СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ «Мин сахалыы саҥарабын» төрөөбүт тылынан хомоҕойдук саҥарарга, уус-уран айымньыны иҥэрэн ааҕарга үөрэтэр маастар-кылааһы уонна сахалыы дебат күрэһин тэрийэн ыыттылар.
Бу тэрээһин Ил Дархан Граныгар кыайбыт ийэ тылы сайыннарыыга туһуланар бырайыак иитинэн буолла. «Төрөөбүт тылынан ааҕыы уонна саҥарыы сатабыла» тиэмэҕэ маастар-кылааһы СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Варвара Прокопьевна Корякина ыытта.
«Сахалыы дебат» хамсааһынын сайыннарыы чэрчитинэн сахалыы тылынан бүтүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньууну куйаар ситимин нөҥүө тыл билимин хандьыдаата Ангелина Афанасьевна Кузьмина, “Сыл бастыҥ учуутала” күрэх кыайыылааҕа Айаал Трифонович Мохначевскай ыыттылар. Барыта алта хамаанда Сахабыт сирин араас муннуктарыттан кытыннылар: Амма улууһун П.И. Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолата (салайааччылар: Григорьева Надежда Аркадьевна, Мартынова Алена Егоровна), Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ (салайааччылар: Слободчикова Тамара Егоровна, Кычкин Андрей Владимирович), Томпо улууһун Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолата (салайааччылар: Сидорова Сардана Константиновна, Ворогушина Татьяна Дмитриевна, Сырдык Айалхаана Баай), Ньурба улууһун Маалыкай орто оскуолата (салайааччы: Ушканова Яна Васильевна), Дьокуускай куорат Саха политехническай лиссиэйэ (салайааччы: Леонтьева Наталья Прокопьевна), Амма улууһун Амма сэлиэнньэтин 1 №-дээх орто оскуолата (салайааччы: Слепцов Владимир Семенович). Оонньуу тиэмэтэ “Куоракка олорордооҕор тыаҕа олорор ордук” диэн буолла. Түмүккэ кыайыылаах түөрт хамаанда (Майа, Маалыкай, Саһыл, Амма-Наахара оскуолаларыттан) аны финалга Дьокуускай куоракка кэлэн күрэхтэһэр буоллулар. Оонньуу түмүгүнэн “Бастыҥ испиикэрдэр” анал аат маннык оҕолорго иҥэрилиннэ:
— Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин 11 кылааһын үөрэнээччитигэр Вера Захароваҕа. Салайааччылар: Тамара Егоровна Слободчикова, Андрей Владимирович Кычкин.
— Амма улууһун П.И. Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитигэр Талбан Мартыновка. Салайааччы: Надежда Аркадьевна Григорьева, Алена Егоровна Мартынова.
Томпо улууһун Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитигэр Дьулус Хастаевка. Салайааччылар: Сардана Константиновна Сидорова, Татьяна Дмитриевна Ворогушина, Сырдык Айалхаана Баай.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Хаҥалас Бэстээх оскуолатын үөрэххэ дириэктэри солбуйааччы, устуоруйа уонна обществознание учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, өрөспүүбүлүкэтээҕи WSJ күрэс «Коммуникабельность» кэмпитиэнсийэҕэ кыайыылаахтарын тириэнэрэ Мария Антоновна Емельянова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин устуоруйа уонна обществознание үрдүкү категориялаах учуутала, «Саха сирин эрэлэ бэлиэ хаһаайына», «Будущий дипломат-2018» дебат күрэһин кыайыылаахтарын тириэнэрэ Андрей Владимирович Кычкин, Дьокуускай куорат 26 №-дээх оскуолатын устуоруйа уонна обществознание учуутала, «Методист Якутии» бэлиэ хаһаайына Айаал Трифонович Мохначевскай.
