Бастаан Новиковтар аҕа уустарын үɵрэтэн саҕалаатым. Ол курдук сэттис кɵлүɵнэм Уйбаан кинээстэн саҕаланар. Кини кыра уола Павел Бакыыһа уола Байбалыктыыр. Онтон Байбалыктыыр кыра уолун Дьарааһын кыра уола Ньукулай мин хос эһэм буолар.
Соһуйбутум диэн, саха норуотун поэта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап хаан-уруу аймаҕым эбит. Уонна миигин кини уолун аатынан ааттаабыттар.
Онтон аҕабынан хос эбэм ɵттүнэн тɵрүччүм Хоролу Дархантан саҕаланан 14 кɵлүɵнэҕэ диэри биллэр эбит.
Хоролу Дархан удьуордарын туһунан үhүйээннэр, уос номоҕо буолбут кэпсээннэр.
Дуоҕалаах баай
Дуоҕалаах баай 1640-с сылларга төрөөбүт курдук. Кини Алдан тоҥуhа Хорула Дархан уола эбит. Дуоҕалаах баай уолаттара бэйэ-бэйэлэриттэн хастыы да сылы быысаhан төрөөбүттэр. Куоҕас 1670 с., Модун Моой киниттэн элбэх сыл балыс.
Дуоҕалаах баай ийэ ууhун баhылыктааhына уурайан эрэр кэмигэр Абаҕа сирин булбут. Кини бастаан кэлиитигэр Сэhэн Боло суруйарынан, оччотооҕу биис уyстара кинини сөбүлүү көрөн, дьон-сэргэ оҥостоору киллэрбиттэрин курдук суруллар. Дyoҕалаах баай бэйэтэ даҕаны киhи бэрдэ, кэллэ кэлээт, дьонун-сэргэтин хомуйан бу дойдуга олоҕун оҥостон барбыт. Тибили күөлүн томторунан, Арыылаах Аба күөлүн үрдүнэн (билигин Саhыл алааhа, эбэтэр Оскуола алааhа), Үөннээх уу көнүhүн куулатыгар, Таала сайылык диэки, Нуучча Оhохтооҕун халдьаайытынан олохсуйбут.
Дуоҕалаах баай уолаттара Куо5ас, Модун Баай, Хоболоох ханна олохсуйан, тэнийэн- ууhаан испиттэрэ соччо сиhилии кэпсэммэт. Сорох үһйээннэр бэйэ- бэйэлэригэр сеп түбэспэттэрэ. (1)
Дуо5алаах баай сылгыһыта, ынахсыта, отчута- масчыта, атын атын да хамначчыттара наhаа элбээбит. Оттонор үчүгэй хочолору, үрэхтэри кини баһылаабыт. Бу дойдуга киирэн сылгытын, ынаҕын тѳрүөҕэ бэркэ кэлэн икки тыhыынчаҕа тиийбитэ үһү. Ити кэмҥэ улуу баайдар аат-суол ыытарга анаан «Тэргэн табык» диэн улуу сиэртибэ оҥорор эбиттэр. Ити улуу сиэртибэ үɵhэ дойдуга, Дьɵhɵгɵй айыыларга анаан оҥоhуллара. Ол сиэринэн Дуоҕалаах баай «Тэргэн табык» улуу сиэртибэни оҥорбут. Дириҥ эмпэлээх, оҥкучах сиргэ сүүс сыарҕа куруҥ маhы уматан сүүнэ улахан «түлэhи» диэн уот отуннарбыт. Онно тоҕустуу үөрдээх хара маҥаас сылгылары уон икки үөрү, барыта 108 сылгыны ол умайа турар уокка түhэрэн уматтарбыт. Ити сиэртибэни оҥорууга барыта хара маҥаас сылгылары мустарбыт. Сиэртибэ оччотооҕу сиэри-туому барытын тутуhан хас да хонук устата оҥоhуллубут. Дуоҕалаах баай итинник байан-тайан Захаровтар, Жирковтар төрүттэрин-уустарын тэнитэн олорбуттара үһү.
