ сирдэрин кытта билиһиннэриэхтэрэ. Кинилэри “Полет над Россией” диэн умсулҕаннаах, “Билиҥҥи Москва” диэн култуурунай-историческай экспозиция, итиэннэ интерактивнай мусуой күүтэр. Медиакиин биир павильонугар көрөөччүлэргэ Россия култуурунай пааматынньыктарын, ураты харыстанар, историческай сирдэрин тустарынан киинэлэри көрдөрүөхтэрэ. Киинэ тыйаатырыгар үс эрээт кириэһилэлэрэ хамсыы сылдьар платформаҕа, иннин диэки иэҕиилээх экранныын ситимнээх буолуохтара. Экран быһыыта панорамнай көстүүнү бэлэхтиэ. Хас да ханааллаах улахан тыас, дорҕоон, уунан ыстарар аналлаах, тыалы-кууһу, буруону, сыты аҕалар, санатар спецэффектэр шоуну чаҕылхай, умнуллубат гына тыынныахтара. Россияҕа соҕотох цифровой цилиндрдии экраннаах уонна интерактивнай көстүүлээх медиахолл Бородинотааҕы кыргыыһыны, 1812 с. Москва умайбытын, географическай арыйыыны, наука сайдыытын ыалдьыттарга илэ көрдөрүө, Филь Сэбиэтин кыттыылааҕа да оҥорон соһутуо.
Үлэлиир кэмэ: бииринньиккэ 14:00—22:00 ч. диэри; иккинньиктэн өрөбүлгэ диэри 10:00-22:00 ч.
Бырайыак автордара: Иван уонна Мария Берёзкиннэр
Тиэкиһи Жанна Леонтьева «Зарядье» сайтыттан тылбаастаабыта