
Хас биирдии киһи, бэйэтин төрүччүтүн историятын, туох удьуордааҕын, дьарыктааҕын билиэхтээх, онон киэн туттуохтаах. Мин салайааччыбынаан Анна Гаврильевналыын «Мин төрүччүм тэтэрээтэ» диэн тэтэрээт оҥордубут. Бу тэтэрээт көмөтүнэн оҕо бэйэтэ төрүччүтүн оҥорор кыахтанар.
Киһи төрүччүтүн туһунан дьонтон ыйытан, эһээ, эбээ кэпсээниттэн билэр. Ол билбитин бу тэтэрээккэ тиһэн суруйан иһэр. Тэтэрээти дьиэ кэргэнинэн да оҥоруохха сөп, оччоҕо быдан киэн дириҥ ис хоһоонноох буолар. Дьиэ кэргэн архива, историята суруллубут тэтэрээт буолар.
Тэтэрээт 12 балаһалаах. Бастакы үс балаһа уруу – аймах тылдьыта уонна төрүччү тутулун быһаарыылара. Бу быһаарыы сүрүн өйдөбүлүн «Кут – сүр» кыһа салайаачыта Лазерь Андреевич Афанасьев – Тэрис, Анотолий Николаевич Павлов – Дабыл «Төрүччү: урууну – аймаҕы ааҕыы» кинигэлэриттэн ыллыбыт.
Онтон бэһис балаһаттан оҕо бэйэтин бииргэ төрөөбүттэриттэн саҕалаан бэтэрээҥҥи урууларын, өбүгэлэрин, төрүттэрин табылыысса толорор. Ол курдук оҕо аҕатын урууларын, ийэтин урууларын билэр буолар.
Бу ойууга Уруу утумун көрөҕүт. Саха омук урууну тоҕус үйэҕэ диэри ааҕар үгэс баарын көрдөрөр. Утум диэн биир төрүттээх дьон көлүөнэттэн көлүөнэҕэ (сүһүөхтэн сүһүөххэ) үөскээн иһэр бэрээдэктэрэ. Оҕо уонна төрөппүттэрэ, эбээ, эһээ, хос эбээ, хос эһээ – бэтэрэҥҥи уруулар; 5,6,7 көлүөнэ дьон – өбүгэлэр; 8,9 көлүөнэ дьон – төрүттэр.

Бу ойуу Уруу тэнийэн иһиитин көрдөрөр. Бу ахсааҥҥа киирэр уруу буолар. Манна оҕо көлүөнэ ахсааныгар сыыпыралары суруйар.
- 1 көлүөнэ – бииргэ төрөөбүттэрин ахсаанын суруйар
- 2 көлүөнэ – төрөппүттэр 2 киһи
- 3 көлүөнэ — эбээлэр, эһээлэр – 4 киһи
- 4 көлүөнэ — хос эбээ, хос эһээ – 8 киһи
- 5 көлүөнэ – 16 киһи
- 6 көлүөнэ – 32 киһи
- 7 көлүөнэ – 64 киһи

Бу Уруу туру маһа. Уруу аймах бэйэ бэйэлэригэр ким буолаллара көстөр. Билиҥҥи оҕо эрэ буолбатах улахан да дьон, сахалыы аймахтаһыы тыллары билбэт, туттубат. Ол иһин саха буоларынан, саха тыла баайын сыаналаабат, ылыммат. Бу биһиэхэ эмиэ баар кыһалҕа.

Сыган – аҕас балыс аймахтыы оҕолор.
Быйыыл абаҕаларым кустуу баралларыгар бэйэлэрин уонна аймах кыра уолаттарын илдьэ баран, бу сылдьар кэмнэригэр, сахалыы кэпсэтэри ирдээбиттэрэ, ким нууччалыы саҥарбыты үлэлэтэллэр уонна биир чаас соҕотохтуу үүтээнҥэ олордоллор – толкуйдаа диэн. Бу кэннэ уолаттар быдан сахалыы кэпсэтэр буолбуттара. Онтон мин бу үөрэтэн: сурус уонна сыган диэн тыллары биллим.
Күөрэгэй «Төрүччү өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ» кинигэтигэр: өбүгэлэр ийэ тылынан кэпсэтэллэр. Төрөөбүт тылгынан кэпсэппэт, өйдөөбөт буоллаххына, кинилэр эйиигин өйдөөбөттөр. Онон төрөөбүт тылгынан саҥарбат буоллаххына өбүгэлэргин, төрүттэргин кытта ситимин быстар. Төрүттэрин – эн силистэриҥ, сиртэн ылар күүһүҥ. Кинилэри кытта олорбут сирдэринэн ситимнэһэҕин. Онон, бу тэтэрээппэр төрүттэрим, өбүгэлэрим төрүт сирдэрин киллэрдим.
Онтон табылыыссалары оҥордум. Аҕам, ийэм өтүттэн барыта түөрт көлүөнэни суруйан оҥордум. Төрөппүттэрбиттэн, эбээлэрбиттэн ыйыыталаһан.
Мин уонна бииргэ төрөөбүттэрим: алтабыт -1 убайдаахпын, 1 аҕастаахпын, 1 сурустаахпын, 2 балтылаахпын. Уолаттар бэйэ бэйэлэригэр ини-бии буолаллар, кыргыттар бэйэ бэйэлэригэр аҕас-балыс буолабыт. Төрөппүттэрим: хантан сылдьалларын, идэлэрин, дьоҕурдарын суруйдубут. Эбэлэрим, эһэлэрим – 4 киһи кинилэр хантан сылдьаллара, идэлэрэ, дьоҕурдара. Аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ (10): 2 абаҕалаахпын, 3 эдьиийдээхпит, 4 убайдаахпын, 6 саҥастаахпын, 2 күтүөттээхпин Ийэм бииргэ төрөөбүттэрэ (6): 3 таайдаахпын, 1 эдьиий, 1 убайдаахпын, 3 саҥастаахпын, 1 күтүөттээхпин. Хос эһээлэрим, хос эбээлэрим – 8 киһи, манна эмиэ кинилэр хантан сылдьалларын суруйдум.
Бу тэтэрээти оҥорон:
- Уруу утумун, уруу хайдах тэнийиитин, сахалыы уруу-аймах ааттарын биллим
- Хос эбээлэрбин, хос эһээлэрбин биллим
- Урууларым төрөөбүт төрут сирдэрин биллим (Аҕам аҕа ууһа Сатаҕайтан төрүттээх, ийэтэ Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигититтэн. Ийэм Кэбээйи улууһун Кэбээйититтэн төрүттээх)
- Төрөппүттэрим, эбээлэрим, эһээлэрим, хос эбээлэрим, эһээлэрим идэлэриттэн дьарыктарыттан/айар тутар дьоҕурдарын утумнаабыт эбиппин.
- Тэтэрээппин салҕыы оҥоробун: бэйэбин кытта биир көлүөнэ аймах оҕолору, өбүгэлэрбин булан суруйуом (ол аата 5-7 көлүөнэ дьоммун)
- Сахалыы уруу – аймах тылдьытын туһанан кэҥэтэн ырытыам (холобура: ийэбэр аҕам ийэтэ – хотуна буолар, аҕабар ийэм ийэтэ – ийэ кылына буолар).
Никитина Таня, VI кылаас, Сатаҕай орто оскуолата, Амма улууһа