Модун Моой
Мил үрэҕиттэн Майда диэн салаа тахсар. Ол баhыгар Модун Моой онно олохтоох тоҥустары кытта оҕолонон-урууланан сылгы, таба тутан баайдык- талымнык олорбут. Ити бириэмэҕэ улахан кураан буолбут. Модун Моой сылгыларын, атын да баайын-дуолун илдьэ Майданы таҥнаран Айым төрдүн диэки тохтообут. Сибииктэҕэ (Чыбаайыгы) киллэрэн сылгыларын сутаппакка, табатын үөрүн улаханнык көҕүрэппэккэ сыл таhаартаабыт. Бэйэтэ Айымынан, Майданан сылдьан бултаабыт. Ол сылдьан саас Майданы таҥнаран, Нотараны ѳксѳйѳн Хоту Чуойумна аартыгынан киирэн «кэнэҕэс сүөhү гыныам» диэн, ырбыы тахсан эрдэҕинэ Дьаам Быкытыгар икки биэни Aммa өpүһү туоратан ыыталаан кэбиспит. Дьаам Быкыта былыргыта Харалыыс Быкыта диэн эбит. Эhиилги күhүнүгэр Модун Моой сылгыларын сылгылаан, сири-дойдуну билгэлии, билэ-көрө Дьаам Быкытын өрө тахсар. Икки биэтэ икки алааска сылдьалларын булбут уонна ол алаастарга аат биэртэлээбит. «Ала биэбин булбут алаhым «Ала Биэ», хонор биэбин булбут алааhым «Хонор биэ» диэн буоллуннар», — диэбит Модун Моой.
Модун Моой бу сирдэри олуһун диэн сѳбүлээбит уонна «сылгы, cүөһү ииттэн, байан-тайан олоруохха олус үтүө дойду эбит» диэн уолаттарыгар кэпсээбит. Бэйэтэ Майдаҕа олорон олоҕун онно моҥообут.
Хоболоох
Модун Моой уола Хоболоох олус сытыы-хотуу, биир сиргэ олорбот, кэлбит-барбыт эр бэрдэ эбит. Кини бастаан Кустаахха киирэн олохсуйбут.
Саха сирин муора пордун кытта сибээстиир сыаллаах Охотскай суолун тутуута саҕаламмыта, Нуотаранан суол барыахтаах сирин чинчийии үлэтэ ыытыллыбыта. Кыhыҥҥы кэмҥэ сыарҕанан сылдьар суол соломмута. Ол суолунан дьаам сүүрдэр буолбуттара. Кустаах халдьаайыта Чаабыкы куулата Мааҕылаах диэн ааттанара. Кустаах күѳлүн арҕаа баһынан Хоболоох өтөҕө диэн баар. Хоболоох онно олорон дьаам сүүрдэр эбит. Хоболоох былыргы өбүгэбит Улуу Хоро курдук бастаан атыыр оҕуhунан дьаам сүүрдэ сылдыбыт. Кэлин Нуотара сүнньүгэр барытыгар да олоро сылдьан дьаам сүүрдүбүт эбит. Ол курдук сир ахсын Хоболоох өтөҕө баар. Кэлин атынан дьаам сүүрдэр буолбут. Кини дуҕатыгар хобо иилинэ сылдьара үhү. Ол иhин Хоболоох диэн ааттаабыттар.
Хоболоох Мааҕылаах төрдүгэр олордоҕуна саас элбэх киhилээх экспедиция нууччалара кэлбиттэр. Нуотара халааннаан экспедиция дьоно ый аҥарын курдук хаайтаран олорбуттар. Экспедиция дьоно бѳтүүктэрин, кууруссаларын бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллар эбит. Халлаан сырдыыта, бѳтүүк хаһыытынан Хоболоохторго уол oҕo төрөөбүт. Ити 1750 сыл диэки буолуохтаах диэн бигэргэтэр П.Е. Жирков бэйэтин ахтыытыгар.
