Киһиэхэ төрөөбүт дойдута дьиэ-кэргэниттэн саҕаланар. Мин төрдүм-ууһум ханныгый? Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах киһибиний?
Ийэм Сунтаар улууһун Кутана бөһүөлэгэр олохтоох Вера уонна Андрей Акимовтар уон биирис оҕолоро. Эбэм Вера Петровна Егорова – Герой ийэ. Эһэм Андрей Кириллович – сэрии бэтэрээнэ, билигин тоҕус уонча саастаах.
Аҕам, эбэм Уус-Алданнар. Улуу Лөгөй тойон сиригэр Ойуун аҕа ууһуттан төрүттээхтэр. Хос-хос эһэм Мэхээлэ Торойоп алааһа Кыдайбан диэн. Эбэм Зинаида Иннокентьевна 8 оҕолоох ыалга төрөөбүтэ, 48 сыл учуталлаабыта. Билигин 74 саастаах, Тулунаҕа олорор. Мин 3 сааспыттан киниэхэ кыстыыбын, түөрт сыл уһуйааҥҥа сылдьыбытым. Оскуолаҕа төрдүс сылбын сөбүлээн үөрэнэбин. Эбэм — мин доҕорум, муударай сүбэһитим.
Ийэм Анивера Андреевна – хаһыат редактора. Кини миигин сайыннарар, соҕуруу илдьэ сылдьар, киниттэн элбэҕи билэбин. Ийэм мин туспар долгуйар, олус кыһаллар.
Аҕам Станислав Петрович эдьиийдээх. Төрөөбүт алааһын олус сөбүлүүр, онон бары айылҕаҕа сылдьабыт, бултуубут, сир астыыбыт, сөтүөлүүбүт. Куоракка баар аймахтары кытта пааркаларга, сынньанар кииннэргэ, киинэ тыйаатырдарыгар, циркаҕа сылдьабыт.
Аҕас урууларын түмсүүтүгэр Уус алааһын ыччатын ыһыаҕар Суоттуга олус үчүгэйдик сынньаммыппыт.Улахан дьиэ-кэргэн төрүччүтүн билсэн, уруу-аймах кимин чуолкайдаан, бэйэм да үөрдүм, астынным.
Валерия Акимова,
IV кылаас,
Тулуна орто оскуолата, Уус-Алдан,
“Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ.