Бүгүн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ естественнэй наукалар факультеттарын куорпуһугар норуоттар икки ардыларынааҕы научнай оонньуулар чэрчитинэн ыытыллар үөрэнээччилэр «Science Fair» научнай конференцияларын постернай үлэлэр хайысхалара буолан ааста. Конференция 4 секцияҕа арахсан ыытыллар. Бастакы: «Математика, компьютерные науки и информационные технологии», салайааччы — Ньургун Петрович Лазарев. Иккис: «Физика, астрономия и инженерные науки», салайааччы — Айал Михайлович Тимофеев. Үһүс: «Науки о жизни, науки об окружающей среде и химические науки», салайааччы — Василий Климович Павлов. Төрдүс: «Социально-гуманитарные науки», салайааччы — Людмила Софроновна Заморщикова.
Елизавета Копырина, В.П. Ларионов аатынан ФТЛ үөрэнээччитэ, иккис секция кыттыылааҕа:
Үлэм аата: «Улучшение бетона с помощью полимерных добавок». Элькон диэн органическай кыраасканан тупсарбытым. Бу бетон-60-тан 130 кыраадыска дылы температураны уйар. Маннык бетон Саха сиригэр олус наада. Бырайыагы сылы быһа оҥорбутум. Куорат барыта маннык бетонунан бүрүллэрин баҕарабын.
Дайаана Титова, Дьокуускайдааҕы СПЛ 9 кылааһын үөрэнээччитэ:
Үлэм аата: «Панорама исторических событий на примере ромлана Н.Якутского «Адаҕа». Сыала — ааҕааччыларга айымньы нөҥүө 19-20 үйэ кэмин көрдөрүү. Саамай ураты чахчынан буолар: Парижка 1900 сыллаахха Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа Дьокуускайтан икки бэрэстэбиитэл барбыт эбит. Дмитрий Дмитриевич Сивцев тылбаасчыт буолан сылдьыбыт. Экспонаттары, күү түүнү илдьэ барбыттар, сахалыы таҥастар туһунан кэпсээбиттэр. Архыыпка уонна Сунтаар музейыгар үлэлээбиппит. Салайааччыларым: Верва Васильевна Горбунова, Наталья Прокопьевна Леонтьева.
Аркадий Тастыгин, В.П.Ларионов аатынан Майатааҕы гимназия 8 кылааһын үөрэнээччитэ:
Үлэм аата: «Составление симметрических задач в виде якутских архитектурных построек». Мин Майаҕа баар ураһаны талан устатын-туоратын мээрэйдээн модель оҥорбутум. А.Уваровскай, В.Серошевскай, геолог Ричард Карлович Маак айымньыларыгар, үлэлэригэр олоҕуран ураһалар оччотооҕу кэмҥэ хайдах тутуллубуттара суруллар. Биир сажень диэн 178 см.
Валерия Рыбникова, Анастасия Илющенко, Ставрополь куорат уон биирис кылааһын үөрэнээччилэрэ:
СВКУ СУНЦ-гар үөрэнэбит, үлэбит аата: «Музыка как инструмент общего развития подростков». Бу бырайыакка төрөппүттэрбит оҕо, эдэр эрдэҕинээҕи (70-80-с сыллар)ырыаларын уонна билиҥҥи кэм ырыаларын тэҥнээтибит. Ону таһынан, хайдах ырыаны тупсарар туһугар үлэлиибит. Билиҥҥи оҕолор кэхтии суолугар аҥаар атахтарынан атыллаары тураллар. Музыка биһиги өйбүтүгэр күүстээх дьайыы оҥорор. Билигин тылга болҕомто ууруллубат. Быһа эттэххэ, харчы эрэ туһугар ырыа суруллар буолла.
Тимофей Кочерга, Ставрополь куорат СВКУ СУНЦ 11 кылааһын үөрэнээччитэ:
Үлэм аата: «Создание видеопокдкаста и технического продукта для изучения английского языка с применениями современных методов, с помощью сравнительных анализов ЕГЭ ЭФС». Видеоподкаст бэйэтэ продукт буолар. Мин видеоларбынанан икки эксээмэҥҥэ тута тэҥҥэ дьарыктаныахха сөп. Урбаанньыт буолабын. Видеоподкастпар сурутуу ылан, налог төлөөбүтүм уонна дохуод ылбытым. Арассыыйа ырыынагар аангылыйа тыла уонна математика инники күөҥҥэ сылдьаллар. Мин үлэлэрим 8-11 кылаастарга аналлаахтар.
Мэдиссиинэ секциятыгар Антон Алексеев, «Айыы кыһата» национальнай гимназиятын үөрэнээччитэ билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах, тоҕоостоох темалаах, тэриллээх турар. Ол курдук, илиитэ суох дьоннорго датчиктаах биопротез айбыт. Кини протеһы аан бастаан пластилинтан оҥорбут. Антон маннык кэпсиир:
Мин тиэмэм биопротезтар анализтара уонна Арассыыйаҕа инники кэскилин туһунан буолар. Биопротез прототиба 3 D принтерга уһулбуппут уонна серопроводтары сакаастаабыппыт. Инники хардыыларга кыра кылаастан сылын аайы кыттабын. Турцияҕа, Санкт-Петербурга, Москубаҕа сылдьыбытым. Салҕыы искусственнай былчыҥ технологиятын чинчийиэхпин, үөрэтиэхпин, саҥа сүүрээн киллэриэхпин баҕарабын. Научнай салайааччыларым Айысхаан Иванов уонна Марфа Дьяконова.