Хоболоох нууччалар бѳтүүктэрэ эрдэhитин, үѳhэ тахсан хаhыытаан бытарытарын, олус хорсуннук, дуоспуруннаахтык, тутта- хапта сылдьарын бэркэ хайҕаабыт уонна:
– Дьэ, сэгэрдээр, ити кыһыл тараахтаах, уһун кутуруктаах кѳтѳргүт аата кимий? – диир. Онуоха нууччалар: «Петух, Петух», – диэбиттэр.
– Дьэ, оччоҕо оҕобун «Бөтүүк» дииhикпин, – диэн ол сарсыарда төрөөбүт уол оҕотун «Бөтүүк» диэн ааттаабыт. Ити курдук Сахаараптар биир төрүт эhэлэрэ күн сирин көрөөт, Бөтүүк диэн ааттаммыт.
Хоболоох бэрт киэҥ сиринэн дьаам сүүрдүбүт. Эмис дьаамыгар эмиэ олорбут. Эмискэ «Сырдаах» диэн сиргэ дьаам алааhа баар. Былыргыта ити алаас «Илбистээх» диэн эбит. Ити аттыгар эмиэ Хоболоох өтөҕө баар.
Хоболоох хайдах, ханан тиийэн, түгэнэн Абада сирин булбута чуолкай биллибэт. Оҕонньор кырдьан, уола Бѳтүүк улаатан, Абаҕа сиригэр кэлбиттэр.
ϴтѳх Күѳлэ оччолорго улахан күѳл, киэн сири сабардаан сытара. Күѳл хотугу эмпэтин үрдүгэр чочуобуна турара. Хоболоох бастаан киирэн олохсуйбут.
Бѳтүүк ити бириэмэҕэ Абаҕаҕа Старостиннар тѳрүттэрэ Арбаҕастар аҕаларын yyha систээн олорбуттар. Кинилэр ϴтѳх Күѳлүн оттуур сир оҥороору кѳhѳрѳр буолбуттар. Эмистэн киирбит Дуoҕалаах баай сиэнэ Бѳтүүк ураты сытыы-хотуу, тыл-ѳс мааны киhитэ буолбут. Онон кини кэлэн- баран, этэн-тыынан дьон болҕомтотун бэйэтигэр үмүрү тардыбыт.
1750-1820 сс. олоро сылдьыбыт былыргы үѳрэхтээх Иван Дьячковскай иискэ сылдыбыт, нууччалыы- сахалыы билбит-кѳрбүт хотоойу дьон диэн нэhилиэнньэ5э кинилэри үрдүктүк тутар, аптарытыаттыыр эбиттэр. Дьэ, ол да иhин, Сахаараптар тѳрүт эhэлэрин Бѳтүүгү чаччыына оҥорбуттар.
Бѳтүүк кинээс олоҕор тохтооботох. Лыбаҕа, Силлиэлээҕи ааспыт кэннэ, Уһун Толоон куулатыгар биир үтүѳкээннээх хоннох сири булан, онно дьиэ-уот туттан олохсуйбуттар (ол ѳтѳх Хоболоох ѳтѳҕѳ диэн аттанара). 18-таах баай ыал оҕото, чаччыына онтон сылдьан чаччыыналыыр буолбут. Hahaa баайдык-талымнык үѳскээбит Дуоҕалаах баай сиэнэ Бѳтүүк туох да үүнэ-тэhиинэ суох барбыт, киhини да киhи диэбэт, саханы да саха диэбэт бардам, эдэр чаччыына мунньахтыы киирэн баран онно баар кыргыттары кытта оонньуу сылдьар үhү.
– Тукаам, мунньахпытын саҕалыахха, – диэн кинээс да ыҥыран этэн кѳрѳр үhү да, киhитэ онно эрэ кыhаллыбат, оонньообутун курдук оонньуу сылдьар эбит. Кинээс дьиэтигэр-уотугар бара охсоору тиэтэйэр эбит. Биирдэ этэ сатаан баран улаханнык кыайыхаламмыт, кыыhырбыт.
