Маҥнайгы бэрэсидьиэн Михаил Николаев этиитин киhи чуумпуран олорон истэр. Куруук дириҥник хорутан, ырааҕы өтө көрөн, санаатын тиэрдэр үгэстээх. Кыhалҕаны, кыаммат өрүттэрбитин аһаҕастык эттэҕинэ да, киhи өhүргэммэт. Ылынар, көннөрүнэр. Тоҕо диэтэр кини кырдьык төрөөбүт дойдутун таптыырын, норуоппут дьылҕатыгар ис сүрэҕиттэн ыалдьарын, кыhалларын бары бэккэ диэн билэбит.
Аҕыйах хонуктааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ «Үөрэх – сайдыы күүһэ» диэн ааттаах Бүлүү эргин улуустарын үөрэхтээһинин иккис форума ыытыллынна. Түөлбэлээн олорор улуустар «төбөлөрүн холбоон», сайдар саҕахтарын ырыттылар, былааннарын торумнаатылар. Маныаха үөрэхтээhин ыччаты сайыннарар ньыма эрэ буолбакка, бүтүн экэниэмикэни, норуот хаhаайыстыбатын, промышленноhы инники күөҥҥэ таhаарар стратегическай ресурс быhыытынан көрүлүннэ. Үрдүк таһымнаах, тыыппалаах, дьоһуннаах каадырдары бэлэмниир тиһик, туох ханнык иннигэр, хаачыстыбалаах буолуохтааҕар болҕомто уурулунна.
Форум сүрүн былаһааккатыгар Саха сирин маҥнайгы бэрэсидьиэнэ, судаарыстыбаннай сүбэһит Михаил Николаев эксперт быһыытынан кыттыына ылла. Санаатын этиэн иннигэр Михаил Ефимович улууска бары үөрэх тэрилтэлэрин төрүттээччилэринэн, ол эбэтэр сүҥкэн эппиэтинэһи ылыммыт дьонунан, баһылыктар буолалларын ыйан туран, zoom-кэмпириэнсийэҕэ тоҕо суохтарын сураста. Ону таһынан төрөппүттэр кыттыспатахтарын бэлиэтии көрдө. Тута салайааччыларга ити хайысхалары болҕойоллоругар баҕарда.
«Быйылгы форумҥа кэнники икки-үс сыллаах үлэбит түмүгүн ырытабыт. Ол аата улуустар баһылыктарын сыаналыыр буолан тахсабыт. Маныаха киһи соччо үөрэрэ суохха дылы. Бүгүҥҥү күн тэтиминэн айаннаатахпытына солбукпутун да сатаан бэлэмниир кыахпыт суох. Учууталлары, наука, үрдүк үөрэх үлэһиттэрин. Арай үлэтэ суох дьон ахсаана аҥар кырыытыттан элбиир чинчилээх. Оннук суолга тиийбэтэрбит!», — диэн хара маҥнайгыттан кытаанах соҕустук этитэлээтэ.
Ол кэннэ Михаил Николаев Дьокуускай куорат үөрэхтээһинин түмүгүн холобурдаата. Быйыл 2 254 выпускник оскуоланы бүтэрбит. Олортон үрдүк үөрэххэ 1 298 үөрэнээччитэ киирбит. Итилэртэр техническэй хайысхалааҕа баара-суоҕа 25 % эрэ тэҥнэһэр. Билэрбит курдук, киин сиргэ саамай хатаҕаланар, болҕомто киинигэр сылдьар бастыҥ кыһаларбыт бааллар. Научнай тэрилтэлэр, университет да барыта киин сиргэ түөлбэлээн турар. Аны туран саамай көхтөөх төрөппүттэр эмиэ манна бааллар.
«Киин куорат салайааччылара тас эйгэни олохтооһуҥҥа эрэ кыһалҕатыйаллара миигин сонньутта. Оскуола мэдэссиинэтин, сылаас аһылыгынан хааччыйыы, спорт саалаларын тутуу уо.д.а. Сөптөөх дьаһаллар, ол эрэн сүрүнэ итиннэ буолбатах! Өскөтүн дьаһалта учууталлары усулуобуйа тэрийиитинэн эрэ сыалга-сорукка туһаайар буоллаҕына түмүкпүт, биллэн турар, мөкү буоларыгар тиийэр», — диэн Михаил Ефимович Дьокуускай куорат салалтатын кириитикэлээтэ.
Онтон бүлүү умнас улуустарыгар быйыл үрдүк үөрэххэ киирии %-на былырыыҥҥытааҕар биллэрдик түспүт. Холобур, Горнайга 49-тан 39-ка, Бүлүүгэ 29-тан 24-кэ, Үөһээ Бүлүүгэ 24-тэн 22-кэ. Михаил Николаев сыаналыырынан, кэлиҥҥи сылларга араас реформаларынан үлүһүйүүбүт түмүгэр хас эмэ сылларга мунньуллубут, дьапталҕаламмыт билиибитин-көрүүбүтүн, араас ньымаларбытын, үөрүйэхтэрбитин туора сотоору гыммыппыт. Бүлүү улуустарын оскуолаларын бүтэрбит бастыҥ ыччаттар кэлин өрөспүүбүлүкэ салайааччылара, наука туруу үлэһиттэрэ буолбуттарын аҕынна. Саха судаарыстыбаннай университетын 60-ча сыл бүлүү эргимтэ дьоно салайан кэлбиттэр. Ол аата урукку өттүгэр үөрэхпит хаайыстыбата ханныгын да иһин үрдүк эбит. Иитии-такайыы да үлэтэ оттомнооҕо харахха быраҕыллар. Үгүс элбэх киһи Арассыыйа бастыҥ кыһаларыгар уһуйуллан, үрдүк таһымнаах испэсэлиис буолан кэлэллэрэ…
«Ол иһин этэбин, уопсай сүрүн үөрэхтээһин булгуччу судаарыстыба болҕомтотун киинигэр сылдьыахтаах. Муниципальнай таһымҥа буолбакка. Маны уларыта иликпитинэ хаачыстыбабыт өнүйэрэ биллибэт. Тоҕо диэтэр билигин кэлимсэ тутан каадыры бэлэмниирбит, аттаран туруорарбыт эмиэ кыаллыбат», — диэн уустук буоппуруоһу туруорар маҥнайгы бэрэсидьиэн.
