ВДНХ-ҕа мин дьиэ кэргэммиттэн 2 киһи кыттан турар. 1972 с. эһэм Михаил Семенович Дмитриев сэлии муоһуттан оҥорбут табата бүтүн СССР үрдүнэн тэриллэр быыстапкаҕа турбута. Эһэм ити үлэтин Хара оскуолатыгар VI кылааска үөрэнэ сылдьан оҥорбут эбит.
1975 с. хос эһэм Дмитриев Семен Петрович Хара нэһилиэгин бастыҥ комбайнера, туруу үлэһит, социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕа буолан, Москубаҕа ВДНХ-ны көрө-истэ Саха сирин делегациятыгар киирэн кыттыбыта.
Эһэлэрим сылдьыбыт сирдэригэр Москубаҕа НПК кытта сылдьаммын быыс булан, тиийэ сырыттым, быыстапканы, ВДНХ түмэлин көрөн сөхтүм, олус астынным.
Вадим Дмитриев, «Леонардо» бүтүн Арассыыйатааҕы НПК финалиһа,
VII «А» кылаас, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата