Биһиги биир дойдулаахпыт, Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев сэтинньи 13 күнүгэр 1937 сыллаахха Орджоникидзевскай оройуонугар Өктөм бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Михаил Ефимович көҕүлээһининэн 1996 сыллаахха «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо спортивнай оонньуулара тэриллибитэ.
Аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар историяларыгар чаҕылхай түгэннэрэ уонна оонньуулар аһыллыылара сүдү бэлиэ түгэннэринэн ахтылыннылар. Оонньуулар Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн аныгы Олимпийскай хамсааһын 100 сылын бэлиэтээһиҥҥэ тэрилибиттэрэ. Спортивнай оонньуу сыала-соруга – Азия-Тиихэй акыйаан регионун оҕолоругар эйэни бөҕөргөтүү, спорт сибээһи олохтооһун, Олимпиада идеяларын пропагандалааһын.
Бастакы оонньууларга 100-тэн тахса эдэр спортсмен Кытайтан, Корея Республикатыттан, Таиланд Королевствоттан, Монголияттан, Казахстантан, Киргизияттан, Бурятияттан, Тываттан, Огинскай автономнай уокуруктартан уонна Саха сириттэн кытыннылар. Спорт аҕыс көрүҥэр эдэр атлеттар: чэпчэки атлетикаҕа, көҥүл тустууга, бокска, дуобакка, саахымакка, дзюдо, оҕунан ытыы, остуол тенниһигэр күрэхтэстилэр.
Быйыл «Азия оҕолоро» ахсыс оонньуута буолар. Покровскайга «Азия оҕолоро» оонньуу уотун эстафетата кулун тутар 20 күнүгэр 2024 с. буолбута. Кулун тутар 19 күнүгэр «Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркатыгар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар уотун уматыы сиэрэ-туома буолбута.
Бу бэлиэ тэрээһиҥҥэ анммыт хайыһар күрэҕэр биһиги оскуолабытыттан Архипов Тимур, Старостин Айан, Соловьева Вика, Архипов Арылхан, Рафаилова Диана, Родионов Артем көхтөөх кыттыыны ылбыттара.
Хаҥалас улууhун Үһүс Малдьаҕар сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын пресс-киинэ