Бырайыак чэрчитинэн, оҕолор бу иннинэ аман өс уонна уус-уран айымньыны айыы күрэһигэр кыттыбыттара. Уус-ураннык суруйуу, төрөөбүт тылынан тыл этии маастар-кылаастарыгар үөрэммиттэрэ. Айымньыны айыы күрэһигэр киирбит үлэлэр түмүктэринэн Саха сирин бары кыттыбыт олохтоох омуктар (дьүкээгир, эбээн, саха, долган, чукча, эбэҥки) төрөөбүт тылларынан кинигэ тахсара былааннанар. Маннык күрэс Саха сиригэр тарҕана илигин быһыытынан, саха тылын учууталлара күрэһи көрдүлэр, уопут ылан, маннык күрэс сайдыан наадатын уонна инникитин ыытарга үөрэммиттэрин бэлиэтээтилэр. Оҕо төрөөбүт тылынан саҥара-иҥэрэ үөрэнэригэр туһалаах билиҥҥи кэмҥэ сөптөөх ньыма буоларын эттилэр. Кыттааччылар уонна көрөөччүлэр санааларын маннык үллэһиннилэр.
Ангелина Петровна Евсеева, Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгин саха тылын учуутала, көрөөччү:
— Маннык тэрээһини ыытыы билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах. Саха норуотун тапталлаах суруйааччыта Софрон Данилов этэн турар: «Оҕо төрөөбүт тылынан үөрэннэҕинэ, билиитэ этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник иҥэр диэн педагогика бигэргэтэр. Маннык үөрэммит оҕо дьоҕура кыратыттан түргэнник арыллан, эрдэттэн идэтин талан, норуотун барҕарыытыгар үлүһүйэн үлэлиир үрдүк квалификациялаах киһи буолан тахсыаҕа». Онон үөрэнээччилэр Ангелина Кузьмина ыытар маастар-кылаастарыгар тиһигин быспакка бу курдук үөрэнэллэрэ буоллар үтүө түмүгү эрэ аҕалыа этэ.
Дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ Андрей Кычкин:
— Тэрийэр хамыыһыйа чиэс биэрэн бу оонньууга дьүүллүүр сүбэҕэ киирэн үлэлээтим. Оонньуу иһигэр элбэх тыҥааһыннаах тиэмэлэр таарылыннылар: Саха сирин айылҕатын билиҥҥи туруга, Саха төрүт дьарыгын дьылҕата, аныгы үйэҕэ аймах оруола, бэйэ хаһаастыбатын тутуу, доруобуйа. Хамаандалар кыайыыга дьоҕурдарын, талаһыыларын, бэлэмнэрин көрдөрдүлэр. Мин сыаналаабыт бөлөхпөр П.И. Яковлев Амма-Наахара оскуолатын бигэргэтии (утверждение) хамаандата оонньууга толору бэлэмин, аргуменнарын холобурдара толорутун көрдөрөн кыайыылааҕынан таҕыста. Төрөөбүт тылбытынан маннык күрэс ыытыллыбытын оҕолор кэрэхсээтилэр, өссө да кыттар баҕалаахтарын биллэрдилэр.
Томпо улууһун Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Аксиния Атакова (үһүс испиикэр):
— Мин бу дебаакка кыттан бэйэм сахалыы саҥарар кыахпын холонон көрбүппүттэн, хамаандабыт финалга тахсыбытыттан олус үөрдүм, долгуйдум, киэн тутуннум. Саха тыла наһаа баай, ол эрээри ыарахан тыл дии саныыбын. Саха оҕото хайаан да сахалыы саҥарыахтаах. Биһиги Томпобут улууһа интернациональнай улуус: 9 сэлиэнньэлээх, онтон 3 эрэ саха дэриэбинэтэ. Улуус киинигэр киирдэххэ, дьон үксэ нууччалыы саҥарар. Сахалыы кэпсэтэр киһи ахсааннаах. Ийэ тылынан дебат олус интэриэһинэй эбит. Ол эрээри наһаа долгуйдум, толуннум да диэххэ сөп. Саҥара олорон хайдах эрэ уу сахалыы саҥарбыт киһи сыыс тылы туттубакка, хамаандабын түһэн биэрбэккэ диэн сыал-сорук туруоруммутум. Хамаандабыт олус үчүгэйдик кытынна. Хас биирдиибит финалга тахсар туһугар уонна оскуолабыт, улууспут чиэһин түһэн биэрбэккэ кыттарга дьулустубут. Тэрийээччилэргэ маннык сахалыы дебаты тэрийбиттэригэр махтанабын!
