Киһи–аймах историятыгар саамай элбэх хаан тохтуулаах Иккис аан дойду сэриитэ биһиэхэ Ийэ дойдубутун фашистар кулуттааһыннарыттан быыһыыр, норуоппут чиэһин, көҥүлүн уонна үтүө аатын-суолун көмүскүүр ытык, сиэрдээх сэриинэн буолбута. Бу сэрии биһиги норуоппутугар аата-ахса биллибэт эрэйи-муҥу, кутурҕаны аҕалбыта.
Мин хос эһэм, Слепцов Петр Игнатьевич, уот сэриини ааспыт ветеран, 1926 сыллаахха Нам улууһугар төрөөбүтэ. Ийэтэ — Дарья Иосифовна Заровняева, аҕата — Игнатий Никифорович Слепцов урукку олох сиэринэн элбэх оҕоломмуттар, онтон биэс оҕо хаалбыт: Татьяна Игнатьевна, Георгий Игнатьевич — Сталинград сэриититтэн эргиллэн кэлбитэ, Вера Игнатьевна (Чепалова), Архип Игнатьевич — бастакы хомуурга 1941с. сэриигэ барбыта уонна 1942с. сураҕа суох сүппүт, ханна сэриилэспитэ, ханна өлбүтэ биллибэт. Мин хос эһэм, Слепцов Петр Игнатьевич (Бүөчэ), саамай кыралара. 1935 с. 9 сааһыгар Хатырык 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбит. 12 сааһыттан колхоз ыарахан үлэтигэр үлэлээбит. Сайынын от үлэтигэр, күһүнүн сиэмэ астааһыныгар түүтэх баайааччынан, ат үүрээччинэн үлэлиирэ. 1937 сыллаахтан «Чкалов» аатынан колхозка кыһыннары- сайыннары биир да өрөбүлэ суох илии үлэтигэр үлэлээбитэ. Кыһын от-мас тиэйиитигэр сылдьыбыт. Оскуоланы 1943 с. бүтэрэн баран бултаабыт.
1944 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Сэриигэ Мальта станцияттан барбыт. Дьиҥнээх сэрии курдук улахан үөрэтиини ыыппыттар, онно кинилэр батальоннара бүтүн дивизия үрдүнэн бастаабыт. 1000 киһини мас кэрдиитигэр ыыппыттар. Биир ый устата үлэлээбиттэрин кэннэ төттөрү аҕалбыттар. Оччотооҕуга таҥастара-саптара, сэрии буола турар буолан, бэрт мөлтөх эбит. Аара хонууга икки хоннорбуттар, Мальта станцияттан синньигэс тимир суолунан илдьибиттэр. Дьону барытын мунньан баран, дьэ таҥас биэрбиттэр. Диҥнээх роталарга ананан барбыттар. Ыраах Цицигар куоракка тиийэ сылдьыбыт. Сэриигэ сылдьан бааһыран санчааска киирбит. Санбакка госпитальга санитардаабыт. Кэлин Союзка ыытаннар, Читаҕа сборнай пууҥҥа сыппыт. Гарнизон ветеринарнай чааһыгар 1947 с. дылы сулууспалаабыт. Аттары, ыттары эмтииргэ үөрэппиттэр. 1,5 сыл госпитальга сытан баран, «негоден» диэннэр демоблизацияланан дойдутугар төннүбүт. Сэрииттэн кэлэн баран биригэдьиирдээбит, продавецтаабыт. Петр Игнатьевич Анисия Николаевналыын ыал буолбуттара. 1957 сыллаахха уол оҕоломмуттара, мин эһэм Николай Петрович.
Хос эһэм, Петр Игнатьевич пенсияҕа тахсыар дылы наар ыарахан үлэҕэ сылдьыбыта, сахалыы кинигэни элбэхтик ааҕара, бултуурун-балыктыырын сөбүлүүрэ, онон айылҕаҕа чугас, араас дьиктини, кыыл-сүөл, көтөр майгытын- сигилитин кэтээн көрөрө, бултуурга араас ньымалары арыйара, киһи иһиттэр истэн олоруох курдук арааһы бары кэпсиирэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө санаалаах, наар көмөлөһөр, үчүгэйи эрэ оҥорор үтүө киһи этэ.
Хос эһэм 2005 сыллаахха олохтон туораабыта.
Слепцов Коля, МКОУ «Маймагинскай оскуола-уһуйаан» 4 кыл. үөрэнээччитэ