Оскуола оҕото үчүгэйдик аһаатаҕына үчүгэйдик үөрэнэр дии саныыбын. Биһиги оскуолабытыгар күн аайы иккитэ аһаталлар. Остолобуой аһа олус минньигэс. Оскуолабыт повардара астарын олус үчүгэйдик астыыллар. Оҕолор бары оскуола аһын олус сөбүлээн сииллэр. Биһиги остолобуойбут бүлүүдэлэрэ иҥэмтэлээх, битэмииннээх, уларыйа сылдьар.
Мин оскуолабыт остолобуойугар баҕарарым диэн мала, иһитэ-хомуоһа саҥардыллыаҕын уонна саҥа тэрил (оборудование) туруоралларын. Хас да оҕону кытта кэпсэтэн, кинилэр санааларын иһиттим. Ол курдук 5 оҕо үөрэ-көтө санааларын маннык үллэстибиттэрэ.
Сергей Павлов, 10 кылаас үөрэнээччитэ: «Остолобуойбутугар мииннэрэ, хааһылара үчүгэй дии саныыбын. Асчыттар минньигэс гына астыыллар. Мин кылааһым оҕолоро бары үчүгэйдик аһыыллар».
6 кылаас кыргыттара Яковлева Виолетта макароннаах кууруссаны, Зыкова Нарияна уонна Тимофеева Ариана гречкалаах кэтилиэти, Григорьева Дарианна мааннай хааһыны ордороллор эбит. Кинилэр хас аһыы киириэхтэрин иннинэ илиилэрин сууналларын туһунан эттилэр. Аһылыгы көрүдүөргэ таһаарбакка, остолобуойга олорон сииллэр эбит. “Ас тобоҕо” уонна “Микробтар” диэн киинэлэри уһулбуттарын туһунан кэпсээтилэр.
Аһы харыстыахха, илиини сууна сылдьыахха наада диэн санааларыгар сөбүлэһэбин.
Аман ЕРЕМЕЕВ, М.Е.Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.