Саха Республикатын маҥнайгы Президенэ М.Е. Николаев анал Уурааҕынан Сахабыт сиригэр Аҕалар күннэрэ муус устар бастакы өрөбүлүгэр сыл аайы бэлиэтэнэр. Эр киһи ыал буолан, аал уоту оттунан «Аҕа баһылык» дэтэрин тухары ыал аҕатын үрдүк аатын сүгэр. Дьиэ-кэргэн нус-хас олоҕо уонна олоҕун бары уйгута, оҕолору иитии ийэттэн эрэ буолбакка, аҕаттан эмиэ улахан тутулуктаах. Аҕа тус холобура, кини ийэҕэ ытыктабыллаах сыһыана, төрөппүт эппиэтинэһин толоруута, оҕону общество дьоһун гражданинын быһыытынан бэлэмнээһиҥҥэ улахан көмөлөөх.
Билиҥҥи уустук олохпутугар аҕа киһи ыллыктаах сүбэтинэн-аматынан, өйүнэн-санаатынан дурда – хахха, кэлэр кэнчээри ыччаты иитиигэ сүрүн күүс буолар. Аҕа киһи үтүөхолобурунан уолаттарын иитиитэ, күүс-көмөбуолуута, уол оҕоҕо эр киһи хаачыстыбаларын иҥэриигэ ордук суолталааҕа саарбаҕа суох.
Дьокуускай куорат 10 №-дээх «Туллукчаан» уһуйаан коллектива кэлэн иһэр аҕалар күннэрин көрсө араас дьаһаллары бэлэмниир. Ол курдук, «Мичээр» бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоро аҕакүнүгэр эрдэттэн бэлэмнэнэллэр. Мин бу бөлөххө аҕаларын кытта биир дьарыктаах оҕолор бааларын бэлиэтии көрөбүн. Түгэнинэн сөп түбэһиннэрэн, кинлэртэн кылгастык ыйыталастым. Оҕолорбут ис сүрэхтэриттэн , маннык диэн кэпсээннээх буоллулар:
Бурнашев Тимур:
«Мин сөбүлүүр дьарыгым дуобат. Миигин кытта дьиэбэр аҕам Дмитрий Иванович иллэҥ кэмигэр дуобаттыыр уонна дьарыктыыр. Кини уопсайынан спортка талааннаах, оҕо эрдэҕиттэн спорт элбэх көрүҥүнэн дьарыктанар. Быйыл иккиэн дуобакка уһуйааммыт чиэһин уокурукка уонна куоракка көмүскээтибит. Иккиэн бастакыбытын кыттан ситиһиилэннибит, онтон биһиги олус үөрэбит. Аҕам миигин нэдиэлэҕэ үстэ дуобат Киинигэр дьарыкка таһар. Мин бу дьарыкпын бырахпакка салҕыам, элбэх ситиһиилээх киһи буолуом»
Сивцев Саша:
«Мин аҕам курдук футболунан дьарыктанабын. Аҕам Вадим Васильевич бэйэтэ оскуола саҕаттан оонньоон саҕалаабыт. Билигин куорат уонна республика үрдүнэн ыытыллар күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Мин эмиэ футболунан интириэһиргээн саҕалаабыппар, аҕам миигин «Заря» диэн ааттаах мини-футбольнай кулуубка илдьибитэ. Манна мин 2019 с. олунньу ыйыттан саҕалаан нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктанабын. Ситиһиилээхтик дьарыктанан, атын улахан куораттарга футболга күрэхтэһиигэ барыахпын баҕарабын. Улаатан баран аҕам уонна Криштиано Роналдо курдук күүстээх футболист буолуом!»
Колодезникова Александрия:
«Мин кыра эрдэхпиттэн аҕам Михаил Прокопьевич уһанарын, араас сувенир эскиһын уруһуйдуурун, мас оноһуктары оҥорорун көрөөччүбүн. Аттыгар олорон араас мультик геройдарын уруһуйдуурбун, пластилинынан үтүктэрбин сөбүлүүбүн.
Мин аҕам дизайнер үөрэхтээх, иккис идэтэ инженер-строитель. Билигин аҕам бэйэтин мастарыскыайыгар уһанар, дьоҥҥо маһынан дьиэ малын, хатыламмат оноһуктары оҥорор. Иллэҥ кэмигэр сувенирдары оҥорор. Куоракка ыраах дойдуттан кэлбит дьон аҕам оҥоһуктарын сөбүлээн, бэлэх оҥостон бараллар.
Мин уруһуйум табыллыбатаҕына, аҕам миэхэ көрдөрөн биэрэр. Пластилинынан оҥоһуктарбын дьиэбэр мунньа сылдьабыт. Улааттахпына аҕабар көмөлөһүөм, уруһуйдуур дьарыкпын быраҕыам суоҕа.».
Аҕалар оҕолорун бэйэлэрин таптыыр дьарыктарыгар уһуйуулара барыбытын үөрдэр, ситиһиигэ сирдиир. Оҕолорбут барахсаттар аҕаларын үтүө холобур оҥостон, күннэтэ үүнэллэр-сайдаллар, ыра санааларын толорорго дьулуһаллар.
Түмүккэ, кэлэн иһэр аҕалар күннэринэн «Туллукчаан» уһуйаан аатыттан бары уолаттарбытыгар, аҕаларбытыгар уонна эһэлэрбитигэр истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэн туран, чэгиэн доруобуйаны, үлэлэригэр ситиһиилэри, дьиэ – кэргэннэригэр дьолу-соргуну баҕарабын!
Ааптар: РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Попова Парасковья Ивановна-Тускулаана