– Эhиги сири-дойдуну кэрийэ сылдьар кэрэдэктэр, кѳс тоҥустара ол-бу буолабыт, улаатабыт. Үлэлиир буоллаххына үлэлээ, үлэлээбэт буоллаххына бар, — диэн кинээс элбэхтик эппит-саҥарбыт. Уолҕамчы эдэр киhи кинээhи кытта ѳрѳлѳспүт, хаар курдук этэн-тыынан испит.
– Эн баҕас кинээс буола-буолаҕын, тугу быhаарар, салайар киhи курдук мунньахтааххын баҕастааххын, атаҕын тумсуттан ордук иннигин кыайан кѳрбѳккүн, – диэн тыл баарынан улаханнык хоппут, эбиитин кинээhи сирэйгэ биэрэн кэбиспит.
Улахан арыллаан, айманыы буолбут. Эдэр киhини уодьуганныыр курдук элбэ5и эппиттэр, саҥарбыттар. Эдэр киhи ону да соччо баардыылаабатах, xopyo курдук этитэлии, саҥара- иҥэрэ олорбут. Бары бастаахтары ыҥырбыттар. «Бу киhи дьүүлүн- дьүhүнүн булуохха, уодьугуннуохха», — диэн субэ тэрийбиттэр.
– Эн үѳhэ үрдүк таҥара маанылаабыт, үрүҥ ыраахтааҕы солотугар олорор киhини, кинээhи үѳхтүн, хомуруйдун, сирэйгэ биэрдин. Кинээстэн үҥэн- сүктэн кѳрдѳс, буруйгун-аньыыгын билин, –диэбиттэр. Эдэр чаччыына ѳссѳ ѳрѳ баран испит, барыларын даҕаны аҥаар кырыытыттан этэн- саҥаран барбыт. Бары да эдэр киhи уолҕамчытын, бардамын сѳхпүттэр-махтайбыттар уонна бары да уордайан, тылларын тыйыhырдан дьүүллүүргэ, дьүhүннүүргэ этэн-саҥаран барбыттар.
– Этэр тылгын билбэт буолбут, айыыны-кэйиини аахсыбат баранааҕы эйиигин таҥара айыытыгар ыытабыт, сибииккэҕэ симиэхпит! – диэн бары абаран-сатаран эппиттэр. Онно Бѳтүүк кини эрэ буоллар, эдэр эдэрэ ѳтѳн уоскуйан кинээстэн кѳрдѳһѳн, таҥара айыытыгар ыытыман диэн таҥараҕа үҥпүтэ үhү. Ону таhынан кѳмүс ыҥыырдаах үүт-маҥан атын кинээс сэргэтигэр баайан биэрэн баран, олорор сиригэр сатыы тахсыбыт. Уолҕамчы оҕо Бѳтүүк итинтэн дьэ уоҕа-кылына астан, оттомуран, кѳрсүбүт кыыhын барытын кытта оонньоhо сылдьарын тохтотон, кэргэннэнэн, дьиэтин уотун тэринэн, сүѳһү-ас тутан, байан-тайан «сай», «сат» диэн барбыт. Бѳтүүк дьэ дьиннээхтик чаччыына буолан уhуннук сылдьыбыт. Сорох кырдьа5астар ахталларынан, аатырбыт кинээhи, Бэлиэ Уйбааны солбуйан кинээстээбитэ үhү.
Бѳтүүк 3 уол оҕону тѳреппүт. Бөтүүк уолаттара Суптугур, Кыпчыраах, Лаҕый туспа кэпсээннээх, номохтоох дьоннор.
1807 с. Абабаҕа дьону сүрэхтээһин саҕаламмыт. Өтөх Күөлүгэр баар чочуобунаҕа бастайаннай үлэлиир аҕабыт суоҕа. Амматтан, Мэнэттэн, Чурапчыттан, Уус Майаттан хам-түм кэлэн үлэлээн ааhаллар. Эбэтэр таҥара үлэhитин тиэйэ сылдьан оҕолорун сүрэхтэтэллэрэ, таҥараҕа тиксэллэрэ, бастакынан 60-ча саастаах Бөтүүк сүрэхтэммит. Киниэхэ Уйбаан диэн ааты биэрбиттэр. Онон кини Бөтүүк Уйбаан диэн ааттаммыт. Улахан уолу Суптугуру Охоноой, орто уолу Кыпчарааҕы эмиэ Охонооной, кыра уолу Лабыйы Уйбаан диэн ааттаталаабыттар.
