«Эйэлээх олоҕу эргитэр туһугар Кырыстаах өстөөҕү кыйдыырга турбуккут Уруйбут эһиэхэ, Эһээлэр Айхалбыт эһиэхэ, Эбээлэр!»
Мин хос эһээм аата Филиппов Василий Николаевич диэн. Эһээм хара дьайдаах сэриигэ Ийэ дойдутун көмүскүүр иэһин чиэстээхтик толорбута. Кини 1924 сыллаахха Мэҥэ – Хаҥалас улууһун Чыамайыкы нэһилиэгэр төрөөбүт.
Улахан эдьиийэ 1940 с., аҕата 1941с. сырдык тыыннара быстыбыт. Ийэтин кытта биир кыра оҕолуун үһүөйэх хаалбыттар. Убайа Иван Николаевич армияҕа баран дьиэ кэргэнин иитэр – аһатар киһинэн мин хос эһээм хаалбыт. Сут дьылга сохсолоон куобах сугэн киирэн ийэтин үөрдэрэ, арыый бултуйдаҕына дьоҥҥо бэрсэллэрэ.
Убайа Уйбаан 1943 с. бааһыран дойдутугар кэлэн сыл аҥара олорон баран эмиэ уоттаах сэриигэ иккиһин төннүбүтэ. Кини кэнниттэн хос эһээм Баһылай ыҥырыллан барбыта. Айаннаан иһэн Усолье станцияҕа тиийэн убайын Уйбааны көрсө түспүтэ, 5 мүнүүтэ кэпсэппиттэрэ. Синиэллэрин бэлэх быһыытынан атастаһан кэбиспиттэрэ. Уонна иккиэн икки аны айаннаабыттар. Ол түүн сэрии суоһугар – суодалыгар чугаһаан хайабыт да утуйбатах этэ диэн кэпсиирэ үһү. Эһэм Илиҥҥи сэриигэ японецтары утары сэриилэспитэ.
Сэрии бүппүтүн кэннэ Норильскай куоракка өр сулууспалаабыт. Онно кыһынын суутканы быһа тулууп кэтэн баран уеһэ башняҕа харыс да сири хамсаабакка харабылга тураллар эбит. Кэнникки суруксутунан үлэлээбит.
И.В. Сталинтан 1945 с. ылбыт Махтал суруктаах, хас да бойобуой мэтээллэрдээх 1950с. төрөөбүт – үөскээбит Чыамайыкытыгар эргиллэн кэлбитэ.
Армияҕа барыан иннинэ колхозка араас үлэни толорбута. Кылгастык да буоллар биригэдьиирдээн, онтон сэттис кылааһы бүтэрэн баран 1943 – 44сс. райфинотделга бюджетнай бухгалтерынан үлэлээбитэ.
Армияттан кэлэн үөрэҕин салҕаан учуутал идэтин ылан интэринээт, Чыамайыкыга оскуола сэбиэдиссэйинэн, учууталынан, онтон Абаҕа, Амма 8 кылаастаах оскуолаларыгар учууталынан уонна маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ секретарынан үлэлээбитэ. Кэнники райсовет аппаратыгар араас үлэҕэ үлэлээн – барыта 46 сыл үлэ ыстаастаах сааһынан пенсияҕа тахсыбыта.
Филиппов Василий Николаевич 5 оҕо амарах аҕата, 8 сиэн, 5 хос сиэн эйэҕэс эһэтэ. Эһэм олоҕун үтүө холобура эдэр көлүөнэ ыччатын саҥа кыайыыларга сирдиэҕэ, үтүөҕэ эрэ үөрэтиэҕэ.
Регина Филиппова , V кылаас,
Таатта лиссиэйэ, Таатта