Сэтинньи 7 күнүттэн «Сосновый Бор» киин иһинэн, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Медиавызов» смена ыытар. Төрдүс «Үтүө майгыҥ — көтөр кынатыҥ» хамаанда лиидэрэ Краснослав Васильев кэпсиир:
— Ньурба улууһун Н.И. Кочнев аатынан Хаҥалас орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэбин. Медиа-кииҥҥэ кыра сааспыттан сылдьабын. Манна сылдьан улуус сонуннарын сөбүлээн ааҕабын, суруйабын. Оскуолабар видеону уһулууга, таҥыыга уонна сценарий суруйууга эппиэтинэстээҕинэн сылдьабын. Учугэйдик суруйарга уонна дизайн өттүгэр үөрэниэхпин баҕарабын.
Саамай сөбүлүүр предметтэрим — ангылыйалыы тыл уонна информатика. Сөбүлүүр дьарыгым — айылҕаны түһэрээһин. Астынан, дуоһуйан, иккис сылбын дойдум кэрэ сирдэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэбин.
Суруналыыс сирдээҕи анала — дьоҥҥо интэриэһинэй уонна сөптөөх чахчылары, сонуннары сырдатааһын. Билиҥҥи ыччат, хас көлүөнэ ахсын буоларын курдук, араас. Ол эрээри, саҥаны билэ сатыырбыт, сырдыкка тардыһарбыт элбэҕи этэр дии саныыбын.
Кристина Оконешникова, Айсен Егоров,
«Медиавызов» смена