Байанай ыйын чэрчитинэн Ороһуттан төрүттээх элбэх оҕо аҕата, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, социалистическай күрэх кыайыылааҕа, биллэр булчут Михаил Давыдович Иванов сырдык кэриэһигэр уонна төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах булчуттарга күрэх ыытылынна.
Күрэх сыала-соруга: төрөөбүт түөлбэ айылҕатын кэрэ көстүүтүнэн, баай хара тыа маанылаах булдунан, ытык кэрэ сирдэринэн ыччат дьоҥҥо киэн туттууну үөскэтии, саха эр киһитин бултуур-алтыыр дьоҕурун сайыннарыы, уол оҕону булт эйгэтигэр сыһыарыы, айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун тутуһуу, чөл олоххо көҕүлээһин.
Күрэх түһүмэхтэрэ: 1. «Булчуту тургутуу». Көрүҥнэрэ: «Тайах буутун» сүгүү» (бэрэмэдэй сүгэһэрдээх тоҥуу хаарынан сүүрүү);» Тииҥи харахха» (сыал ытыы); «Булчут кутаата» (уот оттуута,муус алларан чэй өрүүтэ, илим түһэриитэ, аты көлүйээһин, сыбыдахтааһын). 2. «Булка тэринии» (саа ыһыыта, хомуйуута). 3. «Тобуллаҕас толкуй» (боппуруостарга эппиэттээһин). 4.»Өбүгэ оонньуута»(«кырынаастааһын»,» ойбонтон уулааһын»). 5. «Моҕустар күрэхтэрэ» (ас аһааһын).
Күрэҕи Үөһээ Бүлүү экология тэрилтэтиттэн О.С. Иванов, Михаил Давыдович кыыһа В.М. Софронова, Ороһуттан П.Р. Романов, Михаил Давыдович сиэнэ А.В. Иванов дьүүллээтилэр.
Күрэх түмүгүнэн «Байанайдаах булчуттар» кылаан ааты уонна М.Д. Иванов оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут 100000 солк. сууммалаах «Байанай» маҕаһыынтан сертификаты олохтоох дьаһалта уонна сынньалаҥ киин холбоһуктаах хамаандата «Байанай» (В.П. Туралысов, В.Е. Туралысов, М.С. Будищев, Вадим Васильев) ыллылар. Иккис миэстэҕэ «Дьөһөгөй» хамаанда (Алексей Павлов, Степан Васильев, Павел Иванов, Владик Таныков) таҕыстылар. Үһүс миэстэни «Мохсоҕоллор» (Дмитрий Константинов, Руслан Огочонов, Иван Васильев, Егор Крылатов) ыллылар. Төрдүс миэстэни «Баартаах Маппый»(Матвей Матвеев, Афанасий Анисимов, Михаил Иванов, Слава Павлов) хамаандата ылла.
Хамаандалар Михаил Давыдович Иванов убайа Н.Д. Иванов, быраата А.Г. Бушков дьиэ кэргэттэрэ, А.М. Винокурова, олохтоох дьаһалта, оскуола, музей ,библиотека, ФАП,АЗС, ОДьКХ кэлэктииптэрэ, урбаанньыттар О.П. Захарова, С.С. Сортолова, С.С. Тумусов, Үөһээ Бүлүү, лесхоз, экология тэрилтэлэрэ, «Аар Тайҕа» хаһыат директора туруорбут бириистэрин тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Күрэх улахан кэнсиэринэн түмүктэннэ.
Мин «Дьөһөгөй» хамаандаҕа киирэн, иккис бочуоттаах миэстэ тиксэн, тус бэйэм илиминэн уонна саха быһаҕынан бириэмийэлэнэн сүргэм көтөҕүлүннэ. Инникитин оскуоланы бүтэриэхпэр диэри итинник ыытыллар күрэхтэргэ кыттыһабын диэн сыал-сорук туруоруннум.
Владик ТАНЫКОВ, Ороһу орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.