Бүгүн миэхэ олус үөрүүлээх күн буолла. Мин «Чуораанчык» сурунаалтан бастакы гонорарбын туттум!
Ыам ыйыгар учууталбыт Александра Антоновна Борисова төрөөбүт литература уруогар Николай Винокуров — Урсун «Чыычаахтар» айымньытынан таайбаранна оҥорун диэн сорудах биэрбитэ. Ол сорудахпын толорон бараммын «Чуораанчык» сурунаалга ыытарга санаммытым.
Мин оҥорбут таайбараным «Чуораанчык» сурунаал 5-ис нүөмэригэр бэчээттэнэн тахсыбытыгар мин наһаа да үөрбытүм. Онтон, аны аҕыйах хонон баран, таайбараным иһин миэхэ гонорар ыыппыттара. Оо, наһаа да үөрбүтүм. Ити мин бастакы бэйэм оҥорбут харчым буолар.
«Чуораанчык» сурунаал үлдһиттэригэр, учууталбар улахан да улахан махталбын тиэрдэбин. Уонна барыгытын «Чуораанчык» сурунаалга суруйтарыҥ диэн ыҥырабын.
Алеша Петухов, 3″Г» кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас.