Пионер диэн тыл ол кэминээҕи оҕоҕо элбэҕи этэр суолталаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэр-көстөр дьоммут оҕо саастарын пионерияны кытта ситимнээбиттэрин, ол барыта кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар уонна олохторугар хайдах дьайбытын туһунан сэһэргээтилэр.
Павел Семенов, СӨ үтүөлээх артыыһа, ырыаһыт:
— Мин 1983-1987 сыллардаахха пионер буола сылдьыбытым. Пионерга киирии түгэнэ олус долгутуулаах буолааччы. Наһаа улахан киһи курдук буолбуппун өйдүүбүн, күн аайы хаалтыспын өтүүктүүрүм. Оччолорго олохпут оннук этэ. Эһээ Ленин биһиэхэ таҥара кэриэтэ киһи этэ.
Эппиэтинэс наһаа улахана, иитии, бэрээдэк өттө кытаанаҕа, учууталы, улахан дьону сыаналааһын, үөрэххэ кыһаллыы, дойдуга таптал наһаа күүстээҕэ, бастакы миэстэҕэ турара. Билиҥҥи олох кэлиэ диэн өйгө-санааҕа да суоҕа…
Мин пионерскай дружинаҕа горнистаабытым. Онтубунан наһаа астынар, киэн туттар этим. Ленин төрөөбүт күнүгэр куруук горну үрэрим.
Аныгы оҕолор пионер диэн кимин билбэттэр, урукку оҕо өйүгэр-санаатыгар тиийбэттэр дии саныыбын.
Ирина Никифорова, СӨ үтүөлээх артыыската:
— Мин Амма оройуонун Эмис 8 кылаастаах оскуолатыгар, онтон Алтан орто оскуолатыгар 10-11-с кылаастарга үөрэммитим. 1985 сыллаахха пионер буолбутум. Аан маҥнай барабан, горн доҕуhуолунан кыhыл хаалтыс бааммытым.
Пионер оҕо саас саамай ыраас сырдык кэмнэрин кытта ситимнээх. Хас биирдии оҕоҕо инникигэ эрэли уонна дойдутун, норуотун туhугар патриотическай өйү-санааны үөскэтэрэ.
Аан маҥнай кыhыл знамя тутуурдаах, кыhыл хаалтыс баанан, «Всегда готов!» диэн чиэс биэрэн туран, мэктиэ тылбын биэрбиппин хаһан да умнубаппын. Кэлин өйдөөтөхпүнэ сүлүөттэр, бохуоттар, күрэхтэргэ кыттыыбыт барыта пионердыы сылдьан буолбут эбит. Оҕо саас саамай кэрэ, чаҕылхай кэмнэрэ эбит.
Билиҥҥи үйэҕэ пионер диэн баара буоллар атын буолуох этэ.Yйэ, кэм олус түргэн хаамыылаах, дьон ону кытта эмиэ уларыйар. Ол эрэн билиҥҥи үйэ пионера үрдүк таhымнаах өйдөөх, сайдыылаах, дойдутун инники күөҥҥэ тутар патриот буолуохтаах.
Александр Бурнашов, СӨ норуодунай артыыһа, ырыаһыт:
— Аан бастаан пионерга алын кылааска киирбитим. Дьокуускай 2-с №-дээх оскуолатын пионер баһаатайа Галина Анисимова Хайдурованы олус күндүтүк саныыбын. Саха Сирин бастакы пионер лиидэрэ Фаина Иннокентьевна Авдеева салайааччылаах “БАМ” тутааччыларыгар кэнсиэр көрдөрө поеһынан бара сылдьыбыппын, бүтүн Сойуустааҕы “Орленок” пионерскай лааҕырга сынньаммыппын оҕо сааһым чаҕылхай кэмнэринэн ааҕабын.
Пионерия диэн оҕо саас. Биһигини бэрээдэккэ, үлэни, үөрэҕи, дойдуну таптыырга үөрэппитэ. Билиҥҥи кэм пионерын сүрүн соруга – дойдутугар патриот буолуохтаах.
Сахая Бурнашева, СӨ үтүөлээх артыыската, ырыаһыт:
— Мин, Владлена Егорова, Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ кэккэтигэр киирээри туран, учууталларым, доҕотторум, иннилэригэр андаҕайабын: төрөөбүт дойдубун күүскэ таптыырга, улуу эһэбит Ленин этиитинэн, Хомуньуус партията үөрэтиитинэн олорорго, үөрэнэргэ, Сэбиэскэй Сойуус пионердарын сокуонун тутуһарга! «Бэлэм буол!». «Өрүү бэлэммин!».
Соторутааҕыта дойдубут президенэ В. Путин пионерияны хос тэрийэр туһунан эппитэ. Мин ол этиини өйүүбүн уонна биһиги кэлэр кэскилбитигэр, оҕолорбутугар, маннык тэрилтэ баар буолуон баҕарабын!
Тамара Попова, СӨ үтүөлээх артыыската, ырыаһыт:
— Мин 1976 сыллаахха пионерга киирбитим. Ол күнү наһаа өйдүүбүн. Устаап бөҕөтүн үөрэппитим. Үөрэҕим, бэрээдэгим барыта үчүгэй буолуохтаах диэн бэйэбэр өссө күүстээх ирдэбил, эрэл санаата үөскээбитэ. Кыһыл хаалтыс баанар саҕа дьол суох курдук этэ. Сыттыын-сымардыын барыта эн хааҥҥар, эккэр-сииҥҥэр күүскэ иҥэрэ. Санааҥ сүүс төгүл үөһэ көтөрө.
