
Мин кылааспын кытта Тимофей Сметанин, Яков Стручков кэпсээннэринэн «Мэхээлэчээн булчут» диэн киинэҕэ сырыттыбыт. Сааскы өрөбүллэр эрэ иннинэ олуһун астынан, сэргээн аҕай көрдүбүт.
Бу киинэҕэ сырдык уонна хараҥа күүс өрүү сэргэстэһэ сылдьаллара көстөр. Ол эрээри хаһан баҕарар үтүө санаа уонна сырдык өрүү кыайыылаах буолан тахсара умсугутуулаах. Мин саамай Мишук уол эһээтин сөбүлүү көрдүм. Кини сиэн уолун улаханнык мөхпөккө эрэ аргыый аҕай олоххо үөрэтэр, сэмэлиир, бэйэтин олоҕуттан холобур аҕалан кэпсиир.
Миша бастаан эрэ истигэнэ суох, атаах, тугу да сатаабат уол курдук көстөр этэ. Кэлин эһэтин Мэхээлэчээни кытта сылдьан үчүгэйгэ эрэ, айылҕаҕа чугас буоларга үөрэннэ. Бу киинэҕэ олус элбэх күлүүлээх да түгэннэр элбэхтэр.
Мин санаабар, оҕолор наһаа сөбүлээн көрдүлэр. Артыыстар сахалыы саҥаран-иҥэрэн, дьиҥнээх олоххо баар курдук оонньоон элбэх дьон болҕомтотун тартылар. Онон, бу киинэ эдэр көлүөнэ ыччаты элбэххэ иитэр уонна үөрэтэр сыаллаах дии санаатым.
Максимова Сандаара 5 “В” кылаас үөрэнээччитэ, 17 № орто оскуолата
Мин “Мэхээлэчээн булчут” (“Мои таежные каникулы”) уус-уран киинэни олус сөбүлээн көрдүм. Буойун суруйааччы Тимофей Сметанин уонна үтүөлээх учуутал Яков Стручков суруйбут «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрин» айымньытыгар олоҕурбут киинэ буолар. Сүрүн дьоруой Мишук уол билиҥҥи кэм оҕолорун быһыыларын толору арыйан көрдөрбүт. Ол курдук, аныгы оҕо курдук, кини суотабай төлөпүөнүнэн, ноутбукка күнү быһа оонньоон тахсар.
Бастаан төрөөбүт күнүгэр төрөппүттэрэ ыт оҕотун бэлэхтээбиттэригэр сөбүлээбэккэ кыыһырбыта. Миэхэ ыт оҕотун бэлэхтээтэхтэринэ мин олус үөрүөм этэ. Ыт – киһи доҕоро дииллэр. Кэлин Мишукка Сэргэх олус чугас доҕоро буолла. Мишук бастаан айылҕаҕа сылдьарын, эһэтин кытта балыктыырын олох сөбүлээбэт. Кини ыраах сибээһэ суох сиргэ сылдьарын астыммат, сороҕор эһэтин да хомотон ылар. Манна остуоруйа курдук Маҥан таба персонаж киирбитэ интэриэһинэй. Мишук ол табаны көрөр, быыһыыр чиэскэ тиксибитэ хайҕаллаах.
Мин санаабар, табанан Ийэ айылҕаны көрдөрбүттэр. Киһи уонна Айылҕа быстыспат сибээстээхтэр. Онон, оҕолорго айылҕаны таптааҥ, харыстааҥ, кини эмиэ тыыннаах диэн тиэрдибиттэр. Бу киинэҕэ сылдьан баран чугас дьоммор, аймахтарбар, доҕотторбор сылдьан көрөллөрүгэр сүбэлээбитим.
Харлампиева София 5 “В” кылаас үөрэнээччитэ, 17 № орто оскуолата

