Статистика көрдөрөрүнэн, билигин кэргэнниилэр арахсыылара олус элбээтэ. Ол түмүгэ — эдэр дьон майгыта, эр киһиэхэ уонна дьахтарга сыһыана тосту уларыйыан, оҕоҕо күүстээх охсуу буолуон сөп. Арахсыы төрүөтэ туохханый? Тоҕо арахсыы аһара элбээтэ?
Бэс ыйын 9 күнүгэр “Медиация шагает по стране: пункт назначения — Якутия” диэн төгүрүк остуол буолан ааста. Манна психологтар, юристар, конфликтологтар уонна үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, суруналыыстар кыттыыны ыллылар. Медиатор идэтин тула олус интэриэһинэй кэпсэтии буолла.
Медиаторы бэйэтин кытта көрсөн сэһэргэһэргэ сананным. Туйаара Алексеевна Замятина — идэтинэн юрист, предприниматель, медиатор:
— Бүгүн дьиэ кэргэн медиациятын туһунан сырдаттым. Бастатан туран, медиатордар көмөлөрүнэн арахсар ыал аҕыйыырын туһугар биһиги үлэлиибит.
— Ол аата медиация диэн боростуойдук туох өйдөбүллээҕий?
— Медиация — диэн олох улахан хайысха. Өйдөбүлэ олус киэҥ. Холобур, “Бизнес медиация” диэн баар. Тэрилтэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта үлэлэһэллэригэр өйдөспөт түгэн тахсар, ону быһаарар медиатордар бааллар. Иккис улахан хайысха “Семейная медиация” — арахсар дьоҥҥо көмөлөһөр, эбэтэр дьиэ кэргэн эйгэтэ үрэллибэтигэр көмө буолар. Өссө биир улахан хайысха “Школьная медиация” диэн. Оскуола иһигэр төрөппүттэр, учууталлар, оҕолор өйдөспөт түгэннэригэр көмөлөһүү. Медиация диэн кэпсэтиһии хаамыыта. Дьон бэйэ-бэйэтин кытта кэпсэтэригэр, уопсай тыл буларыгар көмөлөһөн, салайан биэрэр технология.
— Маннык көмөҕө наадыйар дьон ханна тиийэбитий?
— Саха сиригэр үлэлиир медиатордар билиҥҥитэ уопсайа түөрпүт эрэ. Сорохтор саҥа үөрэнэн бүтэн эрэллэр. Дьиҥэ идэлээхтэр бааллар эрээри, медиациянан үлэлээбэттэр. Тоҕо диэтэххэ, үөрэх хайысхатынан дьарыктаналлар. Баҕалаах дьон биһигини “СӨ медиациятын киинэ” диэн саайтан булуоххутун сөп. Онно сайаапка ыытаҕыт. Бу манна сигэнэн киирдэххитинэ барыта өйдөнүмтүөтүк сиһилии көстөр: https://www.xn--80aaapetb1a6b2br3i.xn--p1ai/ Оннооҕор медиатордары бэйэҕит талар кыахтааххыт.
— Эн санааҕар арахсыы төрүөтэ туохха сытарый?
— Росстат дааннайдарын көрдөххө, Саха сиригэр 2021 сыллаахха 5500-тэн тахса ыал холбоспут, ол гынан баран 4000 тыһыынчаттан тахса ыал арахсыбыт. Ити 75% арахсыы. Олус хомолтолоох көстүү. Оттон Дьокуускай куорат үрдүнэн ыллахха, 9 ый түмүгүнэн статистиканы көрдөххө, дьиэ кэргэн 63 % үрэллибит. Ол аата сыл устата иччэ элбэх ыал арахсыы суолун талбыт. Санаан көрдөххө, сокуонунан холбоспокко олорор ыал төһө элбэҕэ биллибэт.
Арахсыы барыта оҕоҕо охсуулаах буолар. Холобур, медицинэ үлэһиттэрэ этэллэринэн, хас биирдии арахсыбыт ыал оҕото ньиэрбэ ыарыылаах буолуон сөп. Элбэх оҕо тыыннаах төрөппүттэрдээх олорон, биир төрөппүтүн кытта билсибэт даҕаны түгэннэрэ үгүстэр. Ол эмиэ оҕо уйулҕатыгар улахан охсуу. Инник түгэннэр ахсааннарын медиатор аччатыан сөп. Ис дьиҥэр хаһыстахха, эдэр дьон бытархай кыһалҕаттан арахсарга сананаллара баар суол. Улаатан истэхтэрин аайы олоххо көрүүлэрэ уларыйар, ол кэмҥэ өйдөспөт түгэннэр тахсаллар, ону сатаан туораабакка атырдьах маһыныы арахсан хаалаллар. Медиацияҕа кэллэхтэринэ санааларын этинэн, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, биир түмүккэ кэлиэхтэрин сөп.
— Оччоҕо медиация диэн үгүс ыалга олус наадалаах, туһалаах буоларын туһунан дьоҥҥо тиэрдиэххэ наада эбит дии!
— Оннук. Билигин медиацияны олох аҕыйах киһи өйдүүр. Саҥа арыллан эрэр идэ буолар. Арассыыйаҕа 1996 сылтан киллэрэ сатыыллар, Санкт-Петербургтан саҕаламмыта. Олох биирдиилээн эрэ үөрэтэллэр. Билигин Москваҕа, Санкт-Петербурга, Екатеринбурга бааллар. Дьон саҥа психологтарга сылдьа үөрэнэн эрэр. Ол иһин медиация олоххо киирэрэ бытаан, ыарахан.
— Медиатор идэтин ким баһылыан сөбүй?
— Ылбычча киһи ылыммат идэтэ. Уустук, толкуйдатара, ырытыыта элбэх. Ол эрэн, дьоҥҥо көмөлөһөр, сирдиир, салайар, ис сүрэхтэн үлэлиир медиатордар элбэхтиэрэ этэ диэн эрэнэбин.
— Эдэр ыччакка, эдэр төрөппүккэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Тута суукка арахса барбакка, бастаан бэйэ-бэйэҕитин өйдөһө сатааҥ. Медиатордарга, психологтарга сылдьан тапталгыт суолун көннөрөргө кыһаллыҥ. Дьиэ кэргэҥҥитин харыстааҥ!
Нюргуяна Захарова