Аны 1860 сы. дьоҥҥо араспаанньа биэрбиттэр. Урут дьоннор хос ааттарынан эрэ сылдыбыттар. Бѳтүүк улахан уолун Суптугур Охонооһойу Жирков буоллун диэн аҕабыт сүрэхтээбит. Онтон Кыпчараах Охонооһойу уонна Лабый Уйбааны Захаровтарынан сүрэхтээбит. Онон кинилэр Захаровтар диэн араспаанньаламмыттар.
Кыпчараах Охонооной (Захаровтар) тѳрүттэрэ. Кыпчараах Охонооһой элбэх оҕолоох-уруулаах, улахан олохтоох ыал аҕата буолбут. Киниттэн 8 уол хас да кыыс оҕо тѳрѳѳбүттэр: 1-кы уол — Кэкэс Дьаакып — Туора үрэх куулатыгар Ньоттокко ѳтѳҕѳр олохсуйбут. Кэкэс Дьаакыптан Томтор Нукулай, Ньонтокко Ньукулай тѳрѳѳбүттэр. 2-с уол — Хара Лэгэнтэй диэн тѳрѳѳбүт. 3-с уол — Харалыыс Дьаакып Хонор Биэ5э олорбут. Харалыыс Дьаакып дьиэ-уот туттан, сылгы, ынах-сүѳhү ииттэн байылыаттык олорбут, элбэх оҕоломмут. Хампалла Хабырыылла, Сынтар Кириллэ, Чанчык Ньукулай диэн уолаттара оҕолонон-урууланан олорбуттар. Онтон Хабырылла, Ньэк Сэмэн, Арамаан, Дьѳгүѳр диэн уолаттара о5оломмотохтор. Мантаахай ϴлѳксѳй икки уол оҕоломмут. 4-с уол – Таҕайа Киргиэлэй Булуустаах куулатыгар (Дьокуускайга тахсар үрүйэ тѳрдүгэр) олорбут. Кини соҕотох Максим Захаров диэн уоллааҕа (Захарова Вера оҕонньорун аҕата). Максим Захаровы бандьыыттарга дьону хобулаан туттарыыга хаптарыыга күтүрүүллэрэ. Таҕайа ѳтѳҕѳр олорон Максим хаhаанкы сыарҕалаах атынан Аба5а5а бэрт үгүстүк тиэстибитэ, элбэхтэ киирбитэ-тахсыбыта үhү. Ити кэмнэ бандьыыттар дьону олус тута-хаба ѳлѳрѳ сыльыбыттар. Ол курдук Бурунай о5онньору, кини уолун Лэгэнтэйи, Омтор уола Уйбааны, Халбыыс Хабырылла уолун (Уордьаннаах Ылдьаа убайын), Баатыгыр уолун Киччэ Хабырылланы ѳлѳртѳѳбүттэр. 5-с уол — Айах Байбал Үчүгэй Мыраан куулатыгар Атах Баайар тѳрдүтүгэр олорбут. Кини кыыһа Куортуктаах кинээскэ кэргэн тахсан 16 оҕоломмуттар, онтон улаханнара Мээйкэ мин хос эбэм аҕата буолар. 6-с уол — Дэбдэн Дьэримиэй 1836 с. тѳрѳѳбүт. Сыгынахтаахха олорбут. Хараҕа суох Бүѳтүр диэн соҕотох уолламмыт. 7-с уол – Маҕатыах Дьарбыгыан дьиэтэ-уота Силлиэлээх үѳhэ ѳттүгэр Быhыыппар ѳтѳҕѳр баара. Улахан уола Бурунай Дьѳгүѳр, Быhыыппар Лэгэнтэй уонна Николай диэн уолаттар тѳрѳѳбүттэр. 8-с уол — Баатыгыр Давыдтан Киччэ Хабырылла, Борокуопай, Охоноопой, Вера, Мария диэн о5олор тѳрѳѳбүттэр. Мария Алтанна Сутаковтарга кийиит буолбут. Вера Бутэйдээххэ Попов Дмитрий (Мэниргэй) диэн киhиэхэ кэргэн тахсыбыта. Киниттэн РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх бырааhа Попова Мотрена Дмитриевна тѳрѳѳбүтэ.
