Өрөспүүбүлүкэбит Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев уонна «Бэлэм буол»-«Кэскил» оҕо хаһыаттарын кылаабынай эрэдээктэрэ Нина Иннокентьевна Протопопова бэйэлэрин кэмин ураты өйдөөх-санаалаах, инникини анаарар туспа көрүүлээх, уһулуччулаах дьоно буолаллар. Кинилэр 90-с сыллардаах оҕо хаһыаттарын дьылҕата быһаарыллар уларыта тутуу быыһык кэмигэр санааларын холбоон, биир сүбэнэн билиҥҥи «Бэлэм буол»-«Кэскил», «Юность Севера», «Чуораанчык», «Колокольчик» сурунааллар «тыыннаах» хаалалларын туһугар турууласпыттара.
Бэйэлэрин үтүө дьайыыларынан Саха сиригэр оҕо бэчээтэ, суруналыыстыката сайдарыгар олугу охсубуттара. Улуу дьоммут уурбут кыһамньыларын, болҕомтолорун биһиги, эдэр көлүөнэ «кэскиллэр», умнубаппыт.
«Бэлэм буол»-«Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарга 50-тан тахса сыл кылаабынай редакторынан үлэлээбит Бочуоттаах редакторбыт Нина Протопопова 2001 с. тахсыбыт хаһыат устуоруйатын кэпсиир «Кэскил», «Юность Севера» кинигэ-альбомугар ол 90-с сыллардаах «хаһыат иһин туруулаһыы» туһунан суруйуутуттан быһа тардан биэрэбит:
«1990 сыл сайына. Партия да, комсомол да бааллара, кинилэр эстиэхтэрэ диэн ким даҕаны өйүгэр-санаатыгар оҕустаран көрө илик кэмэ этэ. Хаһыаттары, ол иһигэр биһигини, партия үбүнэн дьаһайан олорор партийнай издательствоттан аны ыччат хаһыаттарын партия үбүлээбэт буолбутун, комсомолга биэрбитин туһунан иһитиннэрбитэ. Үбүлээһин үгүс өттүн комсомол обкома бэйэтэ булунар үбүнэн уйунуохтаах диэн боппуруос тирээбитэ. Обкомол бастакы секретара: «Икки хаһыаппытын («Эдэр коммунист», «Молодежь Якутии») хайдах таһаарарбытын билбэккэ олоробут. Онон хаһыаккын үбүлүүр суолу тобулунар кыахтаах буоллаххына тобулун»,—диэн быһаччы эппитэ. Миэхэ хаһыаппын быыһыыр суолу булар кыһалҕа тирээбитэ. Ол суолум диэн: «Бэлэм буол» сэрии кэннинээҕи тахсыытыгар хаһыат тахсар ороскуотун республика бэйэтин бюджетыгар ылынарын туһунан уураахтаах этэ. Сол курдук биһиги уонтан тахса сыл Үп министерствотыттан быһаччы үбүлэнэн, бэйэбит дьиэлэнэн, кумааҕыбытын тиэнэн олорбуппут. Правительствоҕа онон киирсэргэ быһаарыммытым. Кимиэхэ киириэххэ? Ким өйдүөй, өйүөй?!
М.Е.Николаев Верховнай Совет Президиумун Председателинэн талыллыбыт кэмэ. Өйдөөтөҕүнэ, кини өйдүө, өйөөтөҕүнэ кини өйүө! Мин тыл-өс буоларыгар көрдөһөн, Верховнай Совет Ыччат комиссиятыгар председателин А.В.Мигалкины кытта приемҥа киирдибит. Михаил Ефимовичка балаһыанньаны кэпсээтим. Онно даҕаны кини бэрт оруннаахтык: «Бэйэҕит быһаччы үбүлээһиҥҥэ бардаххытына, дьиэҕитин-уоккутун, кумааҕыгытын кыаныаххыт суоҕа. Онон тирэҕирэр, дьаһайар тэрилтэ наада. Үөрэх министерствотыгар биэриэххэ. Министри кытта кэпсэт, правительствоҕа, В.П.Шамшиҥҥа, суруккун тириэрт, мин өйүөм»—диэтэ. Оччолорго хаһыаппытын сабартан быыһаабыт дьоҥҥо махталбыт муҥура суоҕа…
Биһиги Президеммит М.Е.Николаев кэлэр кэми өтө көрүүлэригэр, оҕону-ыччаты үөрэхтээх, эргиччи сайдыылаах, үрдүк культуралаах гына иитэр туһугар ыытар үлэтигэр-хамнаһыгар оҕо уонна учуутал хаһыаттарын хаһан даҕаны арыылаан кэбиспэт, болҕомтотун далыгар илдьэ сылдьар. Биһиги итэҕэстэрбитин бэлиэтиирэ, хаһыаттары тупсарар туһугар ылар дьаһаллара ону туоһулууллар».