Ийэ сылыгар уонна Ийэ күнүн көрсө биллэриллибит «Ийэбиниин бииргэ астыыбыт» күрэххэ Таатта улууһун Ытык Күөлүттэн Урсун уонна Арина Алтыбаевна Большаковтар кытталлар. Урсун Ытык Күөл №2-дээх орто оскуолатын 5-б кылааһын үөрэнээччитэ. Уоллаах ийэ бүгүн кекс астаан көрдөрүөхтэрэ.
Минньигэс кекс
Биһиэхэ наада: 110 г — ынах арыыта, 200 г — саахар, 2 уст. — сымыыт, 200 г — бурдук, 120 г — үүт, 1 ч.л. — разрыхлитель, кыра туус. Бастаан арыыны уонна саахары миксерга үчүгэйдик ытыйабыт, онтон биир-биир сымыыт кутабыт. Бурдугу, разрыхлителы уонна тууһу барытын бииргэ булкуйан баран, арыылаах, саахардаах, сымыыкка кутабыт уонна үчүгэйдик ытыйан баран, үүппүтүн барытын кутабыт. Кыра-кыра кекс форматыгар кутан 180 кыраадыс итиигэ 20-30 мүн. буһарабыт.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ:
keskil14.ru