1970-с сылларга Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Люда Степанова уһулуччулаах педагог Василий Александрович Сухомлинскайга өйтөн суруйуутун ыыппыта уонна харда эппиэт туппута. Бу кэмҥэ кини оскуоланы бүтэрээри, олоххо суолун, идэтин таларга мунаахсыйа сылдьар эдэркээн кыыс муунтуйар санааларын дойду бастыҥ учууталыгар, «идеал» оҥостор киһитигэр кумааҕыга тиһэн суруйбута.
В.А. Сухомлинскай бу кэмҥэ төһө да ыараханнык ыалдьа сырыттар (ити кэннэ икки ыйы кыайбатынан суох буолбута), эппиэт ыыппыта. Онон ааттаах-суоллаах киһини кытта алтыһыы Людмила Ивановнаҕа Педагог идэтин баһылыырыгар төһүү күүс, ыйар сулус буолан сандаара тыкпыта. Бу сурук историятын туһунан «Детям Саха сирэ» Н.С. Дмитриев ааптардаах 2010 сыллаахха бэчээттэммит «Адрес: юным пионерам Якутии» кинигэ иккис таһаарыытыгар билсиэххитин сөп.
Эбэтин туһунан сиэнэ уол Айсиэн Дмитриев, Людмила Ивановна улахан уолун Алексей уола, Дьокуускай куорат 26 нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ бэлэмнээн ыыппыт матырыйаалын билиһиннэрэбит.
«Мин эбэм Людмила Ивановна Дмитриева 1953 сыл кулун тутар 18 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр Домна Саввична Таркаева уонна Иван Николаевич Степанов дьиэ кэргэттэригэр маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оччотооҕу оҕо сиэринэн оскуолаттан иллэҥ кэмигэр дьиэ иһин таһын көрөн, балыстарын-бырааттарын бүөбэйдээн төрөппүттэригэр көмө буолара. Кини кыра сааһыттан билиигэ тардыһыыта күүстээҕэ — утуйар уутун да умнан чүмэчи уотунан сырдатынан кинигэ ааҕар идэлээҕэ.
Оскуола кэнниттэн Благовещенскайдааҕы судаарыстыбаннай педагогическай институтка нуучча тылын уонна литературатын факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. 1974 сыллаахха үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, Бүлүү улууһун Күүлэт нэһилиэгэр нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Бу кэмҥэ кини биллэр суруйааччы, педагог, публицист В.А. Сухомлинскайы кытта суруйсар этэ. Сухомлинскай суруктара бу күҥҥэ диэри Кэнтик түмэлигэр харалла сыталлар.
Василий Александрович Сухомлинскай аан маҥнайгы харда суругар бу курдук суруйбута:
«Уважаемая Люда! Я с восхищениям прочитал Ваше прекрасное письмо.
Милая Люда, будьте такой, как Вы есть; берегите в себе стремление к знаниям и красоте. Обязательно учитесь дальше; Вам надо получить высшее образование и посвятить свою жизнь науке.
Хочется, чтобы Вы прочитали мою книгу, вышедшую в 1969 г. — «Сердце отдаю детям». Думаю, что, прочитав эту книгу, Вы лучше узнаете мои взгляды, убеждения.
Прошу Вас напишите, как сложится Ваша судьба.
С уважением, В. Сухомлинский.
3/VII-70 г.».
Манна даҕатан этэр эбит буоллахха, Людмила Ивановна ийэтэ Домна Саввична ССРС норуодунай учууталын Михаил Андреевич Алексеевы кытары сибээһи тутара. Уһулуччулаах педагогы дьиэ кэргэнинэн ытыктыыллара, убаастыыллара, киниттэн сүбэ-ама ыйыталлара. Михаил Андреевич суруктарыттан: «… Мин төһө кыалларынан эн оҕолоргор сүбэһит-амаһыт буола сатыам. Итинник үчүгэй оҕолор үгэс курдук эһиги курдук үлэ-хамнас кэргэттэригэр үөскээччилэр…». «… Үгэс курдук улахан-үтүө сүрэххэ эмиэ улахан дьол бэриллээччи. Эйиэхэ куруук оннук буолуохтун. М. Алексеев. 28.XI.73 с.».
1976 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр көһөн кэлэн үлэлээбитэ. Манна үлэлиир сылларыгар К.С. Чиряев аатынан «Норуот педагогикатын түмэлэ» арылларыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. 1982 сылтан Кырыкый нэһилиэгэр ананан тиийэн директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан уонна учууталынан үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ сирдээҕи тапталын Дмитриев Владимир Петровиһы көрсөн үс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтэ. 1998 сыллаахха оҕолорун М.А. Алексеев аатынан республиканскай гимназияҕа үөрэттэрээри Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр дьиэнэн көһөн кэлбиттэрэ. Бу сылтан саҕалаан олохтон барыар диэри улуус үөрэҕин салалтатыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, маны таһынан оскуолаларга идэтинэн учууталлаабыта.
2003 сыллаахха элбэх сыллаах сыралаах үлэтин түмүгүнэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
2007 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр эмискэ биһиги кэккэбититтэн туораабыта.
Людмила Ивановна сахабыт норуотун туһугар бэриниилээх үлэһиттэртэн биирдэстэрэ буолар. Кини олоҕун тухары нуучча улуу суруйааччыларын айымньыларын нөҥүө үүнэр көлүөнэ иитиллэн тахсарыгар, тулалыыр эйгэни сөптөөхтүк ылынарыгар, нуучча литературатын таптаан ааҕарыгар үөрэппитэ. Людмила Ивановна үгүс үөрэнээччитэ тыл үөрэҕин баһылаабыта. Бэйэтин чинчийэр уонна научнай үлэлэригэр, нуучча тылын уонна литературатын оҕолорго сөптөөхтүк үөрэтии ньыматын айарыгар, оҕо киһиэхэ үчүгэй хаачыстыбаны өйдөөн көрөр уонна өрө тутар буоларыгар улахан суолтаны уурбута.
Онтон билигин Людмила Ивановна үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрбит билиитин, тус ньымаларын уонна улуус үөрэҕириитин сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылаатын үйэтитэр сыалтан кэргэнэ Дмитриев В.П. уонна төрөппүт оҕолоро 2013 сыллаахтан стипендия туттарыытын саҕалаабыттара. Бу үтүө үгэскэ кубулуйбут Дмитриева Л.И. аатынан анал стипендия 10 төгүлүн Үөһээ Бүлүүтээҕи 4№-дээх оскуола бастыҥ үөрэнээччитигэр туттарыллар.
Людмила Ивановна уһулуччу учуутал, бастыҥ ыал ийэтэ. Кини баай билиитин, олоххо уопутун бүтүннүү оҕолоругар иҥэрбитэ. Үөрэхтээх, киэҥ көрүүлээх дьон буола улааталларыгар кыһаллан туран ииппитэ. Улахан уола Алексей инженер-электрик, ГБУ РС(Я) СЭТО инженерынан үлэлиир, кэргэнэ Мария журналист, икки оҕолоохтор Айсиэн уонна Сайаана, онтон кыыһа Мария Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын юридическай боппуростарга уонна муниципальнай хонтуруол салаатын салайааччы, кэргэнэ Александр «Авиалесоохрана» десантник-баһаарынайа, 4 оҕолоохтор Эрчимэн, Алгыстаан, Эрсан уонна Вова, онтон кыра уол Владимир идэтинэн географ, ООО “Сир-кут” генеральнай дириэктэрэ, кэргэнэ Татьяна ФАПК «Якутия» АУо юридическай салаатын салайааччытын солбуйааччы, Дуолан диэн уол оҕолоохтор.
Мин эбэм үтүө холобуругар олоҕуран дьон үтүө хаачыстыбатын таба көрөргө үөрэнэбин. Эппиэтинэстээх буолууну, Ийэ дойдуга тапталы сыаналыыбын».
Айсиэн ДМИТРИЕВ, Дьокуускай куорат 26 нүөмэрдээх орто оскуолатын 5-б кылааһын үөрэнээччитэ.