Ол курдук үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, ол аата 9-10 кылаастар, куйаар ситимин нөҥүө оробуочай идэҕэ үөрэнэн, оскуоланы идэлээх буолууну туоһулуур докумуоннаах бэлэм исписийэлиис буолан бүтэрэр кыахтаннылар. Ол аата билигин оҕо дьиэтиттэн уонна оскуолатыттан тэйбэккэ, кэтэхтэн олорон үөрэнэн идэни баһылыыр кэмэ кэллэ! Бу билиҥҥи сайдыылаах олохпут тэтимигэр олус табыгастаах бырайыак. Оҕо оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр номнуо идэни баһылыыр буолла.
«Мин маҥнайгы идэм» диэн бырайыак үһүс сылын Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университет иһинэн тэриллэр. Ол курдук бу үс сыл түмүгүнэн 151 оскуола үөрэнээччитэ 7 араас идэни баһылаата: парикмахер, косметик (визажист), повар, кондитер, официант, сварщик, табаһыт уонна идэлээх буолууну туоһулуур докумуону (свидетельство о профессиональном обучении) илиилэригэр тутан олороллор.Бу улахан сыыппара буолбат дуо? Ол аата өрөспүүбүлүкэбит оскуолаларыттан баҕалаах оҕо сөбүлээбит идэтигэр үөрэнэн, номнуо олоҕун суолугар эрэллээхтик хардыылаан турар.
Үөрэх чааһын кэпсиир эбит буоллахха, оҕолор уопсайа үс ый үөрэнэллэр. Үөрэх теоретическай чааһа видеоуроктар нөҥүө ыытыллаллар, ол аата оҕо дьиэтигэр олорон, бэйэтигэр табыгастаах бириэмэҕэ холбонон, үөрэнэр. Хас саҥа тиэмэ кэннэ билиилэрин тест нөҥүө бэрэбиэркэни ааһан бигэргэтэллэр. Онтон үөрэх быраактыкатын, оҕо уонна төрөппүт быһаарыытынан, олорор сирдэригэр эбэтэр куоракка кэлэн талан ылбыт идэлэригэр сөп түбэһэр, онно аналлаах тэрилтэлэргэ ааһаллар. Онон бу бырайыак бары өттүнэн табыгастаах буолар. Уонна үчүгэйэ диэн — оҕо уонна төрөппүт бэйэтэ быһаарар кыахтанар. Дьокуускайга быраактыканы ааһар оҕо АГАТУ уопсайыгар эрэ олорон үөрэнэр кыахтанар.
Алтынньы 7 күнүгэр «Мин маҥнайгы идэм» диэн бырайыакка кыттыбыт оскуола дириэктэрдэрэ, үөрэх чааһын үлэһиттэрэ, АГАТУ ректорын эбээһинэһин толорооччу К.К. Кривошапкин кыттыылаах ZOOM платформа нөҥүө семинар ыытылынна. Манна идэни номнуо баһылаан олорор оскуолалар кытыннылар, санааларын үллэһиннилэр, уопуттарын кэпсээтилэр, инники былааннарын торумнастылар. Холобур, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата бу бырайыакка кыттан, 19 оҕону үөрэттэрэн, номнуо сибидиэтэлистибэлэрин илиилэригэр тутан олороллор.
Салгыы быыстала суох профессиональнай үөрэхтээһин институтун дириэктэрэ Мария Ивановна Егорова кэпсиир:
— «Мин маҥнайгы идэм» диэн оскуола үрдүкү кылааһын оҕолоругар анаммыт куйаар ситимин нөҥүө үөрэнэр бырайыак Татарстан өрөспүүбүлүкэтин Казань куоратын «Универ» эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин дириэктэрэ, үөрэхтээһин эйгэтигэр киэҥник биллэр психолог, п.н.к Александра Егоровна Ушницкая идиэйэтинэн уонна Тыа хаһаайыстыбатын академиятын эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин дириэктэрэ Марианна Ильинична Петрова көҕүлээһиннэринэн, академия урукку ректора, э.н.к. Иван Иванович Слепцов күүстээх өйөбүлүнэн 2019 сыл күһүнүгэр тэриллибитэ.
Манна оҕолору ыларга араас улуус оскуолаларын дириэктэрдэрин, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйдэрин, учууталларын, библиотекардарын, оҕолор төрөппүттэрин кытта биир санаанан, биир ситиминэн улахан методическай, педагогическай, психологическай үлэ ыытыллар. Институт үөрэх чааһыгар сэбиэдиссэйэ Саргылана Васильевна Хамарова куратордаан, улуус, куорат оскуолаларын кытта үрдүк таһаарыылаахтык үлэлиир, иилиир-саҕалыыр.
Бу үөрэммит оҕолор быыстарыгар улуус, нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын баһылыктара, депутаттара, уокурук эдэр ыччатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ үбүлээһиннэринэн, аадырыстаах көмөлөрүнэн идэ ылбыттар бааллар. Онон оҕолор идэ ылан, эбии сатабылга үөрэнэллэр, эбии дохуот киллэринэр кыахтаналлар. Онтон сорох оҕо сүрүн идэ гынан, салгыы ол хайысханан үөрэххэ киирбиттэрэ.
Онон «Мин маҥнайгы идэм» бырайыак тыа оҕото идэ ыларыгар олус табыгастаах дии саныыбын. Оҕо кыра сааһыттан үлэҕэ сыстан, үп-харчы кэлиитин-барыытын туһунан билэн, дохуот оҥоро үөрэнэн, олоххо бэлэмнээх буолар. Тыа сиригэр олорор оҕолор, сүрүннээн хоту оройуон оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, бу бырайыакка киирсэн, идэ ылар бириэмэҕит кэллэ.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.
1