Лаҕый Уйбаан (Захаровтар) тѳрүттэрэ
Лаҕый Уйбаан Чэллиргэй Сэмэн диэн соҕотох уоллааҕа. Онтон Чэллиргэй Сэмэн 7 уол оҕону, 6 кыыhы тѳрѳппүт. Элбэх оҕолоох-уруулаах ыал ѳссѳ 2 о5ону ииппиттэр. Кинилэр Силлиэлээх алын ѳттүнэн куула5а олохтоохторо. Чэллиргэй Сэмэн улахан уола Дьаабый Сэмэн (сорохтор Чээбий дииллэр), иккис уол Лэгэнтэй (Алексей Ильич Захаров эhэтэ), Халбыыс Хабырылла (Уордьаннаах аҕата), Баччалла Уйбаан (Михаил Иванович Захаров-Ачыкы аҕата), Кѳттѳйѳ Буетур оҕоломмотоҕо, Аартыктаах уруйэ тѳрдүгэр олохтооҕо. Чолоодо ϴлɵксɵй (Захаров Николай Алексеевич – Маалҕаар аҕата). Кыра уол Максим эмиэ оҕоломмотоҕо. Чэллиргэй Сэмэн кыргыттарын туһунан кырдьаҕастар элбэхтик ахталлар.
Улахан кыыс Харытыанаттан Бүɵтүр Бɵтүрүɵп (Вячеслав Семенович Захаров эhэтэ) тɵрɵɵбүт. Иккис кыыс Ааныска Хайахсыкка баран о5оломмут, урууламмыт. ϴлɵɵнɵ Амма Наахараҕа Иван Павлов диэн киhиэхэ кэргэн тахсыбыт (онтон уола Гаврил Павлов прокурор). «Хайҕаллаах буойун Гаврил Павлов» диэн Е. Иванова бэйэтин тойугар хоhуйбут киhитэ. Мария Бɵтүҥҥэ Иванов диэн киhиэхэ кэргэн тахсыбыта (онтон уола Илларион Иванов). Чɵрɵкɵй ϴлɵɵнɵ оҕоломмотоҕо, эрдэ ɵлбүтэ. Бочоолой ϴкүлүүнэ Бɵтүҥҥэ Неустроев (Кутугунай) диэн киhиэхэ кэргэн тахсан элбэх оҕоломмута. Уолаттар бары да улууска биллэр- кестер дьоннорунан буолбуттара.
Суптугур Охонооhой (Жирковтар) тѳрүттэрэ Суптугур Охонооһойтон Чомполло уйбаан, Моро Бүѳтүр, Тыналла Киргиэлэй диэн 3 уол оҕo тѳрѳѳбүт.
Жирков Егор Васильевич-Баhыччы Баhыччы улахан уола (1871-1969). Хатаччаайыга үс сэргэ аттыгар дьиэ-уот туттан олорон ааспыта. Кыыhа Мария (1873-1969) Аспыа Семеновка кэргэн тахсыбыта. Улахан ϴкүлүүн Алтан киhитэ Неустроев Степанна кэргэн тахсыбыта (Ыт сирэй Ыстапаан, Неустроев Григорий Родионович, Кулгааҕа суох убайа). Мотрена Бойуокка Марин Иванна (Чоппууска Уйбааҥҥа) кэргэн барбыта. Илья Жирков 1881 сыллаах тѳрүѳх. Афанасий Жирков 1884 с. т. Кыра ϴкүлүүн 1890 с.т., Емельяновтарга кийиит буолбут. Марфа 1892 с.т. Милимиэннэр кийииттэрэ. Харатыана 1896 сыллаах (Егор Гоголев кэргэнин ийэтэ, Бооттоҕо кэргэн тахсыбыта).