Пионер диэн, бастатан туран, эппиэтинэс. Бэйэҕэр уонна тулалыыр эйгэҕэ, үөрэххэ, табаарыстаргар. Чиэһинэй буолуу, эппит тылга турааһын, улахан дьоҥҥо убаастабыллаах сыһыан.
Пионерга киирэр күнүм — саамай өйдөнөн хаалбыт түгэним. Наһаа долгуйбутум. «Чахчы бу мин пионер буоларга сөптөөхпүн дуо» диэн бэйэбэр ыйытыы турбута. Устаабы чиэстээхтик туттарбытым кэнниттэн кыһыл хаалтыһы баайбыттара. Ол күнтэн ыла мин тосту уларыйбытым, улааппытым.
Мин санаабар, билиҥҥи оҕоҕо дьиҥнээх холобур туттар киһи диэн суох. Холобур, биһиэхэ эһээ Ленин этэ.
Анастасия Габышева – Сыдьаайа, СӨ култууратын туйгуна, үҥкүүһүт, “Сыдьаайа” авторскай айар киин салайааччыта:
— Мин пионерга 1975-1978 сыллардаахха киирбитим. Пионер диэн «Костер», «Зарница», сүлүөт, горн, барабан… Ити курдук үчүгэй тутуллардаах, өрө күүрүүлээх турук өйбөр-санаабар иҥэн хаалбыт.
Биһиги олорор уһук дэриэбинэбитигэр массыына суоҕа, суол куһаҕан этэ, ол иһин ороуйуон кииниттэн ол-бу кэлэрэ куруук хойутуура. Ол курдук, пионерга киирэрбитигэр хаалтыспыт кэмигэр кэлбэккэ, сиитэс матырыйаалынан тиктэн пионерга киирбиппит. Улахан оҕолор кылабачыйар солко хаалтыстарыгар ымсыыран да биэрбитим. Андаҕарбын үөрэтэрбэр олус да долгуйбутум. Этэн баран туох эрэ дьикти кэрдиискэ үктэммит курдук санаммытым.
Билиҥҥи кэмҥэ пионерия курдук оҕолору түмэр тутулу тэрийиэххэ сөп дии саныыбын. Улахан атына суох буолуо этэ. Сүрүн хайысхата оҕолор биир түмсүү тула мустар буоллахтара. Билиҥҥи оҕолор тус иитиинэн сылдьаллар, түмсүүлэрэ сүнньэ суох. Түмэр киһи баара буоллар, оҕолор инники суоллара тирэхтээх буолуо этэ.
Ростислав Лебедев, СӨ үтүөлээх артыыһа, акробат-жонглёр-клоун:
— 1972 сыллаахха Ньурба оройуонун Күндээдэ орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан пионерга киирбитим. 5 сыл пионер кэккэтигэр сылдьыбытым. Пионер диэн сомоҕолоһуу, кыаммакка көмөлөһүү, аҕа саастааҕы өйөөһүн, барытыгар холобур буолуу.
Пионерга саамай өйдүүрүм андаҕары биэрии, линейкаҕа знамяны таһаарыы, костер тула олорон ыллааһын.
Билиҥҥи кэм пионера биир санаанан үлэлиир-хамсыыр, олоххо ураты көрүүлээх, инникигэ сыаллаах буолуохтаах дии саныыбын.
Клим Федоров, СӨ култууратын туйгуна, артыыс:
— 1976 сыллаахха Кэбээйи улууһун Ньидьили 8 кылаастаах оскуолатыгар киирбитим. 1979 сыллаахха пионер буолбутум.
Пионер диэн биир тыллаах, чиэһинэй, бэрээдэктээх, ыраас. Биһиги оннук улааппыппыт. Мин пионерым хаалтыһын хомсомуол да буолан баран баана сылдьыбытым. Түөспэр хомсомуоллаах, моойбор пионер хаалтыстаах этим. Ол кэмнэри олус үчүгэйдик саныыбын. Оскуолаҕа миигинэ суох туох да ааспат буолара. Наһаа актыыбынай этим. Арай, спорт өттүгэр мөлтөҕүм.
Саас аайы «Зарница» диэн оскуоланы икки хамаандаҕа арааран, олус өрө күүрүүлээх оонньуу буолара. Бары эппилиэттээх буолааччыбыт, араас мэһэйдэри туорааһын мин өйбөр хаалан хаалбыт. Наһаа үчүгэй кэмнэр. Пионер кырдьаҕастарга көмөлөһөр киһи буолуохтаах диэн, ыаллыы олорор уолбун, доҕорбун Володя Эверстовы кытта икки хараҕынан көрбөт Сөдүөччүйэ кырдьаҕас эмээхсиҥҥэ баран көмө буолар этибит. Бултаан-алтаан бэрсэрбит. Ону кини биһигини олус үтүө тылларынан алҕаабыта.
Мин билиҥҥи кэм оҕотун аһынабын. Бэйэ-бэйэни кытта алтыһыы аҕыйах, куруук төлөпүөҥҥэ олороллор. Ол иһин пионер диэн баар буолуон баҕарабын. Ыччаты түмсүөхтээх, ырааска-сырдыкка уһуйуллуохтаах.
Бэлэмнээтилэр Вера Петрова, Кристина Иванова, Эльдар Садовников.
Источник: keskil14.ru