Россия үөрэнээччилэрин хамсааһынын Саха сиринээҕи салаата “Сосновай бор” оҕо сынньанар уонна чэбдигирэр киинигэр хамсык кэнниттэн аан бастакы тус хайысхалаах “Медиавызов” симиэнэни олунньу 18 күнүттэн олус көхтөөхтүк үлэлэтэ турар. Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан талааннаах, актыбыыс үөрэнээччилэр кэлэннэр, астына-дуоһуйа сынньана, үөрэнэ, бэйэ-бэйэлэрин кытары билсэ-көрсө сылдьаллар.
Сменэҕэ уопсайа 60 оҕо баар. Кинилэр 4 хайысхаҕа арахсаллар: фоторепортаж, видеоблоггинг, социальнай ситимнэр уонна радиорубка. Бу хайысхаларынан симиэнэ тухары элбэҕи билэллэр, үөрэнэллэр. Араас интэриэһинэй көрсүһүүлэр ыытыллаллар. Ол курдук ааспыт үс күн тухары Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын суруналыыстара “Медиаграмотность – инструмент успеха” диэн тиэмэнэн салайтаран, бэсиэдэлэри тэрийдилэр. Оҕолордуун атах тэпсэн олорон, б илиҥҥи кэм киһитэ үгүс-үтүмэн информация ортотугар тугу быһаарса, билэ үөрэниэхтээҕин туһунан ырытыстылар, оонньуу оонньоттулар, анкета толоттордулар, ону тэҥэ ыллаан-туойан да ыллылар.
“Фоторепортаж” хайысха бөлөҕүн оҕолоро “Блогер” диэн тиэмэҕэ сурунаал айан оҥордулар. Ким худуоһунньук, дизайнер буолла, ким корреспондеҥҥа, фотографка холонно.
Вера Петрова.