Майа орто оскуолатыттан Аман Жирков эксперт иннигэр бырайыагын лоп-бааччы аангылыйа тылынан кэпсээтэ, “бу бизнеһынан кимнииин дьарыктанаҕын”, “ыаллыы олорор дьонуҥ сэҥээрэллэр дуо?” диэн эксперт боппуруостарыгар эппиэттээтэ. Аман бырайыагын туһунан:
Дэриэбинэҕэ кыһын аайы эт эрбэппиттэриттэн ордон хаалбыты быраҕаллар. Ол сытыйан дьиикэй кыыллары ыҥырыан сөп. Ону суох гынар туһуттан эт ордуктарыттан фарш оҥорон ыт, куоска аһылыга оҥордубут. Геркулеһы, ирииһи, бурдугу, моркуобу, сымыыты кытта булкуйуохха сөп. Майаҕа табаарыстарым боруода ыттарыгар боруобалаппытым, сөбүлээн сиэбиттэрэ. 250 г. – 80 солк, 150 г. – 50 солкуобайга иһиттээн атыылыыбын.
Валерия Данилова, ХИФУ СУНЦ 11 кылааһын үөрэнээччитэ:
Тиэмэм: “Лексикосемантическая характеристика статусов на русском языке в мессенджере ватсап” диэн. Бу үлэни алтынньы ыйга талбытым. Бастатан туран, японскай статустары көрөр этим, онтон нууччалыыга көспүтүм. Чинчийиим сыала — статустар лексико- семантическай характеристикаларын арыйааһын, булааһын буолар. Нууччалыы тылыгар мин булбутум – цитаталары, кыбытык тыллары, неологизмнары уонна саҥа аллайыылары. Ити лексическай классификация буолар, оттон семантическай классификацияны эттэххэ, биһиги булбуппут – хобби, прецедентнай ааттар, фразалар, иэйии туругун. Улэ бырассыаһыгар 30 ыччат статуһун булбуппут, кинилэр улахан аҥаардара цитаталары эрэ туттар. Бырайыагым маннык түмүктэри аҕалла: саамай улахан – цитата уонна саамай кыра – саҥа аллайыы, семантикаҕа саамай улахан – фраза, иэйии туруга уонна саамай кыра – прецедентнай ааттар, хобби.
Эркин Ноговицын, «МАШ» оскуолатын 8 «а» кылааһын үөрэнээччитэ:
Темам аата: «Исследование флованоидов в Веронике седой в сопоставительном аспекте». Салайааччым Нахова Наталья. Флованоидтар – биологическай актыыбынай политинольнай холббоһуктардаах веществолар. Кинилэр арааһынай элбэх эффектаахтар. Холобур, антимикробнай, капелляроукрепляющай. Бүтэһик кэмнэргэ учуонайдар флованоидтар баалларын туһугар үүнээйилэр эмтээх свойстволаахтар диэн саныыллар.
Мин ийэм бүөрэ хроническай ыарыылаах этэ, ону кини «Вероника» оту иһэр буолбута, ол олус көмөлөспүтэ. Бу түгэн кэнниттэн, интэриэс кэлбитэ, темабар улам-улам тиийбитим.
Александр Кононов, ХИФУ ботаническай саадын дириэктэрин солбуйааччы:
2018 сыллаахха эмиэ экспертаабытым. Быйыл олус интэриэһинэй дакылааттар бааллар, сэҥээрдим. Сорох үлэлэр киэҥ хабааннааах буоланнар саҥа, улахан бизнеска, ону тэҥэ атын оҕо көрөн үөрэнэригэр оскуола куруһуоктарыгар туттулуохтарын сөп. Биир түгэни бэлиэтиэхпин баҕарабын – сорох кыттааччылар аангылыйа тылын үчүгэйдик билбэттэр. Аангылыйа тыла – наука тыла. Онон үөрэтиэххэ, сайыннарыахха наада.
Мария Германовна Давлитова, Дьокуускайдааҕы СПЛ математика учуутала:
Оҕолорум, 10 кылаас үөрэнээччилэрэ, Анатолий Кондратьев, Денис Павлов, Алексей Давлитов, тиэмэлэрэ: «Разработка мониторинговой системы для измерения микроклимата помещения». Бу үлэнэн икки сыл кэриҥэ үлэлээтилэр. Улахан ситиһиибитинэн буолар: Москваҕа «Инникигэ хардыы» НПК-ҕа дипломант буолбуппут. Научнай салайааччынан Семен Осипович Семенов үлэлэстэ.
Ирина Саввична Соловьева, Чурапчы гимназиятын дириэктэрин научнай-инновационнай үлэҕэ солбуйааччы:
Быйылгы интеллектуальнай оонньууларга барыта гимназияттан сэттэ оҕо кытта кэллэ. Бу конференцияҕа Дуолан Ноев, Семен Платонов, Ньургун Васильев уонна кэтэхтэн Влад Слепцов бэйэлэрэ интириэһиргиир тиэмэлэринэн кытталлар. Бары атын конференцияларга сылдьыбыт буолан бэлэмнээхтэр. Ааспыт сыллартан хайысхалар аҕыйаабыттар да буоллар, үөрэх министиэристибэтин уонна “Малая академия наук” көмөлөһүүтүнэн, салайыытынан барыта үчүгэйдик, көхтөөхтүк ааһа турар.
Бүгүн көрүллүбүт 140 дакылааттан бастыҥнар талыллан, сарсын киэҥ көрүүгэ тахсыахтара, сүрэхтэниэхтэрэ.
Эльдар САДОВНИКОВ, Кристина ИВАНОВА, Диана АНТОНОВА