Мин сахалыы иитиилээх буоламмын сахабын дэнэбин. Ол курдук, дьиэ иһинээҕи эйгэм сахалыы буолан, төрөппүттэрим ийэ тылбын оҕо эрдэхпиттэн иҥэрбиттэрэ.
Сахалыы эйгэлээх “Кэнчээри” биэбэйиккэ иитиллэ сылдьан, саха фольклорун билсибитим, сөбүлээн дьарыктаммытым. Билигин Дьокуускай куорат киинигэр турар Чиряевтар ааттарынан сахалыы тыыннаах Национальнай гимназияҕа үөрэнэбин.
Оскуолабатыгар киирээти кытары сахалыы оһуор-мандар, сурук-бичик сахалыы тыыны биэрэллэр. Иннэ гынан, “үтүө күнүнэн”, “сайаҕас сарсыарданан”, диэн иһирэх эҕэрдэлэринэн күммүт саҕаланар. Оннооҕор уруокка ыҥырар чуораан сахалыы хомуһунан арыалланар. Үөрэнээччилэр бары бэйэ бэйэбитин кытта төрөөбүт тылбытынан алтыһабыт, ол эдьиийдии-балыстыы, убайдыы-бырааттыы, уопсайынан, аймахтыы сыһыаны үөскэтэр. Онон оскуолабыт иһигэр сахалыы саҥа чугдаарарын истэннэр, ыалдьыттар сэргии, сөҕө көрбүт түгэннэрэ элбэх.
Сахалыы саҥа, сахалыы эйгэ улаатан эрэр оҕоҕо күүстээх сабыдыаллаах. Онон түмүкпэр этиэм этэ: дьиэ иһиттэн саҕалаан, биэбэйиккэ, оскуолаҕа сахалыы эйгэни өрө туттахха, биһиги сахабыт тыла сайдан уонна тарҕанан иһиэ.
Константинова Аяна , А.Г., Н.К. Чиряевтар ааттарынан
Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия XI “В” кылааһын үөрэнээччитэ.