Киһи төрдүн-ууһун билиэхтээх. Удьуорун-утумун өйдүөхтээх.
Биһиги хос-хос эбэбит, эһэбит уоттаах сэрии сылларыгар Мордовскай АССР Темниковскай оройуонун, Лесное Ордашова селотуттан Саха сиригэр көһөрүүгэ кэлэн олохсуйан, Бурмистровтар ууһун тэниппиттэрэ. Билигин төһө да сахатыйан олордоллор, биһиги төрүт уус удьуордарбыт -Мордвиннар.»Интернациональнай дьиэ кэргэн» диэн темаҕа ыстатыйа суруйан, төрдү -ууһу ырытан, дьиҥ чахчыны билэргэ сананным.
Бурмистров Илья Семёнович (1918-1942 сс.) хос-хос эһэбит, Бурмистрова Евдокия Давыдовна хос-хос эбэбит буолаллар.
1940 с. Мордовияттан Саха сиригэр мордвиннар бөлөхтөрө көһөрүүгэ кэлэллэр, онтон 5 дьиэ кэргэн Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр олохсуйаллар.
1941 сыллаахха уоттаах Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар биһиги хос-хос эһэбит Илья Семёнович бэбиэскэ тутан, Чөркөөх нэһилиэгиттэн сэриигэ барбыта. 1942 с. сэтинньи 27 күнүгэр Ржев куорат иһин кыргыһыыга тыына быстыбыта биллэр, өлбүтүн туһунан сурук кэлбитэ.
Евдокия Давыдовна 6 оҕотун кууспутунан тыйыс тымныы усулуобуйалаах Саха сиригэр соҕотох, огдообо хаалар. Кини үтүө майгылаах, кытаанах санаалаах буолан, оҕолорун үчүгэйдик иитэн, сүһүөхтэригэр туруорар.
Чөркөөххө кэлиэҕиттэн биэнсийэҕэ тахсыар диэри үтүө суобастаахтык балыыһаҕа санитаарканан үлэлээбитэ. Оҕолоро Анна Никитина, Надежда Голикова, Мария Игнатьева, Евдокия Серкина, Елизовета Сергеева араас сылларга балыыһаҕа сиэстэрэнэн үлэлээбиттэрэ.
Мария Васильевна 1948 с. Иван Ильич Бурмистровка кэргэн тахсан (хос эбэлээх эһэбит иккиэн мордвиннар), үс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Ол курдук, 1949 с. биһиги эһэбит Бурмистров Илья Иванович күн сирин көрөр, 1951 с. быраата Бурмистров Владислав Иванович төрүүр, 1957 с. — балтылара Бурмистрова Тамара Ивановна. Хос эбэбит Бурмистрова Мария Васильевна уһун олоҕу олорбута. 2002 с. атырдьах ыйын 26 күнүгэр оҕолорун, сиэннэрин ортотугар олорон, күн сириттэн күрэммитэ.
Онон мин эһэм, Бурмистров Илья Иванович төрдө-ууһа Мордовияттан силистээх-мутуктаах, омугунан мордвин буолар. Эбэм (Аргунова) Бурмистрова Александра Гаврильевна — Дэбдиргэ төрүт олохтооҕо, саха. Онон мин эбэм уонна эһэм интернациональнай дьиэ кэргэн буолаллар.
Хос эбэм, Мария Васильевна, төгүрүк тулаайах эбит, эһэм кэпсииринэн, кини Саха сиригэр ньээҥкэ буолан кэлсибит. Хос эһэбин көрсөн, бэйэлэрэ туспа Мордвиннар дьиэ кэргэнин үөскэппиттэр. Улахан уоллара Илья Иванович (эһэм) Александра Гаврильевналыын (эбэм) 1984 с. ыал буолбуттар. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр олохсуйбуттар. Түөрт уоллаахтар, биир соҕотох кыыстаахтар. Оҕолоро билигин бары ыаллар. Элбэх сиэн, хос сиэн тапталыгар бигэнэн олороллор.
Эһэбит, Илья Иванович электрик идэлээх, эбэбит Александра Гаврильевна почта начальнигынан үлэлээбитэ.
Эһэбит, эбэбит үйэлээх тапталларыгар бигэнэн, Аргуновтар, Бурмистровтар, Афанасьевтар диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн үөскээн-тэнийэн олороллор.
Билигин төһө да сахатыйбыттарын иһин, бу ыстатыйаны суруйан, биһиги эһэбит төрдө-төбөтө Мордвин, интернациональнай дьиэ кэргэн буолалларын бигэтик биллим.
Айта Аргунова, X кылаас үөрэнээччитэ.
Салайааччы: В.К. Ефимова, саха тылын уонна литературатын учуутала.
Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата, Таатта.