Бу күннэргэ Тимофей Сметанин уонна Яков Стручков «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» диэн айымньыны ааҕан бүтэрдим. Оҕолорго аналлаах кэпсээҥҥэ Мэхээлэчээн булчут айылҕаны кытта ыкса сибээстээх олоҕо, булка сыһыана, тайҕаҕа сылдьар үгэстэрэ, кыыллары-көтөрдөрү кытта ытыктаһар доҕордоһуута кэпсэнэр.
Кини олоххо уонна айылҕаҕа дириҥ билиилээх, өйдөөх-төйдөөх киһи буоларын көрдөрөр. Ол хаһан баҕарар кэрэхсэбиллээх буолар: оҕолору айылҕаны харыстыырга, кыылга-көтөргө сөптөөхтүк сыһыаннаһарга, хорсун уонна дьулуурдаах буоларга, өбүгэ үгэһин ытыктыырга үөрэтэр. Булчут Мэхээлэчээн курдук, бэйэни салайынарга, кыһалҕаттан тахсарга, олох уустуктарын тулуйарга бэртээхэй холобур буолар. «Айылҕа — ийэбит» диэн өйдөбүлү биэрэр.
Саамай өйдөөн хаалбыт түгэним: биир түгэҥҥэ Мэхээлэчээн бултуу барбытыгар, ытык маска сүгүрүйэн, айылҕаттан көҥүл ылан бултуура, онтон булдун аҥарын хаалларан, махтанан барара. Бу быһыы киһи айылҕаны кытта тэҥ буолуохтааҕын, «бэйэҕэ эрэ анаан олорума» диэн дириҥ суолтаны биэрэр.
Александр ФЕДОРОВ, «Уткин сонуннара» медиакиин эдкора.
Марха орто оскуолата, Ньурба.
keskil14.ru
