Михаил Ефимович Николаев ыһыллыы кэмигэр саха сирин маҥнайгы Президенэ буолбута. Төһө да ыарахан бириэмэҕэ салайбытын иһин, төрөөбүт дойдутун атаҕар туруорбута. Өрөспүүбүлүкэбит экономикатын, үөрэхтээһинин, медицинэтин, спордун, саха норуотун култууратын уонна наукатын өрө тардыбытын бары бэркэ диэн билэбит уонна махтанабыт.
Улахан болҕомтону үөрэх сайдыытыгар ууран оҕолор саҥа уһуйааннарын, оскуолаларын, үрдүк үөрэхтэрин арыллыытын саҕалаабыта. Бэйэтин төрөөбүт дойдутугар, Хаҥалас улууһугар Өктөмҥө, СӨ Наука аччыгый академиятын тэрийбитэ. Билигин ордук сайдыылаах, тупсаҕай аччыгый академия иккис дьиэтэ үлэҕэ киирэн турар.
Сүдү кылаатын спортка укпута. Нэһилиэнньэ доруобуйата тупсарыгар уонна эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларыгар анаан стадион, манеж уонна бассейн туттарбыта. Михаил Ефимович өссө биир улахан өҥөтө – норуоттар икки ардыларынааҕы «Дети Азии» оҕо спортивнай оонньуулара буолар.
«АЛРОСА» диэн күндү тааһы – алмааһы хостооһун, хомуйуу уонна кубулутуу промышленнай тэрилтэтин төрүттээбит киһинэн буолар.
Төрөөбүт дойдубут сайдыытыгар сүрүн оруолу оонньообут киһини биһиги, үүнэр көлүөнэ, бары билиэхтээхпит уонна ытыктыахтаахпыт.
Илона Руфова,
IX кылаас,
Дүллүкү орто оскуолата,
Үөһээ Бүлүү.
1
Бэрткэ суруйар эбит