«Кросс нации» 2004 сыллаахтан ыытыллар. Сүрүн сыала – чөл олоҕу көҕүлээһин уонна Арассыыйа олохтоохторун физическэй култуураҕа сыһыарыы буолар. Балаҕан ыйын үһүс өрөбүлүгэр дойдубут үрдүнэн оҕолор, устудьуоннар, бары үлэһиттэр тахсан сүүрэллэр, тэтимнээхтик хаамаллар.
Академик А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар үгэс быһыытынан сылын аайы«Кросс нации» тэрээһин ыытыллар. Ол курдук, оскуола оҕолоро “Кросс Нации-2022” 1 км сүүрдүлэр .
Кросс түмүгүнэн кыра бөлөххө кыргыттарга I миэстэ— Айысхаана Сокольникова (3 кылаас), II миэстэ — Айталыына Степанова (3 кылаас),III миэстэ— Яна Степанова (4 кылаас); уолаттарга I миэстэ — Тит Неустроев (4 кылаас), II миэстэ— Радомир Баишев (3 кылаас), III миэстэ— Вова Николаев (4 кылаас) буоллулар. Орто сүһүөххэ уолаттартанI миэстэ — Ваня Андросов (8 кылаас), II миэстэ — Афоня Игнатьев (6 кылаас), уонна III миэстэ — Руслан Михайлов (8 кылаас); кыргыттарга I миэстэ — Айсена Степанова (5 кылаас), II миэстэ — Сандаара Степанова (6 кылаас), III миэстэ — Виолетта Андросова (6 кылаас) буолары ситистилэр. Онтон улахан сүһүөххэ уолаттаргаI миэстэ — Алеша Избеков (11 кылаас), II миэстэ — Ярик Алексеев (11 кылаас) уонна III миэстэ— Айсен Карамзин (10 кылаас); кыргыттарга I миэстэ — Лера Слепцова (11 кылаас), II миэстэ — Юля Игнатьева (9 кылаас), III миэстэ — Ангелина Андреева (9 кылаас). Кыайыылаахтар грамотанан наҕараадаланаллар.
Чөл олох – аныгы үйэ аргыһа. Киһи эрчимнээхтик хамсанан доруобуйатын чэбдигирдэр.«Кросс нации» хамсааһын онно көмө буолар. Чөл олоҕу тутуһун, чэгиэн-чэбдик буолуҥ!
Милена Неустроева,
VIII кылаас
«Үктэл» юнкорпост,
Мэлдьэхси, Мэҥэ Хаҥалас