Томпо улууһун Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Ярослав Булдаков:
— Мин бу аан бастакы кыттааһыным. Күрэхтэһии саҕаламмытыгар сүрдээҕин долгуйбутум, эбиитин биһиги хамаандабыт сэрэбиэйгэ 1-кы нүөмэри тардан ылбыппыт. Дебат хаамыытыгар мин иккис испиикэр этим. Тугу бэлэмнэммиппин барытын эппитим. Туох сыыһалаахпытын-халтылаахпытын судьуйа оонньуу кэнниттэн тута эппитэ үчүгэй, онон инники өттүгэр ону хайаан да учуоттуохпут, көннөрүнүөхпүт дии саныыбын.
Мин бэйэм бу күрэҕи сөбүлээтим: интэриэһинэй эбит, сахалыы бэйэ санаатын таба саҥарары ирдиир, онон күүскэ бэлэмнэниэххэ наада. Олунньуга буолар оонньууга хайаан да кэлиэм. Тэрийээччилэргэ уонна бэлэмнээбит учууталларбытыгар махталбын биллэрэбин!
Дьулус Хастаев, Томпо улууһун Е.Е Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Маннык дебаакка аан маҥнайгыбын кытынным. Олус долгуйдум, бастаан чаҕыйа да санаабытым. Салайааччыларбар махталбын тиэрдэбин. Миигин хамаандаҕа ыҥыран бэлэмнээн кытыннарбыттарыгар. Аныгыскы күрэскэ бары хамаандаларга ситиһиини баҕарабын!
Дарина Григорьева, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин 11 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Мин санаабар, бу дебат күрэҕэ туох да уустуктары көрсүбэккэ, үчүгэйдик уонна интэриэһинэйдик ааста. Оҕолор мин көрөрбүнэн саҥалаах-иҥэлээх, иннилэрин биэрбэт күүстээх санаалаах, бэлэмнээх эбиттэр. Бэйэм манна кыттыбыппыттан үөрдүм, астынным аҕай, ораторскай искусство өттүнэн сүбэ, уопут бөҕөтүн ылынным уонна өссө сайдыыга кынаттаныам диэн туран, өссө төгүл бу күрэҕи ыыппыт салайааччыларга уонна кыттыыны ылбыт оҕолорго махтаныам этэ.
Үлэ геройа П.И. Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Яна Егорова:
— Дебат күрэҕэр ситиһиилээхтик кытынныбыт. 10 кылаас уолаттара Талбан Мартынов, Любомир Трофимов буолан кытынныбыт. Кыттыбыппыттан олус үөрдүм. Бастакы холонууга кыахпытынан кытынныбыт дии саныыбын. Мин бу иннинэ аман өскө уонна кэпсээн айыытыгар кыттыбытым. Үчүгэй баҕайытык оонньоотубут, олуһун диэн сөбүлээтим. Маннык күрэхтэр өссө да ыытылла турдуннар. Тэрийээччилэргэ махтанабын!
Сунтаар улууһун Илимниирдээҕи сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Сахамин Попов, көрөөччү:
— Мин бу тэрээһиҥҥэ суруйааччы Варара Корякина киһи тоҕо ааҕыахтааҕый диэн кэпсээбитин олус сөбүлээтим. Бу манна киһи ааҕан тыла-өһө сайдар диэн өйдөөтүм. Бу мин аан бастаан көрбүт дебатым буолар. Бу иннинэ мин дебат диэн тугун үчүгэйдик билбэт этим, сөбүлээтим, үөрэнним. Кэлин өссө дебат буолар буоллаҕына, булгуччу кыттыам.
Василий КУЗЬМИН,
http://sakhaetigentyla.ru саайт уобсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.