Бүгүн — ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүт күнэ. Кини 50-с сылларга саха оҕото тиэхиньикэни, механизацияны баһылыырыгар эбии хайысхалаах үөрэхтээһини саҕалаабыт киһи буолар. Төһө да ыарахан дьылҕалаах буоллар, модун санаатын булгуруппакка бэйэтин сыалын ситиспитэ, ол курдук уонунан наука доктордара, сүүһүнэн кандидаттар, араас испэсэлиистэр билигин кини аатын үрдүктүк туталлар.
Миша Алексеев 1917 сыллаахха быстар дьадьаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Алта саастааҕар тулаайах хаалар. 11 сааһыгар диэри хамначчыт кэриэтэ үлэлии сырыттаҕына, үтүө санаалаах киһи аһынан, иитэ сылдьар дьонтон күрэтэн, Бүлүү оройуонугар Дьөккөн нэһилиэгэр саҥа аһыллыбыт оскуола интэринээтигэр ыыппыт. Ол кэми Михаил Андреевич бэйэтэ маннык ахтыбыт:
“Мин дьолбор, үөрэх бэйэтин сырдык аанын миэхэ тэлэччи аспыта. Сотору оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ буолбутум. Сырдык ыра тардан, бэйэм даҕаны олус баҕалаах буолан, кэлин улам-улам үөрэххэ дьүккүөр күүһүрэн испитэ. Ити Сэбиэскэй былаас кыра норуокка үтүө дьайыытын сабыдыала этэ. Миигин олоххо, үчүгэй сиэргэ-майгыга бэрт эрдэттэн пионерскай уонна комсомольскай тэрилтэлэр ииппиттэрэ”.
Ол курдук, 12 сааһыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи пионерскай слекка дэлэгээтинэн сылдьан бэрт элбэҕи билбитэ, үгүс сорудаҕы ылан дойдутугар төннөн үөрэҕэ суоҕу үөрэхтиир. Оннооҕор Бүлүүттэн биир куурусса таһааран, оскуола тыыннаах муннугар иитэн, биир дойдулаахтарыгар, кууруссаны иитэргэ көҕүлүүр.
Онтон 14 сааһыгар Томмот оройуонугар оҕо коммунистическай тэрилтэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллар. Үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһар, норуотун олоҕун тугунан эмит чэпчэтэргэ, сырдатарга баҕалаах улаатар. 19 саастааҕар учуутал үөрэҕин бүтэрэн , Орто Халымаҕа саҥа тутулла турар оскуолаҕа үлэтин саҕалыыр. Бу барыта Михаил Андреевич олус эппиэтинэстээх, үлэҕэ бэриниилээх киһи буоларын туоһулуур.
1939 сыллаахха Рязань куоракка пединститут физико-математическай факультетыгар туттарсан киирэн, туйгуннук иккис куурска үөрэнэн истэҕинэ аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Украинаҕа сулууспалаабыта биир сыл ааспытын кэннэ “младший политрук” ааты биэрэллэр.
Дивизиялара сэрии буолбута биир ыйыгар “Зеленая Брама” диэн Украина ойууругар фашистар төгүрүктээһиннэригэр түбэһэн хас эмэ уонунан тыһыынча саллааттар уонна офицердар билиэҥҥэ түбэспиттэр. Манна Михаил Алексеев икки омук тылынан немецтии уонна ангылычаанныы үчүгэйдик билэр буолан тыыннаах хаалбыт. “Мин Владивостокка төрөөбүт японецпын уонна Сэбиэскэй Сойуус киһитэ буолан аармыйаҕа ыҥырыллыбытым”, -диэн олоҕор биирдэ сымыйалаан олоҕун быыһыыр.
“Ол икки тылы мин Орто Халымаҕа учууталлыы сылдьан түүннэри-күнүстэри кэриэтэ үөрэтэн ортотук билбитим. Оччолорго сэрии буолуохтааҕын туһунан ханна да кэпсэтиллибэт да, суруллубат да этэ. Ким даҕаны миэхэ: Кытаат, бу тыллары үөрэт, оччоҕо өлөртөн өрөһүллүөҥ”- диэн сүбэлээбэтэҕэ. Баччаҕа тиийиэх быатыгар бэйэм ис-испиттэн тартаран үөрэппитим, кырдьык, сонно ытыллартан өрөһүйбүтэ. “Язык есть орудие для жизненной борьбы” диэн бэрт өйдөөх этии баар, ону мин олоҕум холобура туоһулуур”- диэн бэйэтин ахтыытыгар суруйбут.
Аны билиэнтэн күрээн кэлбитин кэннэ, “таҥнарыахсыккын” диэн биир сыл устата доппуруостаабыттар. Онтон уон сылга хаайыыга уураахтаабыттар. 1952 сыллаахха эрэ дойдутун булар. Даркылаах биэрэгэр бу сыллар тухары туох да уларыйыы тахсыбатаҕын көрөн:“Хайаан да үрдүк үөрэхтээх учуутал буолан, оҕолору сайдыы суолугар техникаҕа, мехнизацияҕа үөрэтиэм. Норуотум олоҕун сырдатыам”, — диэн бэйэтигэр бигэ андаҕар биэрэр.
