Сайын аайы ыытыллар «Төрөөбүт дойдум устун айан» бырайыак иһинэн ыытыллар кыраайы үөрэтэр экскурсиябыт биир маршрута Нам-Никольскайдааҕы И.С.Шарапов аатынан Сири туһаҕа таһаарыы түмэлэ-Нам буолар. Экскурсиябыт сүрүн сыала-соруга: дойдубут былыргытын, урут биһиги өбүгэлэрбит бу сиргэ, бурдук ыһан, сүөһү-сылгы ииттэн үлэлээн-хамнаан олорбуттарын туһунан үөрэтии.
Улууспутугар биир саамай дириҥ историялаах сир музейыгар Никольскайга сылдьан элбэҕи билэн-көрөн, урут истэн эрэ билэр буоллахпытына, билигин бэйэбит чинчийэн үөрэтэр кыахтанныбыт.
Экскурсиябыт олус интэриэһинэйдик ааста. Музей директора Протопопова Прасковья Романовна уонна үлэһиттэрэ саха балаҕаныгар көмүлүөк оһоххо буһа турар алгыстаах алаадьынан көрүстүлэр.
Маны таһынан өбүгэлэрбит бэйэлэрэ мындыр өйдөрүнэн толкуйдаан оҥостор сахалыы остуол оонньууларын кытта билсэн, күрэхтэһэн көрдүбүт.
Экскурсиябыт уратыта — научнай хайысхалаах буолан кэлэр өттүгэр дакылаат суруйан чинчийэр үлэнэн дьарыктаныы буолар. Онон наукаҕа бастакы хардыыбыт саҕаланна.
Айаан Андреев, Намнааҕы «Сайдыс» лааҕыр «Поиск» этэрээтин иитиллээччитэ:
— Биһиги, лааҕыр оҕолоро, Никольскайдааҕы түмэлгэ бара сырыттыбыт. Онно биһигини итии чэйинэн, көмүлүөккэ буспут алаадьынан күндүлээбиттэрэ. Ону таһынан оонньуулары кытта билиһиннэрбиттэрэ. Корнхолга майгынныыр биир оонньууну ордук сэҥээрбитим. Үс буолан куоталаспыппыт. Мин иккис буолбутум.
Н.И. Семенова, «Сайдыс» оҕо сынньалаҥ лааҕыра, Нам улууһа.