Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүччү» куонкурус кыттыылааҕа — Иван Гаврильевич Тимофеев аатынан Майя лиссиэйин 8.1 кылаас үөрэнээччитэ Айсен Попов.
Айсен научнай бырайыагар бу курдук суруйар:
««Сүр кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх» диэн үс хоһоону мээнэҕэ эппэтэхтэр. Ол аата ыал буруота салҕана бара туруохтаах, оҕолонон-урууланан, тэнийэн иһиэхтээх. Оччоҕуна саха омук быһыытынан сүтэн хаалбакка, тэнийэн, уһаан иһиэхтээх. Биһиги, инники көлүөнэ ону билиэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит. Ол сыалтан мин маннык тиэмэни таллым.
Мин бу тиэмэм тоҕоостооҕо: хас биирдии киһи, бэйэтин төрүччүтүн историятын, туох удьуордааҕын, дьарыктааҕын билиэхтээх, онон киэн туттуохтаах. Киһи төрүччүтүн туһунан дьонтон ыйытан, эһээ,эбээ кэпсээниттэн билэр. Ол эрээри сурукка киирбэтэҕинэ, ол кэпсээннэр умнуллаллар. Былыр олорон, үлэлээн ааспыт дьон аата умнуллар, симэйилэр. Биһиги төрүппүтүн билэрбит тухары кинилэр ааттара ааттаныа, олохторо салҕаныа.
Үлэм сыала: дьиэ кэргэнимтөрүччүтүн үөрэтии».
Бырайыак салайааччыта: Т.Е. Слободчикова.
keskil14.ru