Төһө да элбэх мэһэйи, бобууну көрүстэр үтүө дьон көмөтүнэн үрдүк үөрэҕи 1955 сыллаахха баһылыыр. Физик, математик идэлээх, сир биир уһугар, суола-ииһэ суох дойдуга Үөһээ Бүлүү Далырыгар үлэлии барар. Оччолорго Далыр “электричество” диэни билбэт этэ, онно кини үөрэтиитинэн улахан кылаас уолаттара икки этээстээх саҥа тутуллубут оскуола уотун тардыһан, оннооҕор дьиэлэригэр уот лиинийэтин бэйэлэрэ киллэрэллэр. Михаил Андреевич бастакынан орто оскуоланы бүтэттэрбит 22 оҕотуттан 19 – моторист, 21 – киномеханик, 22 – электромонтажник, 13 оҕо – фотограф, 6 оҕо – радист, 22 оҕо – тракторист, 7 оҕо – автолюбитель, 15 оҕо – мотоциклист идэлээх буолбутттара. Ол курдук, новатор учуутал көҕүлээһининэн, олоххо наадалаах техническэй идэлэри оскуолаҕа баһылаан тахсыы саҕаламмыта.
Тыа оҕолорун наукаҕа сыһыарар баҕаттан, бэйэтин уоппускатын харчытыгар киин куорат үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар бытыһыннара сылдьан киллэртиирэ. Ону таһынан, Сэбиэскэй сойуус биллиилээх учуонайдарын кытта быһа сибээстэһэн, саҥа тахсыбыт пособиялары, кинигэлэри суруйтаран, ылларан ону туһанан сайдыылаах сир оҕолоруттан итэҕэһэ суох билиилээх оҕолору бэлэмниир кыахтаммыттара.
Төһө да оннук үрдүк таһымнаахтык үлэлии сырыттар, оччотооҥҥу бэлиитикэ дьоно “таҥнарыахсыт” диэн сирэй-харах анньалларыттан: “Ханна да сылдьыбытым, хайдах да үлэлээбитим иһин куруук өлүөхпэр диэри миигин сойуолуохтара” диэн. Онтон салайтаран, 1956 сыллаахха оччотооҕу ССРС Верховнай Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Климент Ефремович Ворошилов аатыгар үҥсүү суруйбутум. Ол кэнниттэн, үс ыйга тиийбэт кэминэн, били миигин сууттаабыт Хотугу Кавказтааҕы байыаннай уокурук Байыаннай трибунала мин дьыалабын хаттаан көрөн буруйа суох диэн толору реабилитациялаабыта уонна сууттана сылдьыбатах курдук аахпыта. Дьэ онтон эрэ ыла үрүҥ харахпын өрө көрбүтүм, көҥүл салгынынан тыыммытым”,- үтүө аатын чөлүгэр түһэртэрбитин ахтыбыт.
Сойуус норуотун ытыктабылын билиниитин ылбыт, Улуу учуутал атыттартан уһулуччута үөрэнээччилэрин истиҥ доҕордоро эбит. Сарсыарда олох эрдэттэн кэлэн чэбдигирии бэрээдэгинэн оскуола тиэргэнин харбыы, күрдьэ сылдьарын көрөн оҕолор сотору буолаат бэйэлэрэ кыттыспытынан баралларын ахталлар. Кылаастарга, көрүдүөрдэргэ, сайынын тиэргэҥҥэ араас дьэрэкээн сибэкки тэтэрэ тыллара.
Михаил Андреевич Далыртан Бэрдьигэстээххэ көһөн икки сыл үлэлээбитэ. Ол эрэн кэргэнин дойдутугар төннөн олоҕун устата Үөһээ Бүлүү киинигэр Исиидэр Бараахап оскуолатыгар айымньылаах үлэтин салҕаабыта. Үлэтин сулустаах чааһынан биир санаалаахтарын кытта тэрийбит №2-дээх Үөһээ Бүлүүтээҕи физмат оскуолата буолар.
Дьоҕурдаах оҕолору сүүмэрдээн, кабинеттары, лабораториялары,библиотекалары үлэлэппитэ. Ол түмүгэр, оҕолору наука суолугар оскуолаттан киллэрэр систиэмэни олохтообута.
“Саха ыччата аан дойду саамай цивилизованнай ыччаттарыттан биирдэстэрэ буоларыгар киниэхэ бары кыахтар толору бааллар,” – диэн эппитин курдук, кини үөрэнээччилэрэ уһулуччу үчүгэй бэлэмнээхтэрэ бүтүн сойуус үрдүнэн биллибитэ.
Зинаида Григорьева