Т.Е.Сметанин “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” кэпсээни ааҕан баран санаабын үллэстиэхпин баҕардым. Бу кэпсээҥҥэ Мэхээлэчээн — кырдьаҕас булчут, оҕо сылдьан бултаабыт сырыыларын сырдатар. Хас биирдии кэпсээнэ олус интэриэһинэй, киһи ааҕа олорон буолбут түгэни хараҕар ойуулаан көрөр. Мэхээлэчээн кыайыылара эрэйдэри баһылаан, күүстээх санаалаах дьоруой уобараһа көстөр. Араас кутталлаах быһылааннарга түбэстэр да, уолуйан хаалбахха, түргэн-тарҕан туттуулаах буолан кыайыылааҕынан тахсар. Ардыгар ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр көрүдьүөс түгэннэргэ түбэһэн ааҕааччы сэргэхсийэн ылар.
Бу кэпсээн оҕолору хорсун, сэрэхтээх, ыарахаттартан толлон турбахха, ыксаллаах түгэн тирээн кэллэҕинэ сымса буоларга үөрэтэр. Мэхээлэчээн мүччүргэннээх сырыылара тута айылҕаны кытта сибээстээх. Хара тыа олохтоохторун соһуччу көрсөн, ардыгар кутталлаах быһылааҥҥа түбэһэн, бу түгэнтэн хайдах быыс булан тахсара көстөр. Айылҕа оҕото диэн бу кинини этэн эрдэхтэрэ. Оҕо айылҕаны кытта алтыһан элбэххэ үөрэнэр, билиитэ кэҥиир, бэйэтигэр туһалааҕы иҥэринэр. Ону тэҥэ тыаҕа сылдьан сэрэхтээх буоларбытын өйдөтөр, санатар.
“Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын, өбүгэлэрбит хайдах бултаан-алтаан олорбуттарын көрдөрөр. Бу кэпсээҥҥэ сахабыт норуота хорсуна-тулуура, мындыр өйө, күүстээх санаата ойууланар дии саныыбын.
Диана Григорьева,
С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын
IX кылааһын үөрэнээччитэ
