Кулун тутар 25 күнэ – тапталлаах Чурапчыбыт улууһа төрүттэмит күнэ. Бу күн, 1930 сыллаахха, илин эҥэргэ өр сылларга “Боотур уус сыдьаана” диэн ааттанан турбут сир Чурапчы улууһа диэн буолбута.
Бэлиэ күҥҥэ оскуолабытыгар үөрүүлээх линейка буолла. Үөрүүлээх тэрээһин ”Үрүҥ Уолан” байыаннай-патриотическай кулууп иитиллээччилэрэ былаах киллэриилэринэн, Россия, Саха өрөспүүбүлүкэтин, Чурапчы улууһун өрөгөй ырыаларынан арылынна.
Салгыы оскуола дириэктэрэ Федор Игнатьевич Борисов уонна оҕо хамсааһынын лиидэрэ Афоня Федотов истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Афоня Федотов: “Биһиги ситиһиилэрбитин Чурапчыбыт төрөөбүт күнүнэн бэлэх уунабыт. Инники да ситиһиилэрбитин тапталлаах улууспут туһугар аныахпыт”, – диэн түмүктээтэ бэйэтин эҕэрдэтин.
Улууспут баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев, нэһилиэкпит баһылыга Тарас Лукич Тарасов куйаар ситиминэн ыыппыт эҕэрдэлэрин үөрэ-көтө, астына иһиттибит.
Улууска биллэриллибит Дьиэ кэргэн саргытын сылын чэрчитинэн, нэһилиэкпит элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрэ “Ол мин дойдум – Чурапчы!” акцияҕа кыттыыны ылан, тэрээһиммитин киэргэттилэр. VII кылаас коллектива “Уолан” бөлөх толоруутугар “Чурапчы дуо?” диэн дьүһүйүүнү сэргээтибит.
Үөрүүлээх тэрээһиммит киэн туттар тумус киһибит А.П. Илларионов “Чурапчым дьоно”диэн хоһоонунан түмүктэннэ.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы