Мин эһэм Павлов Дмитрий Степанович 1904 сыллаахха Илиҥ Хаҥалас улууһугар Нөөрүктээйи нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дэки Оконешниковтар аҕа ууһун сыдьаана. Бииргэ төрөөбүттэр 5 – уол, 4 – аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара олортон биир уол сэрии хонуутугар тыынын толук уурбута. Аҕата Оконешников Федор Макарович, ийэтэ Оконешникова Мотрена Степановна. Эһэбит кыра эрдэҕинэ Павлов Ыстапаан — Суолтай диэн ыалга иитиэххэ барбыт онон Павлов буолбут. Колхоз саҕана араас үлэлэргэ сылгыһытынан, болуотунньугунан, оһохчутунан үлэлиир.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, хараҕынан мөлтөх буолан 1942 сыллаахха үлэ фронугар ыҥырыллан Бурят – Монголия сиригэр сылгы иитэр собуокка сулууспалаабыт. Сэрии бүппүтүн кэннэ 1945 сыл алтынньытыгар дойдутугар этэҥҥэ эргиллибитэ.
Государственнай премия лауреата биллиилээх оҕуруотчут М.Г.Егоровы кытта бииргэ үлэлээбитэ. Саха сиригэр аан маҥнай оҕуруот ас араас көрүҥүн үүннэрбиттэрэ, өлгөм үүнүүнү ылбыттара. 50-с сылларга “Саҥа олох” колхоз оҕуруот аһын үүннэриитинэн сураҕырбыта. Эһэм биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
1954 сыллаахха Мэҥэ–Хаҥалас оройуонуттан 32 киһилээх бөлөх БСНХСБ-гар кыттан кэлбитэ. Ол иһигэр мин эһэм Павлов Дмитрий Степанович барсан кэлбит. Сүрдээх үһүннук айаннаан ый курдук буолан кэлбиттэр. Оччотооҕуга Москубаҕа быыстапкаҕа кыттыы улахан чиэс буолара.
Эһэм Дмитрий Степанович өр сыллаах-сылбалаах үлэтэ “Үлэ кыһыл знамя” орденынан бэлиэтэммитэ. Мэҥэ–Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгин бочуоттаах гражданина буолан бочуот кинигэлэригэр киллэриллибитэ.
Эбээбинээн Евдокия Петровналыын түөрт оҕолонон, сиэннэрин, хос сиэннэрин оҕолоһон уһуннук дьоллоохтук олорбуттара. Мин эмиэ эһэм курдук Респуликанскай черчение олимпиадатыгар бастааммын БСНХСБ-га баран көрөн кэлэр чиэскэ тиксибитим. Сөҕөн астынан кэлбитим. Билигин даҕаны үлэһит, ситиһиилээх дьону маннык чиэскэ тиксиһиннэрэр бэрт дии саныыбын. Дойду ситиһиилэрин, сайдыытын, көрөн дойдугунан киэҥ туттаҕын, элбэҕи билэн кэлэҕин.
Ахтыыны биэрдэ Пудова Светлана Дмитриевна, В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын учуутала, СӨ ыччат политикатыгар туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Методист-учуутал, «Оҕонньор кэпсээнэ» методическай лаборатория салайааччыта
Петрова Сандаара,
В.Н.Оконешников аатынан
Павловскай орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