Быйыл Ылдьыын күн (атырдьах ыйын 2 күнэ) ардаабакка абыраата. Егоровтар Куорамыкы нэлэһийбит сыһыытыгар отторун кэбиһэн, күрүөтүн тутан, бэркэ астыннылар. Тыа иһинээҕи күөлтэн чугас турар балаҕаннарыгар омурҕанныы таҕыстылар. Уоллара Булат, соруйтарыыта суох, хоруолаах солуурчаҕын туппутунан, көлүкэттэн уу баһа ыллык устун сүүрдэ.
Арай эмискэччи хаҥас өттүттэн бочугурастар көтөн тилигирээн таҕыстылар.
– Һоок, бу тугуй?! – соһуйан саҥа аллайаат, Булат биир саҥа дайан эрэр бочугурас оҕотун умса дайбаан түһэрэн, солуурчаҕынан саба баттаата. Атыттара көтөн тирилэһэн хааллылар. Тутуллубут көтөр оҕото солуурчах иһигэр тирк-тарк тыаһыыра иһиллэр.
Уоллара уутун баспакка эрэ, бэркэ сүргэтэ көтөҕүллэн сүүрэн кэллэ:
– Көрүҥ эрэ, тугу туппуппун!
Көрбүттэрэ, бороҥнуҥу кугас өҥнөөх быычыкаа бочугурас оҕотун хонноҕун анныгар уктан кэлбит эбит.
– Оо, кыракатыан! Барахсаны ыытан кэбис. Ийэтэ сүтүктээтэҕэ, – эдьиийэ Люба ким-хайа иннинэ саҥа аллайда. Онтон суотабайын ылан, хайа эрэ дьүөгэтигэр сурдьа бочугурас оҕотун туппутун туһунан кэпсии оҕуста. Хаартыскаҕа түһэрэн, «Сёстры» бөлөххө бассаабынан ыытта.
Ийэлэрэ Пиэнньэ мичээрдээн ылла, түүрүллүбүт быычыкаа түү комуогу улаханнык аһынна:
– Барахсаныы… Кыратыын…
Арай аҕалара ыксаабата:
– Оҕом булчут бэрдэ буолсу. Урут оҕо сылдьан, ыккыйтан куртуйах оҕотун туппутум. Ону эһэҕит босхо ыыттарбыта. Чэ, Булат, туппут киһи, хайыыргын бэйэҥ бил.
Булат, ииттэр баҕалааҕын этэн баран, көтөрүн омурҕанныыр балаҕаннарын иһигэр киллэрэн ыытан кэбистэ. Бочугурас оҕото балаҕан буор муостатын устун сүүрэкэлээн, куотар сир көрдөөтө да, туох да үүтү-хайаҕаһы булбата. Онтон тута уоскуйан, сиринэн суксуруһар кымырдаҕастары тоҥсуйан тобугуратан, аһаан барда.
Бочугурастара бэрт түргэнник дьиэтийбитэ. Люба бочугурас оҕотун Рябушка диэн ааттаабыта.
Балаҕаннара кырыыба сиргэ турар буолан, туора дьон сылдьыбат этэ. Дьиэлииллэригэр аанын ыксары сабан бараллара. Нөҥүө күнүгэр кэллэхтэринэ, көтөрдөрө чыбыгырыы түһэрэ. Килиэп бытарытан, аһыҥаны, сахсырҕаны тутан биэрдэхтэринэ, тоҥсуйан тобурҕатан кэбиһэрэ. “Роса” бытыылкатын быһан, иһит оҥорон, уу кутан биэрбиттэрэ. Сөп буола-буола онтуттан иһэрэ.
Икки нэдиэлэ буолан баран өйдөөн көрбүттэрэ, бочугурастара биллэрдик улааппыт. Таптыыр, аһынар буолбуттара. Бастаан утаа: «Улаатыннаран баран сиэхпит», – дии саныыллара ааспыта.
Биир күн Люба көрдөспүтүгэр, Булат бочугураһын босхолоон, көҥүл ыытарга сөбүлэстэ. Рябушка уҥа атаҕар кыһыл таҥас кырадаһынын баайдылар. Балаҕантан чугас кэриигэ таһааран, ыытан кэбистилэр.
Рябушка, балаҕан аттыгар сылдьа түһэн баран, көстүбэт буолбута. «Бочугураспыт үөрүн булбута буолуо», – диэн бары истэригэр эрэнэ саныыллара.
Үһүс Ыспааһап (атырдьах ыйын 28 күнэ) кэнниттэн Егоровтар оттоон бүппүттэрэ. Аҕалара боробулуоханан оҥоһуллубут туутун тыаҕа кистээбитэ. Кыдаманы, кыраабылы балаҕан аттыгар үүнэн турар улахан харыйаҕа ыйаан хаалларбыттара. Хотуурдарын, атырдьахтарын дьиэлэригэр илдьибиттэрэ.
Балаҕан ыйа буолан, Булаттаах Люба үөрэхтэрэ саҕаламмыта. От-мас саһаран, саһархай-кытархай өҥүнэн дуйдаммыта.
Биир өрөбүл күн Булат аҕатыныын оттуур сирдэрин ойууругар куобахтыы бардылар. Булат биир уостаах сүүрбэлээх сынтараалкатынан бэркэ ытар. Аҕата кинини уончалааҕыттан булка батыһыннара сылдьыбыт буолан, уол бэйэтин хайыы-үйэ уопуттаах булчутунан ааҕынар.
Булат, көлүкэни кыйа баран иһэн, биир куобаҕы туруорда. Ол көлүкэ кытыытынааҕы дулҕалар быыстарыттан ойон тахсыбыт куобах тохтообокко, аҕыйахта ойуолаат, сүтэн хаалла. Онтон тиит хатырыга саккыраабытыгар үөһэ көрбүтэ, тииҥ олорор эбит! «Түүтэ көбүү илик», – диэн ыппата.
Аҕатын саата иккитэ-хаста доргуйан иһилиннэ. Баҕар, Булаттан куоппут куобаҕы ыппыта буолуо. Көмнөх ситэри тохтубута буоллар, бэрт ыраахтан барыта көстүөх эбит. Ок, ол тугуй? Хатыҥ лабаатыгар мас көтөрө олорор. Булат, саатын хаба тардан ылаат, кыҥыы охсон, элбэрээгин тардан кэбистэ. Саата сырдык күөх буруонан дэлби ыстанна, саннын син биллэрдик аста. Ону кытта бочугурас аллара сууллан эрэрин көрөн хаалла. Ытыллыбыт ботуруонун саатын иһиттэн да ылбакка, көтөр олорбут хатыҥар сүүрэн тиийдэ. Сиргэ, саһарбыт сэбирдэх быыһыгар бочугурас сытар. Кыһыл хааһын үрдүнэн хаан тыккырыыр. Кынаттарын төбөтө барбах ибирдиир.
Булат, бочугураһы илиитигэр ылан иһэн, «дьик» гынна. Рябушкатын бултаабыт! Бу босхо ыыталларыгар уҥа атаҕар Люба баайбыт кыһыл бэлиэ кырадаһына сылдьар… Булат долгуйан, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа, өссө да сылаас көтөрү туппалыы, имэрийэ олордо: «Рябушка, мин эйигин билбэтим дии…»
Сарыал ЖИРКОВ.