Кырдьык, сонумсахтанаммыт атынтан атыҥҥа көһөрбүт элбэх. Ким эрэ туох эрэ диэтэ диэн. Михаил Ефимович сөпкө ыйытыылары туруорар: «Оскуола үөрэхтээһинин туһунан тоҕо Үрдүкү экономика оскуолата биллээҕимсийиэхтээҕий эбэтэр Сбербаан дьарыктаныахтааҕый?», «Туох да эппиэтинэһи ылыммакка эрэ, төрдүн-төбөтүн быһаарсыбакка сылдьан эрэкэмэндээссийэлиэхтээҕий?». Онон тирэнэр тирэхпит, урукку кэмнэргэ курдук, бэйэбит тобулбут, элбэхтэ сыыһан арыйбыт, көдьүүстээҕин көрдөрбүт ньымаларбыт буолуохтаахтар. Дириҥ билиилээх, баай уопуттаах, уһулуччулаах учууталларбыт суруйууларыгар тирэҕирэн. Уруккуну умнуубут, билиммэт буолуубут алдьатыыга тиэрдэр кыахтанна. Биһиэхэ ааптарскай оскуолалар, бырагыраамалар, технологиялар бааллар эбээт! Олору туһаныахха, дэлэтиэххэ.
«Үгүс элбэх күүс-сэниэ эбии үөрэхтээһиҥҥэ ууруллар курдук. Оҕо баҕардын-баҕарбатын биир көдьүс күһэйэбит. Мин саныахпар, эбии үөрэхтээһин көмөтө, оҕо дьоҕурунан, идэтинэн хайысхаламмытын эрэ кэннэ, ону дириҥэтэр, сайыннарар кыахтааҕар сытар. Холобур, муусука уонна искусство, олимпийскай резервэ курдук идэтийбит эбии үөрэхтээһин оскуолалара», – диэн быһаарар биэрэр Михаил Ефимович.
Салгыы судаарыстыбаннай сүбэһит Георгий Бессонов, Михаил Андреев курдук уһулуччулаах педагогтар үлэлэрэ үөрэтиллибэттэр, киэҥник тарҕамматтар диэн бэлиэтээтэ. Биһиги көҥдөй ааттарын эрэ күөрэччи тутар курдукпут. Михаил Ефимович Нина Алексеева ааптарскай оскуолатын выпускниктара кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэллэрин холобур быһыытынан аҕынна. Кинилэргэ 20 сыл тухары уопсай көрдөрүү мөлтөөбөт эбит. Оскуолаҕа ханнык да уустук кэмнэр үүннүннэр, тулуктаһар, чөл хаалар кыахтаах систиэмэ олохтоммут. Бу буолбат дуо уопут диэн? Билиниини ылбыт үлэ түмүгэ диэн? Эбэтэр холобур быһыытынан «научнай-үөрэтэр киин» диэн кыһа саҥа көрүҥүн кэрэхсиирин биллэрдэ. Аҕыйах да буоллаллар, көдьүүстээхтэрин көрдөрөн эрэллэрэ хайҕаллаах.
«Аныгы кэмҥэ учуутал үлэтэ сөбүгэр сыаналанар, өйөнөр. Кылаас салайааччыларыгар эбии төлөбүр баар буолла. Ситиһиилээхтик, айымньылаахтык үлэлиир педагогтарга стимулирование бэриллэр. Онон хоргутуу, хом санааһын суох буолуохтаах», – диэн бигэ санаалаах Михаил Ефимович.
Учууталлар үлэлииргэ интэриэстээхтэрин уонна көхтөөхтөрүн бэлиэтээн туран, «сайдыы таһымын, хаачыстыбалаах үөрэх түмүгүн туохха көрөбүт» диэн ыйытыы туруоран, маннык киритиэрийдэргэ болҕойон, рейтинг оҥоруохха сөбүгэр этии киллэрдэ. Ол курдук, бастатан туран, БКСЭ түмүгүнэн үөрэх хаачыстыбата. Иккиһинэн, биһирэнэр, ааттаах-суоллаах үрдүк үөрэххэ киирии бырыһыана. Үсүһүнэн, үөрэҕи бүтэрбит ыччат үлэҕэ киириитэ, ырыынагы баһылааһына. Төрдүһүнэн, төрөөбүт түөлбэтигэр тардыһыыта, оскуолатыгар сыһыана учуоттаныахтаах.
Түмүккэ Михаил Николаев форум тэриллэрин, бу хайысхаҕа толкуйдуур кыах баарын хайҕаан туран чиҥ билиини иҥэрэргэ, талааннары арыйарга, оҕо дьоҕурун сайыннарарга хоннохтоохтук үлэлииргэ ыҥырда. Бүлүү эргимтэ, урукку кэмҥэ курдук, үөрэхтээһиҥҥэ сирдьит буолар аналын салгыы толороругар эрэллээҕин биллэрдэ.
Ааптар Геннадий ОХЛОПКОВ,
https://www.sakhaparliament.ru.