1908 с. Егор Васильевич Жирков иккис кэргэнин Чурапчы Улахан Эбэтиттэн Иван Егоров (Хоһуой Уйбаан) 17 саастаах орто кыыhын кэргэн ылан киллэрбит. Баhыччы Жирков сүɵhүлээх, сылгылаах орто ыал эбит. 8×9 м иэннээх дьиэни тута охсубуттар уонна итиннэ уолларын уруутун тэрийэн ыыппыттар.
Революция саҕана, Баhыччы уолаттара батымаары гыннылар, бассабыык, хомуйуус буолан эрэллэр, эрдэ- сылла кɵрүɵх, дьүүллүɵх баара, диэн дьиппиэн кэпсэтиилэр тахсыталаабыттар.
Кырдьыга да Баhыччы уолаттара ол кэмнэ ɵйдɵрɵ-санаалара уhуктубут, билиилэрэ-кɵрүүлэрэ кэҥээбит. Кинилэртэн уhулуччу ɵйдɵɵх, уран тыллаах-ɵстɵɵх, хайдахтаах да киhини тылыгар киллэрэр, бэйэтигэр тардар киhи буолан испит Ылдьаа эмп-томп суох кэмигэр ыалдьан, бэрт эрдэ ɵлбүт. Оттон Афанасий Васильевич Жирков туох киhи буолан тахсыбытын үчүгэйдик билэбит. Революция бастакы сылларыттан ревкомнарга холбоон үгүс ɵрүттээх улэни ыыппыта, тэрийсибитэ. Афанасий Васильевич улуус ревкомун чилиэнэ, насревком председателэ, ЯЦИИК чилиэнэ, икки орден кавалера, кыhыл партизан, булгуруйбат модун санаалаах коммунист буола үүммүтэ. Улахан уола Егор Жирков (Буокай аҕата) урукку кэмҥэ нэhилиэгэр уhуннук чаччыыналыы сылдьыбыт киhи, ревкомнарга улаханнык иэҕиллэн Советскай былаас политикатын улаханнык утарбатаҕа. II Скороульскай нэhилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлии сылдьыбыта.
Хоролу Дархан удьуордарын династията тɵрүттэммит сыла буолуохтарын сөп (сурукка киирбитинэн): Дуоҕалаах Баай — 1640 с. тɵрɵɵбүт (2025 с. — 385 сааhын туолар). Куоҕас — 1670 с. тɵрɵɵбүт (2025 с. — 355 сааһын туолар). Бөтүүк — 1750 с. тɵрɵɵбүт (2025 с. — 275 сааһын туолар).
1807 с. (2025 сылга сүрэхтэммиппит 218 с.) — Бɵтүүк сүрэхтэнэн Бɵтүүк Уйбаан диэн ааттаммыт. Уолаттара Суптугур Охонооһой, Кыпчараах Охонооһой уонна Ла5ый Уйбаан диэн ааттаммыттар. 1860 с. – аҕабыт араспаанньа биэртэлээбит. Суптугур Охонооһой Жирков буолбут, Кыпчараах Охонооһой уонна Лабый Уйбаан Захаровтар буолбуттар. Онон араспаанньа ылынан Захаровтар, Жирковтар буолбуппут
Хас биирдии киһи тɵрүттэрэ олорон ааспыт олоҕун билиэхтээх, үɵрэтиэхтээх. Оччоҕуна эрэ биһиги инники кɵлүɵнэҕэ историяны тиэрдиэхпит, бигэ туруктаах, инникигэ эрэллээх буолуохпут. Тɵһɵ кыалларынан тɵрүччүбүн үɵрэттим, элбэҕи биллим. Урут уруккаттан этэллэринэн, ким элбэх аймахтаах, удьуордарын билэр киһи ɵлɵн-охтон биэрбэт, бигэ туруктаах буолар.
Айуол НОВИКОВ, VI кылаас, Чакыр, Амма
Салайааччы А.Д. Федорова