Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх оскуолатын VI “б” кылааһын үөрэнээччилэрэ кылааспыт салайааччыта Анна Даниловна Поповалыын Ойуунускай аатынан Литературнай музейга ыалдьыттаатыбыт.
Түмэл икки мэндиэмэннээх, киэҥ-куоҥ саалалаах, дьиэтин үрдэ өстүөкүлэнэн киэргэтиилээх, тупсаҕай оҥоһуулаах эбит. Музей үлэһитэ Ньургуйаана Викторовна Халгаева биһиэхэ П.А. Ойуунускай оҕо сааһа ааспыт сирин-уотун, олорбут дьиэтин-уотун туһунан экраҥҥа көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ. Бу матырыйаалы быйыл квадрокоптер көмөтүнэн устубуттар.
Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай — тыыннааҕар уос номоҕор киирбит уһулуччу талааннаах суруйааччы, уустук олохтоох общественнай деятель, сахалыы сэбиэскэй литератураны тѳрүттээбит киһи. Кини быйыл сэтинньи 11 күнүгэр төрөөбүтэ 125 сылын туолуоҕа.
Платон Алексеевич Саха сиригэр аатырбыт олоҥхоһуттар, ырыаһыттар түөлбэлээн төрөөн-ууһаан ааспыт сирдэригэр – Тааттаҕа (уруккута Боотуруускай улууска) — уон түөрт оҕолоох Алексей Петрович уонна Евдокия Ивановна диэн дьадаҥы ыалга бастакы оҕонон төрөөбүт.
Ойуунускай оҕо сааһа сүрдээх ыараханнык, кыһалҕалаахтык ааспыт. Төрөппүттэрэ тугунан да көмөлөһөр кыахтара суох буолан, олус эрэйдээхтик үөрэммит. «Ѳйүѳм суох буолан, тарынан, тар бараннаҕына, бэс үѳрэтинэн эбэтэр сааһын куйуурдаан, үксүн ыал устун остуор
уйалаан, таабырыннаан, олоҥхолоон үѳрэнэрим» диэн ахтар эбит. Ол ааспыт кыһалҕалаах оҕо сааһын туһунан кини «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээнигэр бэрт долгутуулаахтык суруйбута.
Кыра эрдэҕиттэн Платон чугас ыаллыы олорор олоҥхоһутун истэн үѳрэнэн, 8-9 саастааҕар уус тыл абылаҥар ылларбыт, оҕолорго олоҥхолуур, ыллыыр идэлэммит. Дьон ортотугар «Былатыан уол уус тыллаах, үчүгэй ырыалаах-хоһоонноох» диэн ѳйдѳбүл олохсуйбут. Онуоха эбии нуучча суруйааччыларын араас айымньыларын ааҕан, бэйэтэ эбэн-сабан кэпсиирин улахан дьон сѳбүлээн истэрэ, түүнү быһа кэпсэттэрэллэрэ.
Таатта улууһугар 4 сыл үѳрэнэн баран, куоракка үѳрэнэ киирбит. Училищеҕа бэрт кыһалҕалаахтык олорон, аччыктаан, үгүстүк баайдар куукуналарыгар үлэлээн, айаҕын ииттиммит.
Үѳрэнэ сылдьан Николай Денисович Неустроевтыын литературнай куруһуок тэрийэн, 70-ҥа тиийэ оҕону мунньубуттара. Онтон 1916 сылтан Максим Аммосовтыын бодоруһан, политическай охсуһууга улам сыстан барбыт. Итинтэн ыла П.Ойуунускай охсуһуу уотун ортотугар 17 сылын атаарбыт.
Платон Ойуунускай айар үлэтэ 1917 саҕаланар. Бу сыл кини бастакы айымньытын — «Үлэһит ырыата» хоһоонун суруйбут. Айар үлэнэн 22 сыл үлэлээбитэ. Ол да буоллар, ити кылгас кэм иһигэр 11 кинигэни таһаартарбыт.
Иэдээннээх 1937 сыл тиийэн кэлбитэ. Ахсынньы 29 күнүгэр П.А. Ойуунускай дьиэтиттэн букатыннаахтык тахсан барбыта…
1955с. ахсынньы 15 күнүгэр П.Ойуунускай буруйа суоҕа дакаастаммыта, аата норуотугар тѳннүбүтэ. Кини олонхоһут талааннаах суруйааччы буолан, дьиҥ национальнай тыыннаах айымньылары суруйбута. Ол иһин саха тыллаах баарын тухары П.А.Ойуунускай аата ааттана туруоҕа:
Үс саха тѳрүѳҕэр,
Үѳрүүлээх күнүгэр
Мин ырыам ылланыа,
Мин аатым ааттаныа…
Саха норуотун саргытын салайсыбыт улуу убайбытын Былытыаны умнуохпут суоҕа. Кини сырдык аатын кэриэстиэхпит. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн гыныахпыт.
Валера Полятинскай,
Дьокуускай куорат 1-кы № -дээх оскуолатын
VI “б” кылааһын үөрэнээччитэ,
«Үрдэл» пост эдкора.