Москваҕа аан бастакы сырыым туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Бүлүү улууһун Н.И. Афанасьев аатынан Бороҕон агро хайысхалаах оскуолата Бүтүн Арассыыйатааҕы «Көмүс күһүн-2023» агропромышленнай быыстапкаҕа кыттыыны ылан, үрүҥ көмүс мэдээлинэн наҕараадаланна! Бу биһиэхэ улахан ситиһии! Биир бэйэм Москва курдук улахан куоракка сылдьан, элбэҕи да биллим, көрдүм.
Биһиги К.А. Тимирязев аатынан Российскай государственнай аграрнай университетка сырыттыбыт. Агропрофильнай үөрэхтэр тустарынан элбэҕи көрдүм, биллим. Дакылааттарбытын ааҕан көмүскээбиппит. Мин дакылаадым тиэмэтэ: «Выращивание и сортоиспытание картофеля в условиях криолитозоны Вилюйского улуса Республики Саха (Якутия)». Саха сириттэн 4 агрооскуола оҕолоро бу үрдүк таһымнаах быыстапкаҕа кыттыбыппыт: Хатас, Тулагы, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү (Чай). Уопсайа 9 үөрэнээччи кытынна.
Кылгастык кэпсээтэххэ, Москваны олус долгуйа, үөрэ көрдүм: ВДНХ, авиапарк, Москва куорат 709 №-дээх оскуолата, Кыһыл Болуоссат, «Зарядье» парк, Государственный Кремлевский дворец. Манна Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүгэр аналлаах улахан кэнсиэркэ сырыттыбыт. Тимирязевскай академияҕа экскурсия оҥорбуттара. Ботаническай саады, студеннар үөрэнэр факультеттарын, Почва музейын, лабораториялары сэргээн көрбүппүт. Наһаа үчүгэйдик биир нэдиэлэни атаардым… Москва куорат мин көрүүбүнэн олус киэҥ, кэрэ, сайдыылаах эбит.
Сайааччыларга биһигини илдьэ сылдьыбыттарыгар улахан махталбын тиэрдэбин.
Анастасия Еремеева, Бүлүү улууһун Н.И. Афанасьев аатынан Бороҕон орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.