Үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо кыһата тэрийэн ыыппыт вебинарыгар балаҕан ыйын 1 күнүттэн, саҥа үөрэх дьылыттан, 40 пилотнай оскуолаҕа медиа-оскуолалар үлэлииллэрин туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Олор истэригэр Сунтаар 1-гы нүөмэрдээх оскуолата киирдэ. Манна оскуола иһинэн эдкордар куруһуоктарын салайар, бэйэтэ математика учуутала Анна Иванова санаатын этэр:
— Үөрэх тэрилтэлэригэр медиа-оскуола арыллара тоҕоостоох дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, бу кэлиҥҥи кэмҥэ оҕолор төрөөбүт тылларынан саҥарбат буоллулар, нуучча уонна английскай тылга көстүлэр. Кэлиҥҥи үс сылга оҕо төрөөбүт тылынан саҥарбат буолла уонна ону таһынан, хомойуох иһин, билбэт да буолла.
Медиа-оскуола арыллара тоҕоостоох кэм. Маассабай иһитиннэрэр-биллэрэр средстволар уонна оскуола ситимнээхтик үлэлээтэхтэринэ, төрөөбүт тылбыт — сахабыт тыла сайдыаҕа дии саныыбын.
Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар бу үөрэх дьылыгар медиа-оскуола арыллар. Ааспыт сылга медиа куурус буолбута, онно үөрэммиппит. Онтон саас биһиги оскуоланы СМИ-гэ үчүгэйдик үлэлиигит диэн талбыттарын олус үөрэ истибиппит, онон үлэлииргэ бэлэммит.
Маннык саҥа сүүрээн киирэрэ биһирэнэр, оҕолор суруйарга да, интервью ыларга, видеоконтент устарга үөрэниэхтэрэ уонна суруналыыстыка салаатыгар киирэллэригэр чэпчэки буолуоҕа дии саныыбын.
keskil14.ru