Мин аахпыт кинигэм туhунан кэпсиэхпин баҕарабын. Яков Стручков «Мэхээлэчээн булчут туундара5а сырыылара» диэн ааттаах. Бу кинигэ наhаа үчүгэйдик суруллубут, үчүгэй санаалаах, оҕолор чэпчэкитик өйдөөн ылыналлар. Кинигэҕэ элбэх интириэhинэй кэпсээннэрдээх. Олортон саамай сөбүлээбитим «Ытым быhаабыта» диэн буолар. Бу кэпсээҥҥэ Мэхэлэчээн тыаллаах буурҕалаах күҥҥэ үүтээнин булбакка муна сыыспытын, куттаммытын кэпсиир. Арай ыта баар буолан, табалары кытта тэҥҥэ иннигэр баайан, үүтээннэрин буллулар. «Мин ытым өйдөөх ыт» диэн Мэхээлэчээн ытын хайҕыыр.
Ол курдук, кинигэҕэ Мэхэлэчээн бултуу сылдьан ол бу араас түбэлтэлэргэ тубэспитин кэпсиир. Хайдах кыыллары бултаабытын, кутталаах түгэннэргэ тыыннаах хаалбытын. Бу кинигэ хайдах суруллубутун сөбүлээтим. Мин санаабар, бу кинигэ сыала-соруга дьону туох да иhин, иннигэр баран иhэргэ үөрэтэр.
Константинова Ева – Мария, 8 Б кылаас


Уор бөрө кэпсээн олус да учугэй. Киhи бэйэтэ, соҕотох үс бөрөттөн быыhаммыта кэпсээҥҥэ суруллубута олус наадалаах дии саныыбын. Тоҕо диэтэр бу кэпсээни ааҕан, киhи маннык түгэҥҥэ хайдах тугу гыныахтааҕын билэр. Бөрө Мэхээлэчээн сирэйигэр ойон кэлбитэ харахпар ойууланна. Ааҕа олорон бэйэм куттанным, тэҥҥэ долгуйдум. Соҕотох киhи үс бөрөнү сүгэнэн өлөрөрө диэн хорсун майгы дии саныыбын. «Эр санаа, түргэн туттуу киhини өлөр да суолтан быыhыыр» диэн Мэхээлэчээн санаатын өйдөөтүм.
Сыроватская Ольга, 8 А кылаас
Мин бу кэпсээнтэн булчуттар сырыыларын биллим. Ол курдук «Икки кырса» диэн кэпсээҥҥэ булт тэрилин иитэн баран быраҕан кэбиhэр сатамматын биллим. Мэхэлэчээн төhө да элбэх сырыылардаах, араас түбэлтэлэргэ түбэhэ сырыттар, хаhан даҕаны икки кырса тэҥҥэ капкаҥҥа тутуллубуттарын көрбөтөх. Онон бу умнуллубат түгэннэртэн биирдэстэрэ буолар.
Филиппова Надя, ученица 8 А кылаас
