Быйылгыттан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэн, саха оҕото төрөөбүт тылын дириҥэтэн үөрэтэригэр, сахалыы сайа саҥарарыгар олус интэриэһинэй хамсааһыны саҕалаата, ол курдук ый ахсын 40 оскуола сахалыы тылынан тэттик үөрэтэр видеолары уста сылдьабыт.
Кэскиллэр тэҥҥэ үлэлэһэр оскуолаларын өйөөн, сэтинньи ыйга «Бэс чагда» оҕо лааҕырын дьиэтигэр-уотугар олус сэргэх «Медиавызов» диэн смена үлэлэттилэр. Манна биһиги оскуолабытыттан 4 оҕо саҥаны билэн-көрөн, бэйэлэрин билиилэрин хаҥатан, медиа өттүгэр бырайыактары оҥорон, элбэх оҕону кытта билсиһэн, доҕордоһон, сүрдээх үчүгэйдик сынньанан кэллилэр. Кинилэр санааларын истиэҕиҥ эрэ.
Спартак Федоров, 9 кылаас: “Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ. Киһи араас майгылаах буолар: үтүө, мөкү даҕаны. Ол да буоллар үтүө барытыгар кыайар уонна күүстээх буолан тахсар. Ол курдук мин “Бэс чагда” лааҕырыгар сырыттым. Миэхэ туох саамай өйдөнөн хаалла? Дьон. Бастаан тиийээт, хайдах эрэ чуҥкуйбутум. Ол кэннэ оҕолорбун көрүстүм уонна төһөлөөх үтүө санаалаах дьон мустубутун билбитим кэннэ сүрдээҕин астыммытым. Хас биирдиилэрэ олус талааннаах оҕолор. Алмаас таас кэриэтэ күлүмүрдүү, сырдыгынан сыдьаайа сылдьаллар. Биһиги пресс-кииммит аата “Үтүө майгыҥ – эн көтөр кынатыҥ” диэн этэ. Онно төһөлөөх элбэх интэриэһинэй видеороликтары устан, тэҥҥэ үлэлээн, күлэн биэрбиппит буолуой?! Лааҕыр – эн дьиэҥ курдук буолар. Бу түгэннэр хаһан да хатыламматтар уонна киһи санаатыгар саамай күндү өйдөбүл буолан хаалаллар”.
Лейла Алексеева, 6 кылаас үөрэнээччитэ: «Мин “Сосновый бор” лааҕырга сынньанан, үөрэнэн кэлбитим. Лааҕыр диэн наһаа үчүгэй эбит. Олус үөрдүм. Элбэх оҕону кытта билистим. Араас үҥкүүлэри бэлэмнээбиппит”.
Алина Аммосова, 6 кылаас үөрэнээччитэ: «Лааҕырга оҕолор олус эйэлээхтэр, доҕордуулар. Аһаталлара олус минньигэс. Бары үөрэ-көтө сылдьаллар, биһигини элбэххэ үөрэттилэр. Өссө да лааҕырга барыахпын баҕарабын».
Алина Гаврильева, 7 кылаас үөрэнээччитэ: «Мин бу сылга бастакыбын лааҕырга сырыттым. «Сосновый бор» лааҕыр олус үчүгэй эбит. Биһигини күҥҥэ биэстэ аһаппыттара, олус минньигэс астаахтар, үлэһиттэрэ олус эйэҕэстэр. Биһигини баһаатайдарбыт ыллатар, үҥкүүлэтэр этилэр. Саамай сүрүн үөрэхпит — видеоны сатаан уһуларга, хайдах үчүгэйдик монтажтыырга үөрэппиттэрэ. Мин аан бастаан лааҕырга барбыт буоламмын, лааҕыр диэн үчүгэйин биллим, элбэх оҕону кытта билистим, республика араас муннуктарыгар табаарыстарым элбээтилэр».
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын медиакиинэ.