Гражданскай сэрии Дьоруойа Кеша Алексеев аатын сүгэр Хаптаҕай орто оскуолатыгар дуобакка Тымныы Моруос оҕонньор бирииһигэр турнир буолан ааста.
Турнирга бастакы кылаастан 11 кылааска диэри баҕалаах үөрэнээччилэр кытыннылар. Турнир олимпийскай систиэмэнэн ыытылынна. Бэрт тыҥааһыннаах оонньууну информатика учуутала Ю.В. Шарин, технология, автодело учуутала В.В. Васильев иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Турнир түмүгэ:
Алын кылаас уолаттара: кыргыттар:
1 миэстэ – Степанов Антон, 4 кл., 1 миэстэ — Зыкова Настя, 2 кл.,
2 миэстэ – Иванов Ильдар, 3 кл., 2 миэстэ — Кычкина Дайаана 3 кл.,
Готовцев Максим, 4 кл. 3 миэстэ — Гоголева Каролина 3 кл.
Орто сүһүөх кылаастарга:
Уолаттар: кыргыттар:
1 миэстэ — Николаев Илья, 7 кл., 1 миэстэ — Тордуина Ангелина, 8 кл.,
2 миэстэ — Егоров Айсен, 5 кл., 2 миэстэ — Спиридонова Надя, 7 кл.,
3 миэстэ — Слободчиков Булат, 6 кл. 3 миэстэ — Неустроева Дарина, 7 кл.,
3 миэстэ — Аргунова Саина 8 кл.
Үрдүкү кылаастар:
1 миэстэ — Егоров В., 9 кл.,
2 миэстэ — Максимов А., 8 кл.,
2 миэстэ — Неустроев Стас, 8 кл.,
3 миэстэ — Кузьмин В., 9 кл.
Дьэ, уонна Саҥа дьыл киэһэтигэр кыайыылаахтар Моруос оҕонньортон грамота уонна бириис тутуохтара.
Валя Спиридонова 11 кыл., «Кустук» медиастудия.